Билии аартыга арыллар: Уйбаан Ороһуунускай аатынан кылааска бастакы чиэппэр түмүктэннэ

Бүгүн Уйбаан Ороһуунускай аатынан кылаас үөрэх бастакы чиэппэрин дириҥ ис хоһоонноох үс тэрээһининэн бэлиэтээтэ. 6-с кылаас үөрэнээччилэрэ билии-көрүү аартыгын сэргэ, аһыныгас санаа уонна дойдуга таптал үрдүк өйдөбүллэрин кытта билистилэр.

«Кинигэ тула» бырайыак бүгүн номнуо алтыс кыттааччыта Эльвира Яковлева “Хотой доҕоро” диэн Николай Якутскай кэпсээнин иһиттибит. Эльвира кэпсээнин кукольнай театр көмөтүнэн арыйда, оҕолорго уонна кэрэхсиир сүбэҕэ тайах этин амсатта.

Оттон «Мир един» медиа-урок Аан дойдутааҕы көрбөттөр күннэригэр ананна. Уруок көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон күннээҕи кыһалҕаларыгар, кинилэргэ көмөлөһөр ньымаларга ананна. Оҕолор хараҕа суох киһи хайдах олорорун, Брайль суругун уонна инклюзивнай эйгэни тэрийии тоҕо наадатын туһунан дириҥник ырыттылар. Бу уруок оҕолорго киһиэхэ харыстабыллаах сыһыан уонна аан дойду барыта биир ситим буоларын өйдөтүүгэ улахан суолталаах хардыынан буолла.

Тэрээһиннэр «Символы России» олимпиаданан түмүктэннилэр. Манна үөрэнээччилэр Арассыыйа судаарыстыбаннай былааҕын, гиэрбэтин уонна өрөгөй ырыатын устуоруйатын, ону таһынан дойду араас норуоттарын үгэстэрин төһө билэллэрин тургуттулар.

Үөрэх күннэрэ түмүктэнэн, оҕолор күһүҥҥү сынньалаҥҥа тарҕастылар. Ол эрээри сынньалаҥ кэмигэр бибилэтиэкэ аана сабыллыбат. Үөрэнээччилэр бэйэлэрин былааннарыгар кинигэ уларсыыны уонна сынньалаҥ кэмигэр ыытыллыахтаах саҥа тэрээһиннэргэ кыттыыны ылыахтара.