Ыам ыйын 18 күнүгэр Ороһубутугар өтөрүнэн буолбатах дьоро киэһэ буолан ааста. Билиэт эрдэттэн атыыламмыт буолан, миэстэҕэ тиксиэм суоҕа диэн куттаммакка – лоп курдук оҥостон киэһэ алта чааска сынньалаҥ киинигэр тиийдим. Көрөөччүлэр номнуо тоҕуоруһа мустан эрэллэр эбит. Салгыҥҥа туох эрэ уратыны, алыптааҕы көһүтүү тыына биллэргэ дылы. Көрөөччүнү өр көһүттэрбэккэ спектакль саҕаланна. Көһүппүппүт курдук бука бары “Киристиини” илэ көрдүбүт.
Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинин иһинэн үлэлиир Иванов Д.Е. – Артыыс Миитэрэй аатынан норуот тыйаатыра Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө уонна норуот тыйаатыра 30 сыллааҕы үбүлүөйүнэн, сынньалаҥ киинин коллектива, Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура департменын салайааччыта Мойтохонова Айталина Михайловнаҕа Ороһубут историятыгар олоҕуран спектакль туорарга сүбэ-ама буол диэн көрдөспүттэрэ. Айталина Михайловна быһа кыммакка мунньахтары тэрийэн, Дьокуускай куораттан үүнэр көлүөнэ тыйаатырын режиссерун, биир дойдулаахпыт Антон Ботаковы ыҥыран бэрт тэтимнээхтик “Киристиин” спектакль сценарийа бэлэм буола охсубута. Дьэ ол кэннэ, сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ дьону көҕүлээннэр репетициялар саҕаланан барбыттара.


Сэрии ыар сылларыгар эр дьон бары сэрии толоонугар баран холкуос ыарахан үлэтэ оҕо, дьахтар, оҕонньор нарын санныларыгар сүктэриллибитэ. Антонова Христина Михайловна, эдэркээн кыыс оҕо, 1943 сыллаахха холкуос председателинэн талыллыбыта. Киириилээх-тахсыылаах, амарах майгылаах буолан Ороһубутугар хоргуйуу тахсыбатаҕа. Эйэлээх олох кэмигэр үрүҥ илгэни үрүйэлии сүүрдэн – Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта. Эрээри…Бу барыта чахчы күүстээх, ымыттыбат санааттан, дьулууртан, улахан кыахтан кэлбитэ биллэр суол. Ороһулар чахчы олуһун диэн киэн туттар киһибит, Христина Михайловна Антонова олоҕун кэрчиктэрин кэпсиир аныгылыы иммерсивнай (англ. – immersive – илэ) диэн ньыманнан спектакль турбутуттан бары да олус үөрдүбүт уонна астынныбыт.


Улууспутугар маҥнайгы иммерсивнай спектакль сүүстэн тахса көрөөччүнү муста. Спектакль хамсаныыта көрөөччү саалатын иэнин бүтүннүүтүн хабар. Ону таһынан көрөөччү быһаччы кыттыыны ылара олус сонун буолла. Ороһу народнай тыйаатырын режиссера Розалия Акимова сүрүн оруолу бэйэтэ толордо. Сирэйин-хараҕын олоруутунан чахчы саха Кыыс Ньургунун уобараһын толору биэрдэ. Христина Михайловна кырдьан олорорун Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Ньургуяна Ноговицына уонна кыра эрдэҕинээҕитин Милана Анисимова толордулар. Бэлиэтиир эбит буоллахха, Дмитрий Егорович режиссердуур кэмин саҕана Исидор Бараахап оруолун бэрт чаҕылахайдык толорбут Виктор Анисимов кийиитэ уонна сиэнэ буолаллар.


Спектакльга барыта бэйэбит дьоммут, ыччаппыт, оскуолабыт оҕолоро оонньоотулар. Үҥкүүлэри сынньалаҥ киинин директора Докторова Кристина Ивановна туруорда. Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот айымньытын киинин иһинэн тэриллибит “Тобуруокап сиэннэрэ” тыыннаах доҕуһуол бөлөҕө уонна Ороһу орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Любомир Птицын тыыннаах доҕуһуоллара олус киэргэттэ, ураты эйгэни олохтоото. Сценарий ымпыгын-чымпыгын көрөөччүгэ тиэрдэргэ уот-күөс үгүһү быһаарар. Сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Туралысов В.Е., Будищев Н.В. уотун-күөһүн дьоһуннаахтык таптылар.



Христина Михайловна оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара көрөннөр олус долгуйдубут уонна астынныбыт диэтилэр. Төһө да суол суоҕун быһа кыммакка, Дүллүкү нэһилиэгигэр олорор улахан кыыһа Клара Капитоновна кэлэн тыл этэн, ааптардарга сибэкки дьөрбөтүн туттаран барда. Ороһу нэһилиэгин Аҕа баһылыга Антонов Анатолий Васильевич нэһилиэкпит үбүлүөйүн көрсө дьоһуннаах туруорууланныбыт диэтэ уонна оҕолор олус үчүгэйдик оонньоотулар диэн бэлиэтээтэ.



Ветеран учуутал, ытык кырдьаҕас Власьева Ксения Самсоновна туруоруу аныгылыы ньыматын олус сэргээбит, артыыстар оруолларын итэҕэтиилээхтик толордулар диир. Кэлэр туруорууга Христина Михайловна учуутал идэлээҕин бэлиэтээн аһарыахха баара. Василий Гольдеров, Семен Руфов, Ульяна Тереньевна курдук баараҕай дьону үөрэппит киһи буоларын хайаатар да дьон билиэхтээх диир.

Көрөөччүлэр: “Киэҥ-куоҥ, дириҥ туруоруу. Аныгы киһи өйүгэр-санаатыгар иҥэр-хатанар
гына толкуйдаммыт. Саастаах да, эдэр да дьон ылыналларыгар өйдөнүмтүө. Сүрүн геройдар оруолу арыйдылар. Кинилэр ис туруктара лоп-бааччы, ыксала, быһа туһээһинэ суох бэрилиннэ. Көрөөччүлэр биир да тылы мүччү түһэрбэккэ иһиллээн, иһийэн аҕай олорон көрдүбүт”.



Спектакль кэннэ сынньалаҥ кииниттэн тахсаат хараҕым быйаҥ уутунан туолан турар эбэҕэ хатанна. Уонна хайдахтаах кэрэ сиргэ олоробутуй, бэйэлээх бэйэбит ыччаппыт хайдах курдук талааннааҕый, үгүс да холобур оҥостор баараҕай дьонноохпут диэн Ороһубунан киэн туттуу кыыма сүрэхпин сылааһынан толордо.
P.S. Ыам ыйын 20 күнүгэр спектакль улуус киинигэр олоҥхо дьиэтигэр көстүөҕэ. Бука диэн көрө илик дьон сылдьаарыҥ диэн ыҥырабыт!
Жанна Иванова