“Үлэ киһини киэргэтэр”

2023 сыл Саха сиригэр үлэ сылынан биллэриллибитэ. Бу туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анал этиитигэр ахсынньы 19 күнүгэр иһитиннэрбитэ. Онон бүттүүн Сахабыт Сирин үрдүнэн туох баар бары тэрилтэлэр, общественнай түмсүүлэр Үлэһит киһини өрө тутар, чиэстиир тэрээһиннэри күннэтэ ыыта тураллар. Сити курдук хабааннаах “Үлэ киһини киэргэтэр” тэрээһин Үөһээ Бүлүү улууһун Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекатыгар алтынньы […]

“Олох оскуолата” тэттик сериал иккис чааһа уһуллан саҕаланна.

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕыттан төрүттээх, Саха Народнай суруйааччыта Золотарев Н.Г. – Николай Якутскай сэтинньи 22 күнүгэр 115 сааһын туолар. Оҕо сааспытыгар Николай Якутскай “Ойуур оскуолата”, “Биирдии остуоруйа”, “Сэрэхтээх Сэмэликээн”, “Олох оскуолата” уо.д.а. кинигэлэрин уларсыһа сылдьан ааҕарбыт, ис хоһоонун кэпсэтэрбит, санаа атастаһарбыт. Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотека, “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө бу сааскыттан Николай Якутскай “Олох оскуолата” кинигэтинэн […]

“Чэбдик салгыҥҥа дьаарбайдыбыт”

Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотека уонна “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө 2023-2024 үөрэх дьылыгар оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо ыйга биирдэ тэрээһин ыытар былаан ылынан үлэбитин саҕалаатыбыт. Үлэбит сыала-соруга: түөлбэҕэ олорор, олорон ааспыт үтүө дьоммутун чиэстээһин, ахтан ааһыы. Оҕолору олохтоохторунан киэн туттуу тыыныгар иитии. Түөлбэ олоҕун кытта биир ситиминэн олоруу, сайдыы. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Ороһу түөлбэтин оҕолоро […]

“Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” – Ороһу нэһилиэгэр күһүҥҥү быйаҥ дьоро киэһэтэ.

Самаан сайын устата хас биирдии Далбар Хотун тэлгэһэтигэр оҕуруот аһын арааһын олордон чугас дьонун маанылыыр, сибэкки сиэдэрэйинэн симээн дьон хараҕын манньытар. Ол курдук, Сир Ийэ Хотун кута – Орто Дойдуга кэрэ аҥаар нөҥүө бэйэтин силигилиир күүһүн биэрэн кэлэр кэнэҕэски ыччакка кэскили түстүүр. Балаҕан ыйын 23 күнүгэр, Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинигэр, “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” […]

Уйбаан Ороһуунускай бибилэтиэкэтигэр “Библионочь 2023” тэрээһин

Бүттүүн Россия үрдүнээҕи библиотека күнүн ыам ыйын 27 күнүгэр Россия маҥнайгы президенэ Борис Ельцин көҕүлээһининэн 1995 сылтан бэлиэтиибит. Бу бэлиэ күн дойдубутугар наука, үөрэҕирии уонна култуура сайдыытын кэрэһэлиир. Сылын аайы библиотека күнүн көрсө 12-с төгүлүн дойдубут үрдүнэн “Библионочь” акция ыытыллар. Акция сыала соруга: библиотека аҥардас кинигэ эрэ уларсарга аналлаах буолбатаҕын, эбиитин бу дьону түмэр, саҥа […]

“Ороһуга өҥ уута” фото-конкурс үлэлэрэ.

“Ороһу-Нэгэдьээк” нүөлсүтэр систиэмэ историятыттан быһа тардан. Ороһу алаас сирдэрдээх, биир да үрэх кини ходуһаларын нүөлсүппэт этэ. Ол да иһин 50-с сыллардааҕы уот курааннар бэйэтэ мөлтөх хаһаайыстыбаны өссө мөлтөппүттэрэ. Онуоха эбиитин олорор Ороһубут күөлэ уолан, уута сытыйан киһи испэт буолбута.  Дьон Харбалаах-Тамалакаан бөһүөлэктэрин икки ардынан ааһар Быракаан үрэҕин сааскы халаанын уутун туһанарга өйдөрө-санаалара арахсыбата. Дьиҥэр , […]

“Эдэр көлүөнэ учууталларга…”

Күндү Ороһубут нэһилиэгин олохтоохторун тиһэх чуораан үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээн туран “Эдэр көлүөнэ учууталларга…” – диэн ытыктыыр биир дойдулаахтарбыт, үгүс оҕону билии киэҥ аартыгар атаарбыт учууталларбыт Власьева Ксения Самсоновна, Иванова Ираида Михайловна, Васильева Федора Алексеевна уонна Борисов Михаил Семенович педагогическай уопуттарын, кэлэр көлүөнэ уһуйаачыга сүбэлэрин көрөргүтүгэр ыҥырабыт!

“Ороһуга куйуур күрэҕэ”

Ороһу нэһилиэгэр Кырыа кыһыны атаарар бэлиэ күн буолан ааста. Эбиэт иннигэр сыал ытыыта, ханаат тардыһыыта, салаасканан сосуһуу, куулу кэтэн баран сүүрүү, баҕанаҕа ыттыы курдук көрдөөх күрэхтэр ыытылыннылар.Эбиэт кэнниттэн былыр былыргыттан саха эр киһитэ балыктыыр үгэһэ бу күҥҥэ тиийэн кэлбит өбүгэлэрбит дьарыктарын, уол оҕолорго тиэрдэр сыалтан, оскуола кэллэктиибэ (дириэктэр Прокопий Устинович Никонов), култуура киинэ (дириэктэр Мария […]