“Иэйиэхсит уһуйар уйата”

1990 сыллаахха пионерскай, комсомольскай тэрилтэлэр суох буолбуттарыгар: “Оҕону, ыччаты хайдах түмпүт киһи?”, – диэн санааттан Ороһу орто оскуолатын төрүт культуратын учуутала Михайлова Нина Никитична “Уйан сүрэх” оҕо түмсүүтүн тэрийбитэ. Ол онтон ылата номнуо 35 сыл ааһа оҕуста. Оччотооҕуга кырачаан оҕолор билигин номнуо түс-бас улахан дьон буолан дойдубут араас муннуктарыгар, бэл диэтэр кыраныысса таһыгар тайаан олороллор. Бу сыллар тухары түмсүү “Иэйиэхсит” диэн ааттанан, “Тымтык” диэн эдэр кэрэспэндьиэннэр постанан, “Эбээ үөрэҕэ” лааҕырга алаастарынан көччүйэн, оҕо-саас ыраас сырдык кэмин кэрэһитэ буолан күн бүгүҥҥэ диэри кырачаан оҕолору бэйэтин тула түмэ тардар түмсүү буолар. Бу бэлиэ датаны көрсө араас сылларга түмсүүгэ сылдьыбыт оҕолор, төрөппүттэр, уһуйаачылар видео-ахтыы устан ыытан, билигин сылдьар оҕолор уус-уран сюжеттары оҥорон “Иэйиэхсит уһуйар уйата” диэн ааттаан документальнай киинэни таҥан алтынньы 30 күнүгэр сүрэхтээтибит.

Сынньалаҥ киинигэр киирэ түһээтин – билигин түмсүүгэ сылдьар кыракый оҕолору, тэрээһин аймалҕаныгар сылдьар Нина Никитичнаны көрөн оҕо саас ахтылҕанын иэйиитэ тута кууста. Оҕолор салайаачыларын кытары хас биирдии ыалдьыкка анаан “кэһии” бэлэмнээбиттэр, эбиитин хас биирдиибитигэр сүүйүүлээх лотерея бирииһин биэрэн үөртүлэр.

Хоточчу тардыллыбыт остуол тула саас-сааһынан олорон, урукку доҕоттору көрсөн, өрөөбүт уоһу өһүлэн оҕо саас үөрүүлээх түгэннэрин ахтан-санаан аастыбыт. Хайдах курдук үлэҕэ да көргө да биир сомоҕо буолан сылдьарбытын, нэһилиэк историятын түмэлин хосторунан үллэстэн кэпсиирбитин, лааҕыр күргүөмнээх күннэрин санаан уйадыйан ыллыбыт.

Документальнай киинэ сүрэхтэниитин уһуйааччыбыт Нина Никитична бэйэтин алгыстаах тылынан арыйда.

“Иэйиэхсит” түмсүүгэ билигин сылдьар оҕолор ыалдьыттары кытары.

Бу дьоро киэһэ ыалдьыттара: “Эбээ үөрэҕэ” лааҕырга сылдьыбыт, оччолорго кырачаан уол, Нина Никитична племяннига Николай Осипов дьиэ кэргэнин кытары кэлэн эҕэрдэлээтэ, бэйэтин ылбаҕай ырыатын бэлэх уунна. Уонна ыаллыы сытар Тамалакаан нэһилиэгиттэн, бэйэбит оҕобут, “Иэйиэхсит” түмсүүгэ биһигини кытары тэҥҥэ сылдьыбыт Анна Павлова уола, Эрсан Алексеев көрдөһүүбүтүн быһа кыммака кэлэн ырыа бэлэхтээн барда.

“Иэйиэхсит” бөлөх билиҥҥи састааба Уйбаан Ороһуунускай “Ороһу эбэм уута” хоһоону уонна “Уустук үллэрии” диэн остуоруйаны куукуланнан көрдөрдүлэр.

“Уйан сүрэх” бөлөххө аан маҥнай сылдьыбыт оҕолор төрөппүттэрэ, Нина Никитична чугас дьүөгэлэрэ, коллегалара Малахаева Евдокия Николаевна, Ильина Елена Сергеевна уонна Прокопьева Александра Спиридоновна эҕэрдэ, махтал тылларын эттилэр, бэлэх туттардылар.

“Иэйиэхсит” түмсүүгэ 1999-2005 сылларга сылдьыбыт оҕолор, биһиги, түмсэн уһуйааччыбытын эҕэрдэлээтибит.

Быыһыгар оонньоон-көрүлээн, киинэбитин көрөн бириэмэ хайдах барбыта биллибэккэ да хаалла. Бу дьоро киэһэҕэ ыалдьыттарга көрдөөх оонньуулары оонньоппут оҕолорго, иилээн-саҕалаан ыыппыт Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинин (директор Докторова К.И.) үлэһиттэригэр Розалия Акимоваҕа, Ньургуяна Ноговицынаҕа Нина Никтична уонна тус бэйэм ааппытыттан барҕа махтал тылларын тиэрдэбит!

Түмүктээн эттэххэ, Ороһутааҕы Уйбаан Ороһуунускай аатынан библиотека “Иэйиэхсит” түмсүүнү кытары 2010 сылтан саҕалаан бииргэ үлэлиибит, бу сыллар тухары араас хабааннах бырайыактары олоххо киллэрдибит, өссө да киллэриэхпит турдаҕа диэн эрэл санаалаахпыт, былааннардаахпыт.

Жанна Иванова

Уйбаан Ороһуунускай аатынан

Ороһутааҕы модельнай библиотека

сэбиэдиссэйэ.