Таҥха – ыраастаныы, сааһыланыы, сыал-сорук ылыныыта.

Таҥха кэмэ (святки) сахаларга нуучча норуота олохсуйуоҕуттан, православнай итэҕэл үөдүйүөҕүттэн олохпутугар-дьаһахпытыгар дириҥник киирбитэ. Ол эрээри саха омук былыр-былыргаттан, олох хамсааһынын дьүөрэлии, айылҕа тыынынан олорбут буолан, томороон тымныы кэмнэрэ иһийии, сааһыланыы уратылаах кэмэ буолаллара. Таҥха Хаан Тойон саха итэҕэлигэр орто дойду олоҕун хаамыытын салайар үрдүкү таҥаралартан биирдэстэрэ буолар. Тумарык түүлү бүрүнэн Таҥха Хаан Тойон сири-сибиири сабардаан турар кэмигэр саанааны сааһыланар, сыал-сорук туруорунар, бэл өтө көрөр табыгастаах кэм буолар.

Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт элбэх оҕолоох ыал ийэтэ, Ороһутааҕы Иванов Д.Е. – Артыыс Миитэрэй аатынан норуот тыйаатырын режиссера, чараас эйгэлээх Розалия Акимова – Розали Сулус:

“Бастатан туран билгэ, таайтарыылаах таҥха, көрүүлэнии кэмэ кэлбитинэн итии-истиҥ эҕэрдэ! Чараас эйгэ ситимигэр үлэлээбитим номнуо үс аҥаар сыл буола охсубут. Бастаан “арыллыы” 2020 сыллаахха кэлбитэ. Эрээри оҕо эрдэхпинэ, аҕыс сааспар улаханнык “арыллан” испитим, ону эһээм миигин харыстаан Бүлүү ойуунугар тиийэн үтэйдэрбитэ. Ол да буоллар бу кэлин сааспын сиппиппин кэннэ, колледжка үөрэнэ сырыттахпына кэлиэхтээх кэлэн түүлүмсэх, сэрэйимтиэ буолан барбытым. Онтукайым сылдьан эрэн эмиэ сүтэн хаалбыта. Онтон дьэ кэлин олох охсуута, өрө-таҥнары тутуута эйгэм тахсарыгар кэлбит эбит. Эмискэччи илиибэр таро хаартытын туппутум – ол түгэн барытын быһаарбыта. Үөрэнээт да сарсыныгар расклад оҥорон барбытым, хайдах эрэ бэйэтэ бэйэтиттэн тахсан иһэр курдуга. 2023 сылга номнуо таро хаартыга идэтийбитим. Кэлин рунаннан дьарыктаммытым, салгыы сиэттэрэн хомуһунан ыраастыыр, арчылыыр буолбутум.

Таҥха кэмэ диэн чуумпуруу, налыйыы, бэйэни истии кэмэ буолар. Бу кэмҥэ араас улахан тыас-уус тахсыа суохтаах. Аа-дьуо наллаан ыытар оруннаах таҥха оонньуутун. Оонньуу курдук, наһаа күүскэ ылыммакка, өбүгэ ньымаларынан инникини сэгэтэн көрүөххэ сөп. Эрээри былыр үйэҕэ барбыт дьон дууһаларын аймыыртан, ыҥырартан туттунуҥ диэн этэбин. Былыр үйэ өлбүт киһи баҕар хаттаан эргиллэн кэлбит буолуон сөп, сыыһа быһыыттан тыыннаах киһи уйулҕата хамсыыр куттала баар.

Салгыны сатарыппат судургу оонньуулары сүбэлиибин – түннүк анныгар хаар сиидэлээһин, түөрэх быраҕыы, күлүк көрүүтэ, чүмэчи сыатын кутуу уо.д.а.

Таҥхаланыы киһи уйулҕатыгар чараас эйгэ ситиминэн кэлэр. Сахалар манна наһаа чугаспыт – өбүгэлэрбит итэҕэллэрэ буолар, онон хааммытыгар баар. Өбүгэлэрбит олус муударай этилэр – биһиги инникибитин өтө көрбүттэрэ. Онон таҥха кэмигэр сахабын диир дьоҥҥо чараас эйгэ арыллан бэйэни сааһыланыыга көмөлөһөр.

Мин баҕарабын хас биирдии киһи ыраас санааҕа, өйдөбүлгэ тиийэригэр. “Кусаҕан”, “ыарахан” диэн тыллар киһини баттыыллар, олору киэр кыйдыахха. Саха дьоно күннэрин көмүлүөк оһохторун аал уотугар ыраастанан саҕалыыллара. Биһиги эмиэ өбүгэлэрбит сиэрдэрин тутуһан кэмиттэн кэмигэр ыраастана сылдьыахха. Биһиги күүспүт итэҕэлбитигэр. Итэҕэллээх киһи инникилээх, харысхаллаах. Аныгы дьон наһаа күннээҕиннэн олорор буоллубут, олохпут да тэтимэ оннук. Онон кэннибит диэки хайыһан, инникибитин анааран саха буолан сандаарыах, киһи буолан килбэйиэх!”

Жанна Иванова