“Поэттар дириҥ иэйиилээх хоһооннорун мелодистар
ырыа гынан таһааран көтүтэллэр. Ол аата, биир темаҕа
кинилэр айар илбистэрэ иэйэн, ситимнэрэ холбоһон
саҥа ырыаны төрөтөн кэбиһэллэр”.
Уйбаан Ороһуунускай
1994 сыллаахха “Үөһээ Бүлүүлэр ыллыыллар” кыракый хомуурунььук күн сирин көрбүтэ. Ырыанньык-поэт Иван Еремеевич Иванов – Уйбаан Ороһуунускай уонна мелодист Егор Ильич Неустроев – Тулуйхан улууспут мелодистарын ырыалара уостан түспэттии норуокка киэҥник тарҕаннын диэн сыалтан-соруктан бу хомуурунньугу күн сиригэр көрдөрбүттэрэ. Оччотооҕуга улуус иһинэн тэриллибит “Чэчир” литературнай түмсүүгэ отучча мелодист айымньылаахтык үлэлээбитэ: Гаврил Кысылбаиков, Трофим Семенов, Иван Семенов, Лазарь Филиппов, Иван Федоров, Александр Долгунов уо.д.а. 1992 сыллаахха “Ыллыыллар Үөһээ Бүлүүлэр” мелодистар күрэхтэрэ үгүс саҥа ааты биллэрбитэ. Бу хомуурунньукка киирбит ырыаларга, биллэн турар төрөөбүт дойдуга таптал иэйиитин дуораана, истиҥ кэрэ сыһыан дорҕооно иһиллэр, сүрэҕи сылаанньытар.
Светлана Александровна уонна Егор Ильич Неустроевтар “Тулуйхан” оҕо ансамбылын филиалын Ороһубут нэһилиэгэр үрдүк таһаарыылаахтык үлэлэтэллэр. Ороһу оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччытын Кысылбаикова Татьяна Гаврильевнаны кытары үгүс саҥа талааннары арыйдылар. Ансамбльга сылдьыбыт оҕолор билигин үлэһит буолан айа-тута сылдьаллар.
Быйыл, 2025 сылга киэн туттар биир дойдулаахпыт Иван Еремеевич Иванов – Уйбаан Ороһуунускай төртөөбүтэ 80 сыла. Өссө былырыын, 2024 сыл бүтүүтэ Уйбаан Ороһуунускай тылларыгар, Егор Ильич дьүрүлүгэр “Ороһу эбэбэр” ырыаҕа килиип уһуллубута нэһилиэкпитигэр, үбүлүөйдээх дьылга дьоһун бэлэх буолбута. Онтон бу быйылгы дьылга поэт үбүлүөйүн көрсө, “Үөһээ Бүлүүм үрдүк үөрүүм” дьоһуннаах дьоро киэһэ сэтинньи 2 күнүгэр Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинигэр буолан ааста.

Бу концертка Үөһээ Бүлүүбүтүттэн төрүттээх мелодистар Намтан Евдокия Тимофеевна Гаврильева – Кырсаада уонна Хороттон Наталья Дмитриевна Алексеева кэлэн киэргэтэн бардылар, ытыс тыаһын хабылыннардылар.



Көрөөччү саалата “Тулуйхан” кэнсиэригэр өрүү тобус-толору.





Дьокуускай куораттан Уйбаан Ороһуунускай дьиэ кэргэнэ Светлана, Егор Неустроевтарга уонна Татьяна Гаврильевна Кысылбаиковаҕа аҕаларын үтүө аатын ааттата туралларыгар махтал тылларын тиэртилэр, өйдөбүнньүк бэлэх туттардылар.

Ороһу орто оскуолатын коллективын кэрэ куоластаах Далбар Хотуттара “Эдэр саас” ырыаны толордулар (А. Филиппов тыла, П. Одорусов дьүрүлэ).

Нэһилиэкпит көхтөөх ыччатын ансамбылын толоруутугар “Ферма кыргыттара” (С. Данилов тыла, И.Иванов дьүрүлэ).

“Тулуйхан” ансамбл кэнсиэрэ оҕолорго, төрөппүттэргэ уонна нэһилиэк олохтоохторугар туспа бырааһынньык. Субу курдук өрүү өрө-көтөҕүллүүлээхтик уонна эрчимнээхтик дьону-сэргэни түмэ тардар үтүө тэрээһин буолар. Айар куттаах дьоммутугар барҕа махтал буолуохтун! Инниктин да Ороһубут үтүө аатын “Тулуйхан оҕолоро” ааттата турдуннар диэн алгыс тылбытын тиэрдэбит!
Жанна Иванова