Уран уус Агит Павлов сырдык аата ахтылынна.

Уран уус Агит Павлов сырдык аата ахтылынна.

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 25 күнүгэр, Дьокуускай куоракка «Хомус түмэлигэр» киэн туттар биир дойдулаахпыт, уран уус Агит Алексеевич Павлов төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх выставка олох үрдүк таһымҥа ааста. Агит Алексеевич сырдык аата дьон ахтыытыгар, кини илиитин сылааһынан тыыннанан, хараллан сыппыт хомустарын алыптаах дорҕоонноругар да истиҥник иһилиннэ. Аан дойдуга аатырар Түмэли тэрийбит, Агиты кытары ыкса билсибит, […]

«Оҕо – оҕоҕо»: Ороһу нэһилиэгэр саҥа үөрэх дьыла ураты бырайыагынан арылынна

«Оҕо – оҕоҕо»: Ороһу нэһилиэгэр саҥа үөрэх дьыла ураты бырайыагынан арылынна

Быйыл 2026–2027 үөрэх дьылыгар Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотека, Ороһу орто оскуолатын Уйбаан Ороһуунускай аатын сүгэр 6-с кылааһын коллектива (кылаас салайааччыта — Кондакова Люция Петровна) уонна «Иэйиэхсит» оҕо түмсүүтэ (сал. Михайлова Нина Никитична) күүстэрин холбоон, сонун сүүрээннээх «Оҕо – оҕоҕо» бырайыагы олоххо киллэрдилэр. Бу бырайыак сүрүн соруга — үөрэнээччилэр икки ардыларыгар доҕордоһууну бөҕөргөтүү, сахалыы тыллаах-өстөөх […]

Оҕуруот аһын туһунан төһө билэҕит?

Оҕуруот аһын туһунан төһө билэҕит?

Көмүс күһүн кэлэн бары да кыыдааннаах кырыа кыһыҥҥа бэлэмнэнии түбүгэр түһэбит. Сайын устата оҕуруот аһын арааһын үүннэрэн хаһаанабыт. Онтон ол оҕуруоппут аһылыгын туһунан араас дьиктини билэҕит дуо? Бу сигэннэн киирэн тургутугу ааһаргытыгар ыҥырабыт: https://forms.gle/Dj2hFtdofWrYpguP7

Ороһуга үс күннээх ыһыах.

Ороһубут нэһилиэгэ 1901 сыллаахха, ол эбэтэр 125 сыл анараа өттүгэр, I Үөдүгэй нэһилиэгиттэн арахсан, туспа нэһилиэк аатын ылбыта. Бу туһунан докумуоҥҥа маннык суруллубут: «1901 сыллаахха I Үөдүгэйтэн арахсан, Ороһу нэһилиэгэ диэн туспа нэһилиэк аатын ылбыппыт. Оччолорго биһиги өбүгэлэрбит, 340 эр киһи уонна 286 дьахтар, 70 биэрэстэ тэйиччи олорор буоланнар, туспа нэһилиэк буоларга быһаарыммыттара. Бу быһаарыныы […]

Сэрии кэмигэр Ороһу нэһилиэгин ыалларын дьылҕата.

Фашист халабырдьыттара бэс ыйын 22 күнүгэр кимэн киириилэрэ бүттүүн Сэбиэскэй Сойууһу ааҥнаабыта.Уоттаах сэрии алдьархайа Ороһубут нэһилиэгин тумнубатаҕа. Алааспытыттан барыта 104 киһи Аҕа дойду улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыттара. Олортон 49 киһи кыргыһыы толоонугар охтубуттара. 57 киһи эргиллэн кэлбиттэрэ. Сэрии кэмигэр 17 киһи үлэ фронугар ыҥырыллан Сангаарга, Тиксиигэ, Эдьигээҥҥэ, Дьокуускайга үлэлээбиттэрэ. Сэрии кэмигэр 1941-45 с.с “Килбиэннээх үлэтин” мэтээлинэн […]

Тургутук -“Дойдубун ахтабын”

Нэһилиэкпит 125 сыллаах өрөгөйүн көрсө поэт Уйбаан Ороһуунускай “Дойдубун ахтабын” хоһоонугар көппүт строкалары туруоран биэр. Сирбит-дойдубут ааттарын, чулуу дьонун төһө билэргин тургутан көр. Тургутууну бу сигэннэн киирэн толор: https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLSczPCUrAXt6MvK2YzoFECPeXllrpKYjPyy_obT2rr7HTN1qIw/viewform?usp=publish-editor