Киһи барахсан орто дойдуга кэлбит олоҕо ама эрдэттэн ыйыллан-кэрдиллэн кэлэрэ буолуо дуо? Бу саһарбыт хаартыскаларга хатаммыт эдэркээн мөссүөннэр үйэ кэриҥэ харахха ончу хатаммакка буолан баран кичээҥитик ууруллан биһиги үйэбитигэр кэллэхтэрэ. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, чопчу түгэни баттаһа бар дьон биһиги сырдык мөссүөммүтүн көрдүн, уоттаах сэрии сэрии сиэбит эдэр сааһын ахтан-санаан аастыннар диэн буолуо бука…
Кыраайы үөрэтээччи, учууталбыт Сардаана Николаевна Васильева, мин үөрэнээччитэ харахпар, ончу кылааты көрдүүр киинэ дьоруойа Индиана Джонс курдук. Булбута-талбыта, толкуйа мындыра. Ол да курдук, быйыл кини Кэнтик нэһилиэгин түмэлин хараанньыта Любовь Алексеевна Васильева уонна биир дойдулаахпыт Геннадий Петрович Бечеряков көмөлөрүнэн икки фронтовик хаартыскатын Кыайыы күнүн иннинэ булан ылла.

Тоорускай Максим Федорович 1881 сыллаах төрүөх, 1943 сыллаахха бэс ыйын 15 күнүгэр РККА ыҥырыллыбыт, 1945 сыллаахха кэлбит. Забайкальскай Военнай Уокурукка Алтайскай кыраайга сулууспалаабыт, чааһа биллибэт, 1976 сыллаахха өлбүт. Үөрэҕэ суох. Кэргэнэ Торская Ирина, киин балыыһаҕа медсестраннан үлэлээбит. Анатолий диэн иитийэх уоллаахтар эбит.

Тимофеев Игнатий Петрович, 1926 сыллааҕы төрүөх, 1944 сыллаахха ыҥырыллыбыт, 1948 сыллаахха кэлбит, Алтайскай кыраайга сулууспалаабыт, чааһа биллибэт, 1978 сыллаахха өлбүт.
Субу курдук киэн туттар биир дойдулаахтарбыт туһунан туох эмит матырыйаал көһүннэҕинэ оҕолуу үөрэбит. Улуу Кыайыыны уһансыбыттар үйэлэргэ өлбөөдүйбэт сырдык сулус буолан Ороһубут үрдүнэн чаҕылыччы өрүү тыга турдуннар!
Жанна Иванова