“Кинигэ тула” — ааҕыыга көҕүлүүр

Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотекаҕа саха тылын кутун-сүрүн, устуоруйатын кытары ситимнээх биир кэрэ үгэс олохсуйда — «Кинигэ тула» бырайыак. Субуота ахсын тиһигин быспакка ыытыллар тэрээһини библиотека уонна «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө (сал. Н.Н. Михайлова) көҕүлүүллэр. Кинилэргэ Ороһу орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас сал. Л.П. Кондакова) күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллар.

Алтынньы 31 күнүнээҕи көрсүһүү ураты иэйиилээхтик ааста. Котоконов Витя Эрилик Эристиин «Хачыгыр» кэпсээнин ааҕан баран, ааҕыы умсулҕанын доҕотторугар ис сүрэҕиттэн үллэһиннэ. Кини революция иннинээҕи саха дьонун эрэйдээх-буруйдаах олоҕун, баай батталын туһунан бэрт итэҕэтиилээхтик уонна чаҕылхайдык кэпсээтэ. Хачыгыр оҕо барахсан киһи да ахсааныгар киирбэт ыар дьылҕатын туһунан истэ олорон, мустубут оҕолор харахтарыгар курус толбоно көһүннэ. Витя бэйэтэ уруһуйдаабыт иллюстрацияларын көрдөрөн, уобараһы букатыннаахтык ситэрэн биэрдэ. Истээччилэр ыйытыыларыгар толору, лоп-бааччы эппиэттээн, кэпсээни ырытыыга дьоһуннаах кылааты киллэрдэ.

Кинигэни ырытыы кэнниттэн оҕолор икки хамаандаҕа хайдыһан, «Волшебный мир книг» диэн квест-оонньууга кытыннылар. Кинилэр кинигэ геройдарын кистэлэҥнэрин арыйан, өйдөрүн-санааларын тургутан көрдүлэр. Бу курдук күүтүүлээх күһүҥҥү каникул биир чаҕылхай, умнуллубат түгэнэ буолла.

Сэтинньи 7 күнэ – дойду историятыгар суолталаах күн. Айсаана Павлова Уйбаан Нуолур «Үс муннук сурук» кэпсээнин ааҕан кэлбитин үллэһиннэ. Кини сэриигэ сураҕа суох сүппүт эбээтин убайа Тимофеев Александр Гаврильевич дьонугар ыыппыт суруктарын, архыып матырыйаалларын хаартыскаларын көрдөрдө. Кэпсээн тула ыытыллыбыт минньигэс бириистээх викторина оҕолор болҕомтолорун өссө күүһүртэ. Онтон саамай долгутуулаах түгэн тосхойдо — Айсаана Анал Байыаннай Дьайыы кыттыылаахтарыгар, Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар эдэркээн буойуттарга анаан оҕолорго сурук суруйтарда. Хас биирдии сурук дьоруойдарга махтал уонна эрэллээх буолуу мэктиэтэ.

«Кинигэ тула» бырайыак — бу кинигэни илиигэ ылан көрүү эрэ буолбатах. Бу — утум ситимэ, көлүөнэлэр кэпсэтиилэрэ, төрөөбүт дойду устуоруйатын сүрэххэ-быарга иҥэриниитэ. Хас суббота ахсын Ороһутааҕы модельнай библиотекаҕа маннык сэргэх, истиҥ уонна дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин ыытыллара, оҕолорбут сахалыы тыллаах кинигэни кытары доҕордоһоллоро, дойдуга бэриниилээх буола улааталлара барыбытын үөрдэр. Маннык кэрэхсэбиллээх үлэ өссө да тэнийэн истин, кэрэ кэпсээн кэккэтэ хаҥаан истин!