Оҕо быраабын остуоруйаттан саҕалаан: Ороһутааҕы модельнай библиотека сонун тэрээһинэ

Сэтинньи 13 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы президенэ, судаарыстыбаннай деятелэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр уонна инновация күнүгэр аналлаах дэкээдэ чэрчитинэн, Ороһутааҕы модельнай библиотека правовой хайысхалаах интэриэһинэй тэрээһини ыытта. “Права в сказках: разбираем дело” диэн ааттаммыт дьарыкка алын кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар.

Тэрээһин сыала-соруга — оҕолорго сокуон уонна быраап өйдөбүллэрин судургутутан, остуоруйа сюжетын нөҥүө тиэрдии.

Тэрээһин хас да түһүмэҕинэн барда:

  • Литературнай чаас: Оҕолор “Куобах дьиэтэ” остуоруйаны куукула тыйаатырын нөҥүө көрдүлэр-иһиттилэр.
  • Практическай чаас: Остуоруйа сюжета юридическай көрүүнү ирдиир дьыалаҕа кубулуйда. Оҕолор бөлөххө арахсан, суут-процессуальнай оруолларга үллэстэн, “процессуальнай хамсаныылары” оҥордулар. Саһыл (буруйданааччы) уонна куобах (эмсэҕэлээччи) икки ардыларыгар мөккүөрү судьуйа, прокурор уонна адвокат быһаардылар. Кыттааччылар саһыл дьайыыта РФ Гражданскай кодексын ханнык эрэ ыстатыйатыгар (холобур, сокуоннайа суох бас билиини былдьааһын) сөп түбэһэрин ырытан, дьыала ис хоһоонун дириҥник өйдөөтүлэр. Суд түмүгүнэн бириигэбэр таҕыста.
  • Билиини тургутуу: Практика кэнниттэн викторина ыытылынна. Оҕолор остуоруйаҕа көстөр быраап кэһиилэрин ыйан көрдөрдүлэр.
  • Патриотическай иитии: Тэрээһин бүтүүтэ Михаил Ефимович Николаев олоҕун, үлэтин сырдатар документальнай киинэ көрдөрүлүннэ, бу оҕолорго төрөөбүт дойду историятыгар ытыктабылы үөскэттэ.

Тэрээһин кыттааччылара уонна тэрийээччилэрэ тэрээһинтэн улаханнык астыннылар. Кыайыылаахтар минньигэс бириистэри туттулар. Библиотека бу курдук интерактивнай көрүҥнээх правовой сырдатар үлэни салгыы ыытар былааннаах.