Уран уус Агит Павлов сырдык аата ахтылынна.

Уран уус Агит Павлов сырдык аата ахтылынна.

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 25 күнүгэр, Дьокуускай куоракка «Хомус түмэлигэр» киэн туттар биир дойдулаахпыт, уран уус Агит Алексеевич Павлов төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх выставка олох үрдүк таһымҥа ааста. Агит Алексеевич сырдык аата дьон ахтыытыгар, кини илиитин сылааһынан тыыннанан, хараллан сыппыт хомустарын алыптаах дорҕоонноругар да истиҥник иһилиннэ. Аан дойдуга аатырар Түмэли тэрийбит, Агиты кытары ыкса билсибит, […]

Ороһуга үс күннээх ыһыах.

Ороһубут нэһилиэгэ 1901 сыллаахха, ол эбэтэр 125 сыл анараа өттүгэр, I Үөдүгэй нэһилиэгиттэн арахсан, туспа нэһилиэк аатын ылбыта. Бу туһунан докумуоҥҥа маннык суруллубут: «1901 сыллаахха I Үөдүгэйтэн арахсан, Ороһу нэһилиэгэ диэн туспа нэһилиэк аатын ылбыппыт. Оччолорго биһиги өбүгэлэрбит, 340 эр киһи уонна 286 дьахтар, 70 биэрэстэ тэйиччи олорор буоланнар, туспа нэһилиэк буоларга быһаарыммыттара. Бу быһаарыныы […]

Сэрии кэмигэр Ороһу нэһилиэгин ыалларын дьылҕата.

Фашист халабырдьыттара бэс ыйын 22 күнүгэр кимэн киириилэрэ бүттүүн Сэбиэскэй Сойууһу ааҥнаабыта.Уоттаах сэрии алдьархайа Ороһубут нэһилиэгин тумнубатаҕа. Алааспытыттан барыта 104 киһи Аҕа дойду улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыттара. Олортон 49 киһи кыргыһыы толоонугар охтубуттара. 57 киһи эргиллэн кэлбиттэрэ. Сэрии кэмигэр 17 киһи үлэ фронугар ыҥырыллан Сангаарга, Тиксиигэ, Эдьигээҥҥэ, Дьокуускайга үлэлээбиттэрэ. Сэрии кэмигэр 1941-45 с.с “Килбиэннээх үлэтин” мэтээлинэн […]

Тургутук -“Дойдубун ахтабын”

Нэһилиэкпит 125 сыллаах өрөгөйүн көрсө поэт Уйбаан Ороһуунускай “Дойдубун ахтабын” хоһоонугар көппүт строкалары туруоран биэр. Сирбит-дойдубут ааттарын, чулуу дьонун төһө билэргин тургутан көр. Тургутууну бу сигэннэн киирэн толор: https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLSczPCUrAXt6MvK2YzoFECPeXllrpKYjPyy_obT2rr7HTN1qIw/viewform?usp=publish-editor