Тапталлаах Ороһубут нэһилиэгэ 125 сыллаах өрөгөйүн көрсө, “Ороһу нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата уонна Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотека юбилейнай эмблема уонна бэргэн этии күрэҕин биллэрбиппит. Күрэххэ уопсайа аҕыс бэргэн этии уонна алта эмблема кыттыыны ылла. Үлэлэри Ороһу нэһилиэгин тэрилтэтин салайааччылара уонна депутаттар сыаналаатылар. Күрэх кыайыылааҕа, билигин Дьокуускай куоракка үлэлии-хамныы олорор биир дойдулаахпыт Анна Николаевна Бурцева (Крылатова) буолла. Санатар эбит буоллахха, Анна нэһилиэкпит элбэх оҕолоох, киэн туттар ыала Крылатовтар улахан кыыстара буолар. 2008 с. Ороһу орто оскуолатын бүтэрээт дизайнер-художник идэтин баһылаабыта. Кэлин ХИФУ уһуйаан педагога идэтин бүтэрэн идэтинэн үлэлии-хамныы сылдьар.

“Хотун Бүлүү” монумент автора, киэн туттар биир дойдулаахпыт Егор Крылатовы удьуордаан Анна эмиэ илиитигэр олус талааннаах. Кэлиҥҥи кэмҥэ сөбүлүүр дьарыгын бизнес оҥорон “Ajarqa:na” диэн творческай студиялаах . Улахан да дьон, оҕолор да олус сөбүлээн, умсугуйан дьарыктанар сирдэрэ буолар. Анна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах ийэтэ. Өрөгөйдөөх сылынан биир дойдулаахтарыгар субу курдук истиҥ тыллары тиэрдэр: Күндү биир дойдулаахтарым, Ороһу үбүлүөйдээх сылынан Эҕэрдэбин ыытабын. Баҕарыам этэ тапталаах Ороһубут үүнэ-сайда чэчирии турарыгар.

Эмблема ис хоһооно: өбүгэлэрбит үлэлээн-хамсаан олорон ааспыт сирдэрин Кустук көстүүтэ уонна аатырбыт сүүрүк аппыт “Точка”.
Бэргэн этиитэ: “Үлэттэн дьоллонор үтүөкэн дьоннордоох, дойдум миэнэ, Ороһу”
Талааннаах биир дойдулаахпытын кыайыытынан эҕэрдэлиэххэйиҥ уонна инниктин да өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарыаххайыҥ!