“Умнуллубат ол сулус” IV-с өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэ

Балаҕан ыйын 12-13 күннэригэр СӨ култууратын туйгуна, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Сахабыт Сирин “Көмүс куолаһа” Гаврил Николаев төрөөбүтэ 50 сылыгар аналлаах “Умнуллубат ол сулус” Өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэ Үөһээ Бүлүү улууһун, Ороһу нэһилиэгэр олус чаҕылхайдык буолан ааста. Күрэх бэйэтин тула бүттүүн Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан бииртэн биир талааннаах толорооччулары, ырыа куттаах ыччаты түмптэ.

Күрэх чэрчитинэн, балаҕан ыйын 12 күнүгэр Гаврил Николаев төрөөбүт, улааппыт дьиэтигэр, мемориальнай дуоска арыллынна. Кыттыыны ыллылар: Үөһээ Бүлүү улууһа МР социальнай боппуруостарга баһылыгы солбуйааччыта Анна Михайловна Уларова, “Ороһу нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтэ Аҕа баһылыга Антонов Анатолий Васильевич, “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл солистара, Гаврил Николаев чугас дьоно, Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура департаменын салалтата, үлэһиттэрэ, нэһилиэк общественноһа. Бу бэлиэ түгэҥҥэ олус истиҥ-иһирэх тыллар этилиннилэр. Кэлэр-кэнэҕэски ыччат субу маннык сүдү талааннаах киһи биһиги түөлбэбитигэр үөскээбитэ, ойор күннээх оҕо сааһа субу дьиэҕэ ааспыта диэн өйдүү-саныы, киэн тутта сылдьыахтара.

Салгыы эбиэт кэннэ Гаврил Николаев сырдык аатын сүгэр култуура киинигэр күрэх маҥнайгы түһүмэҕэ ыытылынна. Сүүмэрдиир түһүмэх иннинэ “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл солиһа Эдуард Баланов кыттааччыларга анаан мастер-класс ыытта уонна биһиги Гаврилбыт бүттүүн Россиятааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга хайдах курдук дьон-сэргэ биһирэбилин ылбытын ахтан-санаан ааста.

Санатар эбит буоллахха, Гаврил Николаев сырдык аатыгар сүгүрүйэн ыытыллар “Умнуллубат ол сулус” ырыа күрэҕэ, 2016 сылтан саҕалаан, быйыл IV төгүлүн ыытыллынна. Сылтан сыл аайы кыттааччыта элбээн иһэрэ ыытааччылар да, көрөөччүлэр да сүргэлэрин олус көтөҕөр. Бу сырыыга Орто Халыматтан, Дьокуускай куораттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Хаҥаластан, Уус-Алдантан, Амматтан, Чурапчыттан, Кэбээйиттэн, Бүлүүттэн, Сунтаартан, Ньурбаттан уонна Үөһээ Бүлүүбүтүттэн бииртэн биир чаҕылхай талааннаах кыттааччы тоҕуоруһа муһунна. Бэлиэтээн этэр эбит буоллахха, бу күрэх кыттыылаахтара сылтан сыл аайы толорор ньымалара тупсан, репертуардара хаҥаан иһэр. Маҥнайгы түһүмэххэ кыттааччылар Гаврил Николаев репертуарыттан ырыалары толордулар. Бииртэн биир мааны куолас, бииртэн биир талаан – көрөөччү да, тэрийээччи да дууһатын сылаанньытар. Күрэххэ түөрт уон биирдиилээн толорооччу уонна биэс коллектив кыттыыны ыллылар.

“Айыллаана” ырыа ансаамбыла сал. Айталина Макарова (Кэбээйи)

Күрэх тойон сүбэтин састааба, чахчы да музыка эйгэтигэр бэйэлэрин сүдү кылааттарын киллэрбит, бар дьоҥҥо профессионал быһыытынан биллибит дьон буолан биэрдилэр – Эдуард Михайлович Баланов СӨ үтүөлээх артыыһа, “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл солиһа, тойон сүбэ бэрэссэдээтэлэ; Андрей Иванович Тарабукин СӨ үтүөлээх артыыһа, “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаабыл солиһа; Василий Гаврильевич Николаев Гаврил Николаев бииргэ төрөөбүт убайа, РФ “Учитель ученических признаний” анал бэлиэ хаһаайына, “СӨ норуот айымньытыгар” кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына, Саха Сирин баянистарын, мелодистарын союһун чилиэнэ, үлэ бэтээрэнэ; Сандаара Гаврильевна Парникова Гаврил Николаев бииргэ төрөөбүт балтыта, “Сардаана” оҕо уһуйаанын музыкальнай салайааччыта; Галина Ивановна Николаева Гаврил Николаев кэргэнэ, СӨ үөрэҕириитир туйгуна, Н.И. Бойлохов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо искусство оскуолатын домбра уонна фортепиано кылааһын преподавателя; Юрий Алексеевич Васильев СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот айымньытын киинин специалиһа; Вилена Николаевна Ларионова СӨ култууратын туйгуна, Хоро нэһилиэгин сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта, аан маҥнай ыытыллыбыт “Умнуллубат ол сулус” ырыа күрэҕин гран-при хаһаайката.

Киэһэ аҕыс чаастаан “Умнуллубат ол сулус” IV өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕин үөрүүлээх арыллыыта бар дьону кыайа-хото муста, миэстэ тиийбэккэ, сорох дьон эбии олоппос киллэрдилэр, бэл атахтарыгар да турааччылар үгүстэр. Бу дьоро киэһэ араас сылларга ыытыллыбыт күрэхтэр кыайыылаахтарын, Гаврил Николаев бииргэ төрөөбүттэрин, “Туймаада” ансаамбыл уонна улууспут талааннаах дьонун иэйиилээх толорууларын иһиттибит. Гаврил оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскаларын көрөн, айар аартыгар үктэммитин туһунан иһирэх ахтыыны истэн бары да уйадыйбыт.

Үрдүк сыанаттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччытын Мария Васильевна Турантаева, “Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон баһылыгын солбуйааччытын Марфа Викторовна Игнатьева, Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура департаменын салайааччытын Айталина Михайловна Мойтохонова уонна “Ороһу нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтэ Аҕа баһылыгын Анатолий Васильевич Антонов эҕэрдэ тылларын иһиттибит. Мария Васильевна Турантаева: “Гаврил Николаев төрөөбүтэ 50 сыллаах өрөгөйүн Дьокуускай куорат судаарыстыбаннай циркэтин уораҕайыгар бу дьыл сэтинньи-ахсынньы ыйдарын эҥэр ыытыахха оруннаах”, диэбитин бары да олус үөрэ, долгуйа иһиттибит.

Юрий Васильев

Салгыы Петр Тобуроков аатынан Кыайыы скверигэр “Кутаа тула ырыалар” доҕордоһуу түһүлгэтэ буолла. Сулустаах халлаан анныгар кыттааччылар, ыалдьыттар көҥүл микрофоҥҥа гитара, баян доҕуһуолунан ырыа ыллаатылар, күрэх тула санаа атастастылар. Тэрээһини Ороһу нэһилиэгин олохтооҕо, Гаврил Николаев үөлээннээҕэ, аймаҕа Леонид Егорович Васильев олус истиҥник иилээн-саҕалаан ыытта. Дьоро киэһэ кыттыылаахтара итии чэйинэн, миининэн, сылаас алаадьыннан уонна ис сүрэхтэн тахсар ылбаҕай ырыанан күндүлэнэн олус диэн астынан тарҕастылар.

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр сарсыарда эрдэттэн күрэх иккис сүүмэрдиир түһүмэҕэр кыттааччылар патриотическай ырыалары толордулар. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр суруллубут ырыалартан саҕалаан кэлиҥҥи кэмҥэ суруллубут ырыаларга тиийэ нууччалыы да, сахалыы да ырыалары иһиттибит. Сүүмэрдиир түһүмэх кэннэ кыттааччылар Үөһээ Бүлүүгэ норуот айымньытын дьиэтигэр күрэх финалистарын кэнсиэрин көрдөрдүлэр. Онон улуус киинигэр олорор дьон-сэргэ күрэх кыттааччыларын, “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаабыл солистарын илэ көрөр чиэскэ тигистибит диэн олус үөрбүттэр этэ.

Киэһэ 20 ч. Ороһу нэһилиэгэр, күрэх күүтүүлээх уонна муҥутуур долгутуулаах түгэнэ Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинигэр икки сүүстэн тахса көрөөччүнү муста. Гала кэнсиэри НКИХ биир бастыҥ ыытааччыта, биир дойдулаахпыт Роман Алексеев иилээн-саҕалаан ыытта.
Ол курдук, биирдиилээн толорууга уопсайа уон икки номинация олохтонно:
1. «Дьүрүскэн куолас» – Набый Салайа – Аархан кыыһа (Сунтар) спонсор: М-н «Бэллэкэ» сал. Спиридонова Люция Петровна;
2. «Иэйиилээх толорооччу» – Надежда Ананина (Булуу) спонсор: М-н «Мила» сал. Михайлова Лена Прокопьевна;
3. «Күрэх арыйыыта» – Сайаана Неустроева (Дьокуускай к.) спонсор: Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтата баһылык Федотов Сергей Петрович;
4. «Эрчимнээх толоруу» – Михаил Спиридонов (Үөһээ Бүлүү) спонсор: «Баалыкай» сал. Еттянов Николай Николаевич;
5. «Утум куттаах ырыа» – Иван Чагда (Кэбээйи) спонсор: М-н «Македон» сал. Семенов Петр Македонович, Тамалакан нэһилиэгин дьаһалтата баһылык Иванов Петр Прокопьевич;
6. «Алыптаах куолас» – Елена Каменева (Үөһээ Бүлүү) спонсор: М-н «Мила» сал. Михайлова Лена Прокопьевна;
7. «Бастыҥ академическай толоруу» – Айталина Макарова (Кэбээйи) спонсор: Үөһээ Бүлүүтээҕи пищекомбинат сал.Алексеев Николай Иванович;
8. «Тыыннаах доҕуһуол» – Валерий Корякин (Чурапчы) спонсор: Романовтар дьиэ кэргэттэрэ;
9. «Кыайыыга кынаттаах ырыа» – Саргылаана Семенова (Ньурба) спонсор: Үөһээ Бүлүүтээҕи пищекомбинат сал. Алексеев Николай Иванович;
10. «Талба талаан» – Анна Ефремова (Үөһээ Бүлүү) спонсор: ИП Сортолова Светлана Светлановна;
11. «Ылбаҕай ырыаһыт» – Мичийэ Матвеева (Амма), спонсор: Гаврил Николаев оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро;
12. «Көрөөччү биһирэбилэ» – Иван Тимофеев (Бүлүү улууһа) спонсор: Үөһээ Бүлүүтээҕи культура уонна духуобунай сайдыы департамена;

Сүрүн бириистэр:
 Үһүс степенээх дипломант – Михаил Санников (Дьокуускай к.), спонсор: М-н «Чуоккай» сал. Павлов Степан Иннокентьевич;
Иккис степеннээх дипломант – Константин Романятов (Үөһээ Бүлүү), спонсор: М-н «Аар хатыҥ» сал. Николаев Иван Николаевич;
Маҥнайгы степеннээх дипломант – Анатолий Гуляев (Орто Халыма), спонсор: М-н «Кустук» сал.Тумусов Семен Семенович, аптека «ФармаМир» сал. Петров Николай Николаевич уонна анал бириис;
Үһүс степеннээх лауреат – Петр Пестерев (Хаҥалас), спонсор: м-н «ФрешМаркет» сал. Седалищева Наталья Федоровна;
Үһүс степеннээх лауреат – Артем Тюкянов (Үөһээ Бүлүү), спонсор: Гаврил Николаев эдьиийэ «Офсет» рекламнай агенство директора Дария Николаевна Скобелева;
Иккис степеннээх лауреат – Иоганн Матвеев (Бүлүү), спонсор: ИП Семенов Федот Харитонович (Горнай улууһа), Гаврил Николаев аҕатынан аймахтарын оҕолоро уонна Анегина Егоровна Ильина – Дмитриева анал бирииһэ;
Иккис степеннээх лауреат – Евдокия Фомина (Уус- Алдан), спонсор: Хомустаах, Боотулуу, Быракаан, Бала5аннаах, Дүллүкү, Нам култуура сынньалаҥ кииннэрэ, Индира Васильевна Ф., Гаврил Николаев аҕатынан аймахтарын оҕолоро, ИП Прокопьев Егор Юрьевич;
Маҥнайгы степеннээх лауреат – Терентий Егоров (Кэбээйи), спонсор: Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ;
Маҥнайгы степеннээх лауреат – Линда Захарова (Мэҥэ – Хаҥалас), спонсор: Культура уонна духовнай сайдыы департамена, норуот айымньытын киинэ уонна анал бириис;
Гран- При – Наталья Ильина (Үөһээ Бүлүү), спонсор: «Ороһу нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата баһылык Антонов Анатолий Васильевич, Ороһу нэһилиэгин олохтоохторо уонна анал бириис “Тыыннаах доҕуһуол” убайдара, чугас доҕотторо.
Бөлөҕүнэн толоруу:
2. СӨ «Туймаада» судаарыстыбыннай ырыа ансаамбылын анал бирииһэ – Матвеевтар дьиэ кэргэттэригэр (Амма);

Бөлөҕүнэн толорууга:
Үһүс степеннээх лауреат – Дуэт Марина Петрова, Ньургустаана Бугулова (Үөһээ Бүлүү), спонсор: Гаврил Николаев үөлээннээхтэрэ;
Иккис степеннээх лауреат – Вокальнай ансаамбыл «Айыллаана», сал. Айталина Макарова (Кэбээйи улууһа), спонсор: Нам нэһилиэгин дьаһалтата баһылык Кардашевскай Александр Иннокентьевич, Балаҕаннаах нэһилиэгин дьаһалтата баһылык Дмитриев Степан Иванович, Быракаан нэһилиэгин дьаһалтата баһылык Оконосов Алексей Арсентьевич, Гаврил Николаев убайа Александр Иванович, Анна Артуровна Ивановтар;
Маҥнайгы степеннээх лауреат – Вокальнай ансаамбыл «Үрдэл» сал. Ньургустаана Бугулова (Үөһээ Бүлүү), спонсор: ИП Тимофеев Василий Уварович уонна анал бириис – сертификат м-н “Ажадэ” сал. Поскачина Евгения Георгиевна;
 Гран- При – «Ситим» эр дьон вокальнай ансаамбыла, сал. Дмитрий Дьячковский (Үөһээ Бүлүү), спонсор: «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтата баһылык Николаев Валерий Валерьевич.
Күрэс генеральнай партнера – «ПроФото» сал. Антонов Александр Иванович.

“Гаврил Гаврильевич Николаев аатын үйэтитиигэ буолбут үрдүк таһымнаах тэрээһиммитигэр бириистэри туруорбут, көмөлөспүт спонсордарбытыгар, кыттыспыт дьоммутугар ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Тус бэйэҕитигэр, чугас дьоҥҥутугар кытаанахтан – кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиилэри, саҥа саҕахтары, баҕарбыт баҕа санааҕыт барҕара туруохтун, санаабыт санааҕыт санаа хоту ситтин диэн алгыспытын ыытабыт!”, – диэн Ороһубут нэһилиэгин дьаһалтата, күрэх тэрийээччилэрэ, нэһилиэк олохтоохторо улахан махталларын тиэрдэллэр.

Гран-при хаһаайката Наталья Ильина (Үөһээ Бүлүү)
Бөлөҕүнэн толоруу Гран-при хаһаайыттара “Ситим” ырыа ансаамбыла сал. Дмитрий Дьячковскай

Маны таһынан этэр буоллахха, Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ (директор Докторова К.И.) уоппуска диэни билиммэккэ, туруоруммут сыалларын ситиһээри сайыны мэлдьи бэлэмнэммиттэрэ, үгүстүк сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ. Күрэх сүрүн идеятын өссө 2024 с. “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбылы кытары ситимнээн аҥардас күрэх эрэ форматынан буолбакка, киэҥ программалаан фестиваль быһыытынан бардын диэн бырайыак суруллубута. Билигин сынньалаҥ киинин аанын арыйааккын кытары Гаврил Николаевка аналлаах кини олоҕун, айар үлэтин кэрчиктэрин кэпсиир стендэ турбута олус хайҕаллаах. Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура департамена (сал. Мойтохонова А.М.), МАУ ЦНТ коллектива күрэх ымпыгын-чымпыгын ситэрсэн, уус-уран саалайааччы Аммосова Светалана Дмитриевна киһи дууһатын ортотунан киирэр уус-уран тыллаах сценарийы суруйан, күрэх чэрчитинэн ыытыллыбыт “Кутаа тула ырыа” тэрээһиҥҥэ ыалдьыттары сылаас аһылыгынан хааччыйбыт сынньалаҥ киинин коллектива (директор Докторова К.И.) уонна күрэхтэһии кэмигэр кафетерий тэрийэн үлэлэппит олохтоох дьаһалта, оскуола, уһуйаан коллектива, “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ күрэх үрдүк таһымнаахтык ааһарыгар дьоһун кылааттарын киллэрдилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, СӨ «Туймаада» судаарыстыбыннай ырыа ансаамбылын солиһа, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха сирин «Көмүс куолаһа» Гаврил Гаврильевич Николаев аатын үйэтитэр «Умнуллубат ол сулус» IV өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас ырыа күрэҕэ инниктин даҕаны өрөспүүбүлүкэбит талааннаах дьонун бэйэтин тула түмэ, саҥа талааннары арыйа турдун. Туругурдун саха ырыата!

Жанна Иванова

Уйбаан Ороһуунускай аатынан

Ороһутааҕы модельнай библиотека

сэбиэдиссэйэ