Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах библиотекаҕа ыытыллар тэрээһиннэр тустарынан ыйытык
Убаастабыллаах төрөппүт! Биһиги ыытар ыйытыкпытыгар кыттыһан библиотека үлэтэ тупсарыгар күүс-көмө буолаҕыт. Ыйытыгы толорого бу сигэннэн киирэргитигэр ыҥырабыт. Махтал! https://forms.gle/hLM3128weLiNxVwz7
Павлов Владимир Максимович, Васильева Сусанна Пудовна, Васильев Егор Куприянович, Семенова Дария Спиридоновна, Лебедкина Мария Егоровна ахтыылара (архив)
“Офиснай разминка”

Күндү дьоммут сэргэбит! Улууспут дьаһалтатын уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан модельнай библиотека иилээн-саҕалаан ыытар “Оптуорунньук доруобуйа күнэ” бырайыактара үлэтин салҕыыр. Бүгүн эһиги болҕомтоҕутугар офиснай разминканы таһаарабыт. Үлэ быыһыгар быыс булан субу маннык судургу хамсаныылары оҥорон доруобуйаҕытын бөҕөргөтүҥ диэн ыҥырабыт!
“Умнуллубат ол сулус” IV-с өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэ

Балаҕан ыйын 12-13 күннэригэр СӨ култууратын туйгуна, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Сахабыт Сирин “Көмүс куолаһа” Гаврил Николаев төрөөбүтэ 50 сылыгар аналлаах “Умнуллубат ол сулус” Өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэ Үөһээ Бүлүү улууһун, Ороһу нэһилиэгэр олус чаҕылхайдык буолан ааста. Күрэх бэйэтин тула бүттүүн Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан бииртэн биир талааннаах толорооччулары, ырыа куттаах ыччаты түмптэ. Күрэх чэрчитинэн, балаҕан ыйын […]
“Уран тыл уйата” литературнай квест хайдах ааста?
Биир дойдулаахпыт поэт, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи, норуот эмчитэ И.Е. Иванов – Уйбаан Ороһуунускай төрөөбүтэ 80 сылын көрсө, “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө 35 сылынан уонна “Суруйааччылар төрөөбүт алаастарынан айан” бырайыак чэрчитинэн улууспут оскуолаларын 7-8 кылааһын үөрэнээччилэрин икки ардыларынан “Уран тыл уйата” литературнай квест ыам ыйын 27 күнүгэр, Россияҕа библиотека күнүгэр даҕатан, буолан ааста. “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕүн салайааччыта […]
Егоров Марк Васильевич ахтыыта
“Киристиини” илэ көрдүбүт.
Ыам ыйын 18 күнүгэр Ороһубутугар өтөрүнэн буолбатах дьоро киэһэ буолан ааста. Билиэт эрдэттэн атыыламмыт буолан, миэстэҕэ тиксиэм суоҕа диэн куттаммакка – лоп курдук оҥостон киэһэ алта чааска сынньалаҥ киинигэр тиийдим. Көрөөччүлэр номнуо тоҕуоруһа мустан эрэллэр эбит. Салгыҥҥа туох эрэ уратыны, алыптааҕы көһүтүү тыына биллэргэ дылы. Көрөөччүнү өр көһүттэрбэккэ спектакль саҕаланна. Көһүппүппүт курдук бука бары “Киристиини” […]
Көрдүүр үлэ салгыы барар…
Киһи барахсан орто дойдуга кэлбит олоҕо ама эрдэттэн ыйыллан-кэрдиллэн кэлэрэ буолуо дуо? Бу саһарбыт хаартыскаларга хатаммыт эдэркээн мөссүөннэр үйэ кэриҥэ харахха ончу хатаммакка буолан баран кичээҥитик ууруллан биһиги үйэбитигэр кэллэхтэрэ. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, чопчу түгэни баттаһа бар дьон биһиги сырдык мөссүөммүтүн көрдүн, уоттаах сэрии сэрии сиэбит эдэр сааһын ахтан-санаан аастыннар диэн буолуо бука… […]
Чарастаев Данил Григорьевич туһунан
2020 сыллаахха Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө “Ороһу нэһилиэгэ Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи дьылҕата” диэн кинигэ тахсыбыта. Хомойуох иһин сорох фронтовиктар тустарынан олох кыра информация киирбит, сорохтор хаартыскалара да суох. Онон матырыйаал көһүннэҕин аайы сайтпытыгар киллэрэн, эбэн иһиэхпит. Бүгүн эһиэхэ кинигэҕэ ситэри-хотору киирбэтэх Данил Григорьевич Чарастаев туһунан 1984 сыллааҕы, селькор Егор Семенов суруйбут ыстатыйатын сайтпытыгар […]
Ороһуга “БИБЛИОНОЧЬ” 2025 акция хайдах ааста?
Бүттүүн Россия үрдүнэн библионочь тэрээһин быйыл 14-с төгүлүн ыытылынна. Тэрээһин бэйэтин тула араас саастаах, араас интэриэстээх ааҕааччылары түмэ тардар, эдэр көлүөнэҕэ кинигэни ааҕыы суолтатын үрдэтэр, бириэмэни туһалаахтык атаарарга көҕүлүүр. Быйыл, Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, “СВОИ герои” диэн теманнан 6 тыһыынча библиотека ааҕааччыларын түмэ тарта. Биһиги эмиэ онтон туора турбакка, сыл аайы буоларын курдук, акцияҕа […]