Филологическай наука кандидата Георгий Романович Кардашевскай төрөөбүтэ 110 сылын көрсө уран тыл түһүлгэтэ

Олунньу 13 күнүгэр төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн саха тылын, литературатын биллэр пропагандиһа, чинчийээччитэ, филологическай наука кандидата, ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт, литературнай критик, биллиилээх мэтэдиис-учуутал, киэн туттар биир дойдулаахпыт Георгий Романович Кардашевскай төрөөбүтэ 110 сылын көрсө, Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотекатыгар, Ороһу орто оскуолатын уонна уһуйаан иитиллээчилэрэ кыттыылаах уран тыл түһүлгэтэ буолан ааста.

Тэрээһин арыллыытыгар 5 кылаас үөрэнээччитэ Витя Котоконов Георгий Романович олоҕуттан кылгас иһитиннэрии оҥородо.

Салгыы 5 кылаас үөрэнээччитэ Айсаана Павлова “Хахай уонна ыт” Толстой Л.Н. тылбааһын, 4 кылаас үөрэнээччитэ Леонид Дордосов “Тулаайах хатыҥ” Лермонтовтыы дьүһүйүүтүн аахтылар.

Үһүс кылаас үөрэнээччитэ Наиля Осипова “Хоһуолчаан туһунан” хоһоону ааҕан ытыс тыаһын хабылыннарда.

Уһуйаан иитиллээчилэрэ дьиэлэригэр бэрт кыһамньылаахтык Георгий Романович хоһооннорун үөрэтэн кэлбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх.

Салгыы оҕолор “балыксыттар”, “ойбонтон уулааһын”, “ҺӨҔҮҤ” дорҕоонноох тыллары эт оонньуулары оонньоон, бириис тутан сэргэхсийэн тарҕастылар.

Бу маннык бииргэ ыытыллар тэрээһиннэргэ уһуйаан иитиллээччилэрэ оскуола оҕолорун көрөн холобур оҥостоллор. Оскуола оҕолоро кыраларга үтүө үтүгүннэрэр аргыс, аҕа табаарыс буолан, тылбыт кэрэтин, сиэрбит-туоммут сүнньүн көрдөрөллөр. Ити түмүгэр кырачааннар төрөөбүт тыл баайын иҥэринэллэр, сахалыы маанытык саҥарарга, толкуйдуурга үөрэнэллэр. Бу икки үөрэх кыһатын икки ардыгар быстыбат ситим олохтонор. Маннык алтыһыы оҕо уйулҕата сайдарыгар, бэйэтин омугун култууратын кытта тутулуктаахтык улаатарыгар бигэ тирэх буолар. Түмүгэр, кэлэр көлүөнэ ыччат ийэ тылын таптыыр, төрүт айылгытыгар иитиллибит дьоһун дьон буола улаатарыгар суол арыллар.