Оҕо быраабын остуоруйаттан саҕалаан: Ороһутааҕы модельнай библиотека сонун тэрээһинэ

Оҕо быраабын остуоруйаттан саҕалаан: Ороһутааҕы модельнай библиотека сонун тэрээһинэ

Сэтинньи 13 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы президенэ, судаарыстыбаннай деятелэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр уонна инновация күнүгэр аналлаах дэкээдэ чэрчитинэн, Ороһутааҕы модельнай библиотека правовой хайысхалаах интэриэһинэй тэрээһини ыытта. “Права в сказках: разбираем дело” диэн ааттаммыт дьарыкка алын кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Тэрээһин сыала-соруга — оҕолорго сокуон уонна быраап өйдөбүллэрин судургутутан, остуоруйа сюжетын нөҥүө тиэрдии. Тэрээһин хас […]

Ороһу быйаҥын кистэлэҥэ.

Ыам ыйа барахсан кэрэтиэн! Уһун кыһын кэнниттэн, уһуктубуттуу, айылҕабыт тиллэн күөгэйэн барар. Ону кытары Ороһу эбэ барахсан уута халааннаан, нэлэһийэ устар. Бу кэмҥэ кини кытылларыгар туран, чахчы да муора аттыгар сылдьар курдук сананаҕын — модун уу ньуура күн уотугар күлүмнүү оонньуур, киһи хараҕа ылбат киэҥ дуолугар кубулуйар. Урут, оҕо сылдьан, бу кэрэ көстүүнү баардыылаабат, улахаҥҥа […]

“Халандаар бэлиэ күнэ” проект Улуу Өктөөбү уруйдуур.

Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотека уонна «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө «Халандаар бэлиэ күннэрэ» бырайыак чэрчитинэн, устуоруйа кэрэһитэ буолбут биир дьоһуннаах тэрээһини ыыттылар. «Сэтинньи сэтистиир күүрээннээх күнэ» диэн ааттаммыт көрсүһүү лоп-бааччы сэтинньи 7 күнүгэр буолла. Бу күн библиотекаҕа хас да көлүөнэ дьон — оҕолор уонна эбээлэр — көрсөн, ааспыт кэм ахтылҕанын, көлүөнэ ситимин биир тыынынан ыллылар. […]

“Кинигэ тула” — ааҕыыга көҕүлүүр

Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотекаҕа саха тылын кутун-сүрүн, устуоруйатын кытары ситимнээх биир кэрэ үгэс олохсуйда — «Кинигэ тула» бырайыак. Субуота ахсын тиһигин быспакка ыытыллар тэрээһини библиотека уонна «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө (сал. Н.Н. Михайлова) көҕүлүүллэр. Кинилэргэ Ороһу орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас сал. Л.П. Кондакова) күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллар. Алтынньы 31 күнүнээҕи көрсүһүү ураты иэйиилээхтик […]

Аалай сулус сырдыга: «Халандаар бэлиэ күннэрэ» бырайыак комсомол күнүн көрүстэ.

Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотека уонна «Иэйиэхсит» оҕо түмсүүтэ «Халандаар бэлиэ күннэрэ» бырайыак чэрчитинэн, ыйга биирдэ устуоруйа уонна култуура умнуллубат түгэннэригэр аналлаах көрсүһүүлэри тэрийэр. Алтынньы бүтүүтэ, Комсомол күнүн көрсө, бибилэтиэкэҕэ ыҥырыылаах ыалдьыттары кытта истиҥ көрсүһүү буолла. Комсомол аалай уоттаах сулуһа ыҥыран, үйэлэрин саастарын тухары Ороһу сирин-уотун иккис дойду оҥостубут, хоту дойду хоһуун кыргыттара бүгүн […]

«Кинигэ тула» бырайыак – ааҕыы тыйаатыра

Уйбаан Ороһуунускай аатынан нэһилиэк бибилэтиэкэтэ «Кинигэ тула» бырайыагы олоххо киллэриини саҥа таһымҥа таһаарда. Бу сырыыга үөрэнээччилэр уонна кинилэр төрөппүттэрэ ааҕыыны көннөрү дакылаат эрэ курдук буолбакка, дьиҥнээх айар куонкурус, тыҥааһыннаах күрэс былдьаһыы быһыытынан ылыналлар. Хас биирдии кыттааччы бэйэтин айымньытын уратытык арыйарга, истээччи сүрэҕэр тиийэр гына тиэрдэргэ дьулуһар. Алтынньы 10 күнүгэр 6-с кылаас үөрэнээччитэ Лебедкина Валерия Амма […]

Билии аартыга арыллар: Уйбаан Ороһуунускай аатынан кылааска бастакы чиэппэр түмүктэннэ

Бүгүн Уйбаан Ороһуунускай аатынан кылаас үөрэх бастакы чиэппэрин дириҥ ис хоһоонноох үс тэрээһининэн бэлиэтээтэ. 6-с кылаас үөрэнээччилэрэ билии-көрүү аартыгын сэргэ, аһыныгас санаа уонна дойдуга таптал үрдүк өйдөбүллэрин кытта билистилэр. «Кинигэ тула» бырайыак бүгүн номнуо алтыс кыттааччыта Эльвира Яковлева “Хотой доҕоро” диэн Николай Якутскай кэпсээнин иһиттибит. Эльвира кэпсээнин кукольнай театр көмөтүнэн арыйда, оҕолорго уонна кэрэхсиир сүбэҕэ […]

«Кинигэ тула» — ааҕыы алыптаах эйгэтэ

Кинигэ тула проект

«Кинигэ тула» диэн сонун бырайыак номнуо тигинэччи үлэлээн, дьон-сэргэ болҕомтотун тардан эрэр. Ааҕыыны көҕүлүүр, кинигэҕэ тапталы иҥэрэр соруктаах тэрээһин иккис уочаратыгар бэрт сэргэх, дириҥ ис хоһоонноох көрсүһүүлэр буолан аастылар. Иккис уочараттаах Камилла Ноговицына Василий Гольдеров «Илгэлээх ардах» кинигэтиттэн «Костя» диэн кэпсээни талан ылбыт. Камилла доҕотторун көмөтүнэн кыракый инсценировканы туруорда: бэйэтэ куукуланы хамсатан, куолаһын уларытан, оруолга […]