“Биир уураах уонна Ороһу дьонун дьылҕата”

Муус устар 23 күнүгэр библиотекабытыгар кыраайы үөрэтээччи Васильева Сардаана Николаевна уонна Ороһу орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Арчылаана Васильева “Биир уураах уонна Ороһу дьонун дьылҕата” диэн, олус дириҥ ис хоһоонноох чиничийиилэрин түмүгүн бар дьоҥҥо иһитиннэрдилэр. Саха сиригэр биллэр судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Гаврил Иосифович Чиряев Үөһээ Бүлүүбүтүгэр райком бастакы сэкиритээринэн 1951-1958 сылларга улэлээбитэ. Бу кэмҥэ өрө […]

Геннадий Бечеряков дьоро түһүлгэтэ

Сахалыы ырыаны таптаан, сэҥээрэн истэр хас биирдии Сахабыт Сирин олохтооҕо “Түннүгүм кырыалаах ньууругар, эйигин уруһуйдуубун”, “Дьол уонна сор” уонна уостан түспэт, Гаврил Николаев аар саарга аатырпыт “Туйаарыма Куотун” хайаатар да билэр буолуохтаах. Онтон бу ырыалар автордара Үөһээ Бүлүү улууһун оччугуйкаан Ороһутуттан төрүттээҕин билэллэрэ буолуо дуо? Кулун тутар 29 кунүгэр Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинигэр РФ […]

Библиотекаҕа оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ

Күүтүүлээх сааскы сынньалаҥ күннэрин дьүөрэлии Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа “Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ” бэрт тэтимнээхтик ааста. Ол курдук, кулун тутар 26 күнүгэр Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө «Мин саллаат сиэнэбин» байыаннай-патриотическай квест оонньуу буолан ааста. 5,6,7,8 кылаас үөрэнээччилэриттэн турар икки хамаанда араас тургутуктары аастылар. Бастакы түһүмэххэ нэһилиэк историятыттан ыйытыктар, иккискэ кроссворд, үһүскэ кыайыыны уһансыбыт биир […]

“Ороһу нэһилиэгин Далбар Хотуттара” тургутук

Ороһубут нэһилиэгин кэрэ-мааны Далбар Хотуттарын – эйэҕэс эбээлэрбитин, күн күбэй ийэлэрбитин, эдьиийдэрбитин, балыстарбытын маҥнайгы сааскы бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Нэһилиэкпит силигилии сайдарыгар үгүс кэрэ аҥар турууласпыта, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр холкуос ыарахан үлэтэ барыта кинилэр чараас санныларыгар сыппыта, ол да кэннэ дойдуну сэрии кэннэ атаҕыгар туруорарга кинилэр тобуллаҕас толкуйдара, тулхадыйбат тулуурдара төһүү күүс буолбута. Быйыл дойдубутугар […]

“Ороһу нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт “Кыайыы Знамятын” көрүстүбүт.

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Сахабыт сиригэр Кыайыы Знамята эстафетатын Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев 2024 сыл, ахсынньы ый 28 күнүгэр сахалартан бастакыннан “Сэбиэскэй союз дьоруойа” албан ааты сүкпүт Федор Кузмич Попов төрөөбүт дойдутун Мэҥэ- Хаҥалас улууһун дьонугар сэргэтигэр туттарыытыттан саҕаламмыта. Онтон ыла, Кыайыы Знамята 15 улууһу кэрийэн, бүгүн биһиги тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүт улууһугар, Ороһу […]

“Ороһуга Ийэ тыл дьоро киэһэтэ”

Олунньу ый 13 күнэ Ийэ тыл уонна сурук-бичик, Үөһээ Бүлүү улууһа тэриллибитэ 90 сылын уонна поэт, кыраайы үөрэтээччи, норуот эмчитэ Иванов И.Е. – Уйбаан Ороһуунускай төрөөбүтэ 80 сылын көрсө “Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм” тэрилтэлэр икки ардыларыгар уус-уран ааҕыы күрэҕэ уонна Т.О.К. булугас өйдөөхтөр күрэстэрэ бэрт көхтөөхтүк буолан ааста. Ону таһынан Саха НКИХ Т.О.К. ыытааччыта […]

“Сэттээх-сэмэлээх буолааччы…”

(таҥхалааһын туһунан кутталлаах кэпсээннэр) “Кириэс мас сэтэ“Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола оҕолоро ферма үлэһиттэрин солбуйа үлэлии тахсыбыттар. Оччотооҕу онус кылаас оҕолоро инникини билээри, үлэлээн бүтэн, дьэ, таҥхалыырга санаммыттар. Түүннэри бүлүүһэ сүүрдүбүттэр. Биир уоллара пионер бэрдэ, сэбиэскэй былаас патриота Алеша: ‘’Абааһыны, иччини адьас итэҕэйбэппин, барыта сымыйа, ким эрэ ити […]