Биир дойдулаахпыт поэт, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи, норуот эмчитэ И.Е. Иванов – Уйбаан Ороһуунускай төрөөбүтэ 80 сылын көрсө, “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө 35 сылынан уонна “Суруйааччылар төрөөбүт алаастарынан айан” бырайыак чэрчитинэн улууспут оскуолаларын 7-8 кылааһын үөрэнээччилэрин икки ардыларынан “Уран тыл уйата” литературнай квест ыам ыйын 27 күнүгэр, Россияҕа библиотека күнүгэр даҕатан, буолан ааста.

“Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕүн салайааччыта Михайлова Нина Никитична “Суруйааччылар төрөөбүт алаастарынан айан” диэн олус кэрэхсэбиллээх бырайыагы суруйан, быйыл Нам улууһугар ыытыллыбыт эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар аналлаах НПК-ҕа ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэ. Бырайыагы Уйбаан Ороһуунускай төрөөбүтэ 80 сылыгар, “Иэйиэхсит” түмсүү 35 сылыгар уонна Россияҕа библиотека күнүгэр аныахха диэн уопсай сүбэннэн ыам ыйын 27 күнүгэр чугас сытар нэһилиэк оҕолорун түмэн ыыттыбыт.
Күрэххэ уопсайа үс хамаанда кыттыыны ылла: Петр Тобуруокап аатынан Нам, Балаҕаннаах уонна Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Хамаандалар бары 11 ч. Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ кииниттэн мустан Афанасий Федоров уонна Семен Руфов дойдуларыгар Тамалакааҥҥа тиийэн хоһооннорун доргуччу аахтылар, Тамалкаан орто оскуолатын библиотекарын Трофимова Анастасия Васильевна кэрэхсэбиллээх кэпсээнин иһиттилэр.
Салгыы поэт Василий Гольдеров дойдутугар Ороһуга кэлэн поэт хоһоонун аахтылар. Уйбаан Ороһуунускай төрөөбүт алааһыгар Дьаархаҥҥа уонна Петр Тобуруокап, Баһылай Кустуктуурап алаастыгар Кустукка тиийэ айаннаатылар.


Салгыы бүттүүн Россиятааҕы “Сила книги” акцияҕа кыттыһан Василий Ксенофонтович Кустуктуров “Колхоз хотойдоро” диэн хоһоонун библиотекарь Жанна Семеновна ааҕан иһитиннэрдэ, урукку “Кустук” колхоз туһунан кылгастык билиһиннэрдэ.
Хата күммүт-дьылбыт “күөххэ үктэнэн дэлэйдик көй салгыҥҥа көччүйүҥ” диэбиттии туран биэрдэ. Айан бөҕөтүн айаннаан кэлбит дьон сиэринэн Ороһу орто оскуолата хааччыйбыт сухой паегунан уонна Ороһутааҕы библиотека тех үлэһитэ Екатерина Константиновна минньигэс миинининэн күндүлэннилэр. Салгыы суруйааччыларбытыгар аналлаах өй күрэһэ уонна веселые старты оонньуута буолла.
Оҕо эрдэхпитинэ Нина Никититчна дьыл баччатыгар шлюзка таһааран күөгүлэтэр үгэстээх буолааччыбыт. Быйыл да онтон туора турбакка “бастакы чиэрбэ” уонна “бастакы балык” күрэс тэрийдибит.

Түмүк тахсыан иннинэ оҕолор илдьэ кэлбит музыкальнай нүөмэрдэлэринэн эҕэрдэлэстилэр.
Күрэхтэһии түмүгүнэн 3 м. Балаҕаннаах орто оскуолатын хамаандата, 2 м. Нам орто оскуолата, 1 м. Ороһу орто оскуолатын хамаандалара ыллылар.






Күүтүүлээх сайыҥҥы сынньалаҥ күннэрэ субу курдук көхтөөхтүк, эккэ-хааҥҥа, өйгө-санааҕа туһалаахтык саҕаланнылар. Күрэххэ илдьэ кэлбит салайааччыларга, суоппардарга тэрийээччилэр аатарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Жанна Иванова