“Кустукпут” көй салгыныгар көччүйэн, “Ороһу” эбэбит эриэккэс көстүүтүн кэрэхсээн, норуот мындыр толкуйун үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит уус тыллаах дьоммутугар уһуйуллан Ороһу сириттэн-уотуттан Петр Тобуроков, Семен Руфов, Василий Гольдеров курдук саха биллииллээх суруйааччылара тыыллан-хабыллан тахсыбыттара. Убайдарын үтүө холобурдарыгар уйдаран Уйбаан Ороһуунускай сэмэйдик, туспа ача от буолан өрө аспыта. Тааттаны уус-уран тыл биһигэ, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Платон Ойуунускай түөлбэлэрэ диэн этэр буоллахха, Үөһээ Бүлүү сэбиэскэй кэмҥэ тыл ымыыта түспүт сирэ диэн киһи хорсуннук этэр.
Ахсынньы 5 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сиринээҕи айылҕа харыстабылын туйгуна, Россия суруйааччыларын, суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Россия географическай обществотын чилиэнэ, академик, народнай медицинэ профессора, краевед, топонимист, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иванов Иван Еремеевич – Уйбаан Ороһуунускай төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах Ороһу нэһилиэгин Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинигэр «Кэриэс тылым туолбут, кэрэ бэлиэ буолбут…» төгүрүк остуол уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи «Олоҥхо дьиэтигэр» «Уран тыл умсулҕана угуйан» литературнай-музыкальнай ахтыы киэһэтэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Тэрээһин Айыыһыт Ийэ Хотун “Кустук сэттэ өҥүн оонньотор”, – уол оҕону орто дойдуга ыыппыт кэрэ түгэнин дьүһүйүүтүттэн саҕаланна. Чахчы алаадьы дыргыл сытын таһааран, Ороһубут кэрэ сирдэрин улахан экраҥҥа көрдөрөн залга мустубут дьон бука бары биир турукка киирэн үөрүүлээх түгэммитин саҕалаатыбыт.



Төгүрүк остуолга кыттыыны ыллылар: «Ороһу нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Анатолий Васильевич Антонов, «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгы солбуйааччыта Анна Михайловна Уларова. Биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Норуодунай бэйиэтэ Саргылана Васильевна Гольдерова – Саргы Куо. Иван Еремеевич кэргэнэ, сэрии кэмин оҕото, үлэ бэтэрээнэ, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, тапталлаах эбээ, хос эбээ Степанида Михайловна Иванова. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Дьокуускай куорат 38- с № – дээх орто оскуолатын директора Тюркана Ивановна Сергеева, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна Гуннара Ивановна Байгильдина – Ороһуунускайа уонна РФ сибээһин маастара, Республика культураҕа кылаатын иһин бэлиэ хаһаайката, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Иван Еремеевич үөлээннээҕэ Мария Васильевна Нянникова. Төгүрүк остуолу иилээн-саҕалаан ыытта кииннэммит библиотечнай ситим Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна Жанна Семеновна Иванова.



Аҕа баһылык Антонов Анатолий Васильевич народнай поэт аатын сүкпүт Саргылаана Васильевна Гольдерованы эҕэрдэлээтэ, Уйбаан Ороһуунускай кэргэнин, кыргыттарын эҕэрдэлээн, махтанан туран Ороһу нэһилиэгин аатыттан барыларыгар сибэкки дьөрбөтө уонна дойдуларын арыытын бэлэх уунна.
Иван Еремеевич аҕата Еремей Иванович Иванов Ньурба Таркаайытытан төрүттээх. Уйбаан оҕо сылдьан күүскэ ыарытыйан Сунтаарга эмтэнэ балыыһаҕа киирээри турдаҕына: “Сүөм түһэр күннээх буоллаххына өбүгэлэриҥ дойдуларыгар Ньурбаҕа тиийээр”, – диэбит. Ол хомойуох иһин тиһэх кэпсэтиилэрэ этэ. Ол да курдук, Иван Еремеевич Ньурба Чаппандатыгар оскуола директорынан, учууталынан, Хаҥаласка, Ньурбаҕа бэйэтигэр театрга үлэлээбитэ-хамнаабыта. Ол иһин Ньурба ньургун дьоно-сэргэтэ кинини олус диэн убаастыыллар, ытыгылыыллар. Тымныыны-тымныы, ырааҕы ыраах диэбэккэ тэрээһиммитигэр ыҥырыыбытын быһа кыммакка ыалдьыттыы кэлбиттэрэ биһиэхэ олус күндү түгэн буолла. Ньурба улууһуттан кыттыыны ыллылар “Барахов туһунан ырыа” дьүрүлүн ааптара Тимофей Шестаков; мелодист, толорооччу Гаврил Монастырев; Ньурбатааҕы көһө сылдьар драматическай тыйаатыр артыыһа Борис Борисов; Маар нэһилиэгиттэн Анна Абишева; Чаппанда кыраайы үөрэтэр түмэлин директора Татьяна Сидорова; Дьиикимдэ нэһилиэгиттэн Луиза Канаева. Үөһээ Бүлүүтээҕи “Чэчир” литературнай түмсүү салайааччыта Дмитрий Кононов уонна поэт Николай Васильев эҕэрдэ тылларын эттилэр.


Иван Еремеевич дьиэ кэргэнэ Ороһу орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитигэр Максим Ивановка “Уйбаан Ороһуунускай” аатынан биир кэмнээх бириэмийэ туттардылар. Максим чахчы да нэһилиэккэ, улууска, республикаҕа буолар тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттар, кыра эрдэҕиттэн олоҥхолуур, хоһоон ааҕар бастыҥ активист үөрэнээччи.

Ороһу орто оскуолатын директора Прокопий Устинович Никонов бу аҕыйах хонуктааҕыта народнай поэт аатын сүкпүт Саргылаана Васильевна Гольдерованы уонна Уйбаан Ороһуунускай дьиэ кэргэнин эҕэрдэлээтэ, оскуола коллективын аатыттан сибэкки дьөрбөтүн уонна Ороһу кэрэ көстүүлээх сирдэрэ хаартыскаҕа үйэтитиллибиттэрин бэлэх уунна.

Ороһу орто оскуолатын 5-тэн үөһээ кылаастара киэн туттар биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын сүгэллэр. 2020 сыллаахха Уйбаан Ороһуунускай аатын 5 кылааска сүкпүт оҕолор номнуо оскуоланы бүтэрэн эрэллэр. Быйыл 5-с кылааска киирбит оҕолор (кылаас салайааччыта Кондакова Люция Петровна) Иван Ермеевич төрөөбүтэ 80 сылын көрсө кини сырдык аатын чиэстээхтик сүгэр бэлиэ түгэннэрэ буолан ааста. Ыҥырыылаах ыалдьыттар оҕолорго хаалтыс баайдылар уонна Иван Еремеевич мэтириэттээх бэлиэ знагын кэтэртилэр. Оҕолор: “Төрөөбүт дойдубутунан киэн тутта улаатыахпыт, үөрэхпитигэр кыһаллыахпыт, Уйбаан Ороһуунускай айымньыларын үөрэтиэхпит”- , диэн кэс тыллары эттилэр.

Алтыс кылаас үөрэнээччилэрэ “Дойдум миэнэ – Ороһум” хоһоон циклын араас омук тылынан аахтылар (салайааччы Сардаана Николаевна Васильева).

Салгыы Ороһу орто оскуолатын пед коллективын толоруутугар “Айхаллан Кыайыы Күнэ” хоһоон циклын иһиттибит. Санатар эбит буоллахха, быйыл олунньу ыйга төрөөбүт тыл күнүн чэрчитинэн уонна улуу киһибит үбүлүөйдээх сылын көрсө “Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм” нэһилиэкпит тэрилтэлэрин иһинэн ыытыллыбыт хоһоон ааҕыытын күрэҕэр оскуола коллектива маҥнайгы миэстэни ылбыта.

Уйбаан Ороһуунускай ырыа чыычаах куорсунугар 171 ырыаны тиспитэ. Кини хоһоонноругар аатырбыт мелодист саха культуратын үтүөлээх үлэһитэ Аркадий Михайлович Алексеев “Тохтоо, сүтэн хаалыма”, Егор Неустроев – “Ийэбитигэр”, кута-сүрэ иэйэр күндү Сунтаарыттан мелодист Валерий Платонов уонтан тахса ырыаллах. “Үөһээ Бүлүүм, үрдүк үөрүүм” диэн Валерий Донской мелодиятыгар, дойдуларыттан тэйэ, ыырдарыттан ыраата сылдьар дьоҥҥо дойду ахтылаҕана кууспахтыыр ыарыытын мүлүрүтэр ырыа. “Оскуолам, Хапчырым барахсан” хоһоонугар биир дойдулаахпыт, ырыа куттаах ыал Николаевтар улахан уоллара Василий Николаев мелодия суруйан оскуола коллективын уостан түспэт ырыата буолан ылламмыта отучча сыл кэриҥэ буолла. Бу дьоро күн хору таһаарда Василий Николаев бииргэ төрөөбүт быраата Александр Николаев, баяҥҥа доҕуһуоллаата Леонид Васильев.
2024 сылга “Тулуйхан” оҕо ансамбла Ороһутааҕы филиалын толоруутугар “Ороһу эбэбэр” ырыаҕа (Егор Неустроев дьүрүлэ) килиип уһуллан сүрэхтэммитэ. Төгүрүк остуол үөрүүлээх арыллыыта килииптэн саҕаланна уонна тыыннаах толоруунан түмүктэннэ.

Кэлбит ыалдьыттар киэн туттар биир дойдулаахпыт Уйбаан Ороһуунускай чаҕылхай олоҕун кэрчиктэрин ахтан-санаан, инниктин да туох үлэ барыахтааҕын торумнаан үөрэ-көтө тарҕастылар. Бары кэлбит ыалдьыттары олохтоох дьаһалта, Ороһу орто оскуолата, ОДЬКХ, олохтоох баһаарынай чаас, библиотека коллективтара минньигэс, тотоойу эбиэтинэн күндүлээтилэр.
Салгыы күнүс 3 ч. Үөһээ Бүлүүтээҕи “Олоҥхо дьиэтигэр” «Уран тыл умсулҕана угуйан» литературнай-музыкальнай ахтыы киэһэтэ улуус общественноһын түмтэ.
Тэрээһин саҕаланыытыгар Анна Михайловна Уларова эҕэрдэтин тириэртэ уонна улуус баһылыгын Валерий Валерьевич Николаев “Махтал суругун”, харчынан биһирэм сертификатын дохсун ытыс тыаһынан народнай бэйиэт аатын сүкпүт Саргылана Васильевна Гольдероваҕа туттарда.

Салгыы тэрээһини киин билиотека “Санаа Ситимэ” литературнай түмсүү эр дьонун бөлөҕө (салайааччы Дария Павлова) бэйиэт хоһооннорун иэйиилээхтик аахтылар, дьүһүйүүлэри көрдөрдүлэр.


Улууспут ылбаҕай ырыаһыттара Уйбаан Ороһуунускай хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары толорон сэргэхситтилэр.
Иван Еремеевич өр сылларга үлэлээбит Өрөспүүбүлүкэтээҕи гимназияттан бииргэ үлэлээбит, алтыспыт кэллиэгэлэрэ историческай билим дуоктара, кафедра сэбиэдиссэйэ Никита Деевич Архипов, РФ уонна СР үтүөлээх учуутала, английскай тыл учуутала Светлана Савиична Ильина, РФ бочуоттаах үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү ветеран учуутала Галина Алексеевна Захарова олус истиҥ киэҥ ахтыы оҥордулар, сэдэх хаартыскалары түмэн олоҕун аргыһа Степанида Михайловна бэлэх ууннулар салгыы гимназия учууталларын ансамбыла Уйбаан Орһуунускай тылларыгар Николай Чуручанов мелодиятыгар “Гимназиябыт аҕатыгар” ырыатынан эҕэрдэлээтилэр.


Саамай долгутуулаах чааһынан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьан эйэлээх олох туһугар олоҕун анаабыт Ивановтар уоллара – Еремей Ивановичка анаммыт блок буолла. Үөһээ Бүлүү көхтөөх ыччатын ансамбылын толоруутугар “Встанем” ырыа барыбытын уйадытта.

Истиҥ ахтыылары кэлбит ыалдьыттар оҥордулар. Иван Еремеевич олоҕун айар үлэтин кэпсээн кэрэхсэттилэр.
Бэйиэт Уйбаан Ороһуунускай тылларыгар ырыалары ытык дьоммут СӨ култууратын үтүөлээҕэ Анна Иванова, мелодистар СӨ култууратын туйгуннара Валерий Донской, Ньурбаттан биир дойдулаахпыт Тимофей Шестаков, кэрэ куоластаах Аграфена Долгунова, Наталия Ильина уо.д.а. ырыаларынан сэргэхситтилэр. “Тамалакаан нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин аҕа баһылыга, Уйбаан Ороһуунускай сиэн быраата Петр Прокопьевич Иванов истиҥ тыллаах эҕэрдэлэрин этэн туран Ороһу библиотекатыгар Тамалакаан нэһилиэгэр тахсыбыт кинигэлэри бэлэх уунна.


Тэрээһин түмүктүүр чааһыгар үбүлүөйдээх сылга Уйбаан Ороһуунускай 80 сылыгар анаан куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт республикатааҕы, улуустааҕы күрэхтэр түмүктэрин билиһиннэрэн туран биһирэмнэри туттарыы ыытылынна. Үбүлүөйдээх сыл чэрчитинэн Ороһу орто оскуолатын коллектива “Мосты через языки и время” тылбаас күрэҕин ыыппыта, бүттүүн республикабыт үрдүнэн 57 кыттааччы нууччалыы уонна английскайдыы тылларынан тылбаастарын туттубут. Жюри чилиэттэрэ нуучча тылын учууталлара Айталина Капитоновна Антонова, Алена Ивановна Ушатова, английскай тыл учуутала Анна Никифоровна Боескорова үгүс сыраларын ууран туран кыттаачыларга үрдүк сыанабылларын биэрдилэр. Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинин коллектива “Үөһээм Бүлүүм – үрдүк үөрүүм” Уйбаан Ороһуунускай патриотическай хоһооннорун ааҕыыга күрэҕи иилээн-саҕалаан ыыттылар. Жюри чилиэттэрэ: Уйбаан Ороһуунускай кыыһа Гуннара Ивановна Байгильдина – Ороһуунускайа; поэт Николай Васильев – Харыйалаах Уола, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим Нам нэһилиэгин модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Анастасия Григорьевна Харлампьева, Ороһутааҕы сынньалаҥ киинин директора Кристина Ивановна Докторва уонна уус-уран салайааччы Ньургуйаана Николаевна Ноговицына. Сыл аайы ыытыллар “Олоонноон олорон остуоруйалаһыах” улуустааҕы оҕолорго аналлаах театральнай күрэх быйыл уопсай санаанан Уйбаан Ороһуунускай аатынан бардын диэн быһаарбыппыт. Былырыыҥҥы күрэххэ кыайыылаахтара “Кэскиллэр” мини-театр, Оҥхой нэһилиэгин сынньалаҥ киинэ иилээн-саҕалаан ыытта.
Үөһээ Бүлүү хаһыат редакциятыттан “Бастыҥ юнкор” анал ааты шеф редактор М.П. Васильева туттарда. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ анаан, сылы быһа үөрэнээччилэр ортолоругар үгүс тематическай тэрээһини ыыппыт И. Н. Барахов аатынан 1 нүөмэрдээх орто оскуола библиотекатыгар В. С. Спиридоноваҕа 10.000 суумалаах сертификаты улуустааҕы үөрэх салалтатын иитэр үлэҕэ отделын салайааччыта Э. Э. Христофорова үөрүүлээх быһыыга туттарда.
Түмүктүүр тылы култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова эттэ. Тэрээһиҥҥэ кэлбит, кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар үтүөнү баҕаран туран улахан махталын биллэрдэ.

Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотеката Үөһээ Бүлүү МР салалтатыгар; “Үөһээ Бүлүү” култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын коллективыгар (салайааччы Айталина Михайловна Мойтохонова); Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин библиотека коллективыгар; “Ороһу нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатыгар; Ороһу орто оскуолатын коллективыгар; Оҥхой нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр; Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинин коллективыгар; “Санаа ситимэ” литературнай түмсүүгэ (салайааччы Павлова Д.Н.); “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэригэр уонна туох баар бары тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар барҕа махталын тиэрдэр!
Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай
ситим Уйбаан Ороһуунускай аатынан
Ороһутааҕы модельнай библиотекатын
сэбиэдиссэйэ Иванова Ж.С.