Спорт араас көрүҥэринэн дьарыктаныы эти-хааны чэбдигирдэрин таһынан өссө дисциплинаҕа, эппиэтинэстээх буолууга эрчийэр. Ороһубут нэһилиэгэр Бүлүү Тылгынытыттан төрүттээх оҕунан ытыыга уонна кикбоксиҥҥа тренер Аян Егорович Григорьев 2025 сыл үөрэх дьылын саҥатыгар үлэлии кэлбитэ. Кэлээт, урут ханнык да спорт көрүҥүнэн дьарыктана илик оҕолору, икки ый иһигэр эрчийэн бу билиҥҥи күҥҥэ ситиһиилэрэ үгүс.
Тохсунньу 30 күнүгэр Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгин «Дьулуур» чэпчэки атлетика манеһыгар саха төрүт оҕунан ытыы көрүҥүн өрө тутааччылар «Байанай бэлэҕэ» күрэхтэһиитэ Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаар нэһилиэктэрэ Устьеттан, Бордоҥтон, Тойбохойтон, Уһун-Күөлтэн, Маар-Күөлтэн уонна Дьаархантан барыта 47 кыттааччыны бэйэтин тула муста.

Ол курдук 13 саастарыгар дылы кыргыттарга Егорова Камилла I миэстэни ылары ситистэ

14-18 саастаах кыргыттарга 3 миэстэ Габышева Алина.

Онтон хамаанданан ытыыга:
• 1 миэстэ: Дьаархан оскуолата
• 2 миэстэ: Үөһээ-Бүлүү Ороһу хамаандата
• 3 миэстэ: Дьаархан иккис хамаандата буоллулар.
Аян Егорович үлэтигэр олус бэриниилээх уопуттаах тренер буолар, ол курдук кини үөрэнээччилэрин ыккардыларыгар кикбосиҥҥа Уһук Илиҥҥи уокуруктааҕы призердар, үгүс республикатааҕы чемпионнар бааллар диэн киэн тутта кэпсиир. Уһуйааччыга уонна оҕолорго инникитин да үгүс ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!