Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотека уонна «Иэйиэхсит» оҕо түмсүүтэ «Халандаар бэлиэ күннэрэ» бырайыак чэрчитинэн, ыйга биирдэ устуоруйа уонна култуура умнуллубат түгэннэригэр аналлаах көрсүһүүлэри тэрийэр. Алтынньы бүтүүтэ, Комсомол күнүн көрсө, бибилэтиэкэҕэ ыҥырыылаах ыалдьыттары кытта истиҥ көрсүһүү буолла.

Комсомол аалай уоттаах сулуһа ыҥыран, үйэлэрин саастарын тухары Ороһу сирин-уотун иккис дойду оҥостубут, хоту дойду хоһуун кыргыттара бүгүн нэһилиэкпит киэн туттар Далбар Хотуттара буолан олороллор. Кинилэр эдэр саастарыгар кэлэн, манна ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн, билигин сиэннэр тапталларыгар бигэнэн, нэһилиэк социальнай олоҕор актыыбынайдык кытталлар.
Биир оннук киэн туттар киһибитинэн «Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо», элбэх оҕолоох ытык ийэ, эйэҕэс эбээ Саргылаана Даниловна Егорова буолар. Кини Семен Руфов аатын сүгэр 9 кылаас үөрэнээччилэригэр эдэр сааһын чаҕылхай түгэннэрин, оччотооҕу эдэркээн сүрэхтэр уоттаах кыымнарын туһунан долгуйан туран кэпсээтэ:

«1981 сыллаахха Өлөөн улууһугар оскуоланы бүтэрэн, «Оскуола — производство — үөрэх» диэн ыҥырыылаах комсомольскай путевканан, икки сыллаах дуогабары түһэрсэн, биһиги биэс кыыс Үөһээ Бүлүүгэ доярканан үлэлии кэлбиппит: мин — Саргылаана Даниловна Егорова (Николаева), Альбина Прокопьевна Иванова (Николаева), Валентина Васильевна Малахаева (Данилова), Надежда Николаевна Алексеева (Быһыттаах Тупсуура Хаччылаах кыыһа) уонна Нина Трофимовна Скрибыкина (Алексеева). Биһигини олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, үлэҕэ-хамнаска сыһыарбыттара. Кэлин Ороһуга олохсуйан, ыал буолан, оҕо төрөтөн, саха кэскилин тэниппиппит. Кэргэмминээн Александрдыын билигин элбэх оҕо эбээтэ, эһээтэ буолан олоробут, кэтэх бааһынай хаһаайыстыбаны тутан, сахалыы сиэринэн быр-бааччы олоробут».
Көрсүһүү иккис ыалдьыта — 9-с кылаас кылаас салайааччыта Сардаана Алексеевна Осипова. Кини эмиэ оччотооҕу кэм ыччатын сиэринэн, комсомольскай путевканан илин эҥэр улууска үлэлии барбыт кэмнэрин, эдэр саас эрчимнээх күннэрин истиҥник ахтан-санаан ылла.
Ыалдьыттар оччотооҕу кэм хаартыскаларын, комсомол билиэтин, значоктарын көрдөрөн, оччотооҕу дьон үлэҕэ дьулуурун, доҕордоһуу күүһүн кэпсээтилэр. Кинилэр бэлиэтииллэринэн, оччотооҕу «үлэ кэнсиэпсийэтэ» киһини эрэ буолбакка, норуоту бүтүннүү сайыннарбыта, биир санаанан салайтаран, уустуктары бииргэ туоруурга үөрэппитэ.


Тэрээһин тыҥааһыннаах уонна көрдөөх түгэнинэн «Зумеры против комсомольцев» диэн викторина буолла. Билиҥҥи кэм оҕолоро (зуммердар) уонна оччотооҕу кэм ыччаттара (комсомоллар) устуоруйаны, ырыалары-тойуктары, үгэстэри төһө билэллэрин тургуттулар. Көрсүһүү түмүгэр «зумердар» хамаандалара чаҕылхай билиилэринэн, түргэн толкуйдарынан кыайыылаах тахсан, ыалдьыттары соһуттулар да, үөртүлэр да.

«Халандаар бэлиэ күннэрэ» бырайыак бу курдук көлүөнэлэри ситимниир, устуоруйаны тыыннаах кэпсээнинэн тиэрдэр аналлаах. Күһүҥҥү каникул биир күнэ олус сэргэхтик, истиҥник уонна туһалаахтык ааста. Оҕолор ааспыт кэм дьоруойдарын кытта сирэй көрсөн, кинилэр олохторуттан холобур ылан, бэйэлэрин инники суолларын торумнуулларыгар бэртээхэй үөрэх буолла.
