Ороһубут нэһилиэгин 125 сыллаах өрөгөйүн эмблематын күрэҕин кыайыылааҕа билиннэ

Тапталлаах Ороһубут нэһилиэгэ 125 сыллаах өрөгөйүн көрсө, “Ороһу нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата уонна Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотека юбилейнай эмблема уонна бэргэн этии күрэҕин биллэрбиппит. Күрэххэ уопсайа аҕыс бэргэн этии уонна алта эмблема кыттыыны ылла. Үлэлэри Ороһу нэһилиэгин тэрилтэтин салайааччылара уонна депутаттар сыаналаатылар. Күрэх кыайыылааҕа, билигин Дьокуускай куоракка үлэлии-хамныы олорор биир дойдулаахпыт Анна Николаевна […]

Филологическай наука кандидата Георгий Романович Кардашевскай төрөөбүтэ 110 сылын көрсө уран тыл түһүлгэтэ

Олунньу 13 күнүгэр төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн саха тылын, литературатын биллэр пропагандиһа, чинчийээччитэ, филологическай наука кандидата, ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт, литературнай критик, биллиилээх мэтэдиис-учуутал, киэн туттар биир дойдулаахпыт Георгий Романович Кардашевскай төрөөбүтэ 110 сылын көрсө, Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотекатыгар, Ороһу орто оскуолатын уонна уһуйаан иитиллээчилэрэ кыттыылаах уран тыл түһүлгэтэ буолан […]

Ньурбаҕа оҕо тыйаатырын куруһуогун салайааччыларын, оҕолорун түһүлгэтэ

 Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатырга отутчаа сыл бэриниилээхтик үлэлээбит “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл кавалера,Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин,ССРС култууратын уонна култуура үлэһиттэрин профсоюһун Бочуотунай грамоталарын хаһаайына,”Туйгун үлэтин иһин” ССРС култууратын бэлиэ хаһаайына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа,Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,үлэ бэтэрээнэ Дмитрий Егорович Иванов- Артыыс Миитэрэй быйыл ахсынньы 25 күнүгэр төрөөбүтэ 90 сыла туолар. Кини 2005 […]

“Охчуттарбыт ситиһиилэрэ”

Спорт араас көрүҥэринэн дьарыктаныы эти-хааны чэбдигирдэрин таһынан өссө дисциплинаҕа, эппиэтинэстээх буолууга эрчийэр. Ороһубут нэһилиэгэр Бүлүү Тылгынытыттан төрүттээх оҕунан ытыыга уонна кикбоксиҥҥа тренер Аян Егорович Григорьев 2025 сыл үөрэх дьылын саҥатыгар үлэлии кэлбитэ. Кэлээт, урут ханнык да спорт көрүҥүнэн дьарыктана илик оҕолору, икки ый иһигэр эрчийэн бу билиҥҥи күҥҥэ ситиһиилэрэ үгүс. Тохсунньу 30 күнүгэр Сунтаар улууһун […]

Таҥха – ыраастаныы, сааһыланыы, сыал-сорук ылыныыта.

Таҥха кэмэ (святки) сахаларга нуучча норуота олохсуйуоҕуттан, православнай итэҕэл үөдүйүөҕүттэн олохпутугар-дьаһахпытыгар дириҥник киирбитэ. Ол эрээри саха омук былыр-былыргаттан, олох хамсааһынын дьүөрэлии, айылҕа тыынынан олорбут буолан, томороон тымныы кэмнэрэ иһийии, сааһыланыы уратылаах кэмэ буолаллара. Таҥха Хаан Тойон саха итэҕэлигэр орто дойду олоҕун хаамыытын салайар үрдүкү таҥаралартан биирдэстэрэ буолар. Тумарык түүлү бүрүнэн Таҥха Хаан Тойон сири-сибиири сабардаан […]

Минньигэстик уонна доруобуйаҕа туһалаахтык.

Саргылаах саҥа дьылбыт кэлэрэ номнуо нэдиэлэ кэриҥэ хаалла. Хас биирдии алаһа дьиэҕэ бырааһынньыктааҕы сүпсүлгэн – ким чугас дьонугар бэлэх көрдөөн лааппылары кэрийэр, ким оҕолоругар маскарад тэрийэн түбүгүрэр, саҥа дьыл иннинээҕи сууйуу-сотуу уо.д.а. киһи сүрэҕин үөрдэр тэттик түбүктэр. Онтон хас биирдии хаһаайка барыта да эрдэттэн алыптаах киэһэ чугас дьонун, ыалдьыттарын тугунан күндүлүүбүн диэн толкуйга түһэр. Саҥа […]

“Кустук сэттэ өҥүн оонньотор Уйбаан Ороһуунускай 80 сыллаах өрөгөйүн түһүлгэтэ”

 “Кустукпут” көй салгыныгар көччүйэн, “Ороһу” эбэбит эриэккэс көстүүтүн кэрэхсээн, норуот мындыр толкуйун үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит уус тыллаах дьоммутугар уһуйуллан Ороһу сириттэн-уотуттан Петр Тобуроков, Семен Руфов, Василий Гольдеров курдук саха биллииллээх суруйааччылара тыыллан-хабыллан тахсыбыттара. Убайдарын үтүө холобурдарыгар уйдаран Уйбаан Ороһуунускай сэмэйдик, туспа ача от буолан өрө аспыта. Тааттаны уус-уран тыл биһигэ, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Платон […]

Кэлэр 2026 сыл уот кыһыл ат сыла. Хайдах көрсөбүт?

От күөх мас моҕойун сыла бүтэрэ номнуо биир ый хаалла. Онтон кэлэр 2026 сыл, илиҥҥи халандаарынан уот кыһыл ат сыла буолар. Алаһа дьиэбитигэр дьол-соргу, уйгу-быйаҥ тосхойорун туһугар кэлэр сылы хайдах көрсөбүт? Тугу кэтэбит? Остуолбутун хайдах тардабыт? Уот кыһыл ат кытай гороскуобугар сэттис кыыл буолар – кини көҥүлү, эрчими, инники күөҥҥэ буолары ордорор. Онон кэлэр сыл […]

“Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм “Тулуйхан” дьоро киэһэтэ

“Поэттар дириҥ иэйиилээх хоһооннорун мелодистар ырыа гынан таһааран көтүтэллэр. Ол аата, биир темаҕа кинилэр айар илбистэрэ иэйэн, ситимнэрэ холбоһон саҥа ырыаны төрөтөн кэбиһэллэр”. Уйбаан Ороһуунускай 1994 сыллаахха “Үөһээ Бүлүүлэр ыллыыллар” кыракый хомуурунььук күн сирин көрбүтэ. Ырыанньык-поэт Иван Еремеевич Иванов – Уйбаан Ороһуунускай уонна мелодист Егор Ильич Неустроев – Тулуйхан улууспут мелодистарын ырыалара уостан түспэттии норуокка […]

“Иэйиэхсит уһуйар уйата”

1990 сыллаахха пионерскай, комсомольскай тэрилтэлэр суох буолбуттарыгар: “Оҕону, ыччаты хайдах түмпүт киһи?”, – диэн санааттан Ороһу орто оскуолатын төрүт культуратын учуутала Михайлова Нина Никитична “Уйан сүрэх” оҕо түмсүүтүн тэрийбитэ. Ол онтон ылата номнуо 35 сыл ааһа оҕуста. Оччотооҕуга кырачаан оҕолор билигин номнуо түс-бас улахан дьон буолан дойдубут араас муннуктарыгар, бэл диэтэр кыраныысса таһыгар тайаан олороллор. […]