“Ороһуга өҥ уута” фото-конкурс үлэлэрэ.

“Ороһу-Нэгэдьээк” нүөлсүтэр систиэмэ историятыттан быһа тардан.

Ороһу алаас сирдэрдээх, биир да үрэх кини ходуһаларын нүөлсүппэт этэ. Ол да иһин 50-с сыллардааҕы уот курааннар бэйэтэ мөлтөх хаһаайыстыбаны өссө мөлтөппүттэрэ. Онуоха эбиитин олорор Ороһубут күөлэ уолан, уута сытыйан киһи испэт буолбута.  Дьон Харбалаах-Тамалакаан бөһүөлэктэрин икки ардынан ааһар Быракаан үрэҕин сааскы халаанын уутун туһанарга өйдөрө-санаалара арахсыбата. Дьиҥэр , Быракаан үрэҕэ Күргэлээҕинэн киирэн Тамалакаан олорор күөлүн Уолбуту саас аайы сайгыыра , ырааһырдара, Бөргөмдө, Арыылаах собонон баай улуу эбэлэри сылын аайы нүөлсүтэрэ, Быракаан үрэх сааскы халаанын уута Ороһунан ааһара хайаан да наадалааҕын туһунан кырдьаҕас холкуостаахтар толкуйдууллара, тобула сатыыллара. Онон нэһилиэкпит 60 сыллар бүтүүтэ уот кураан сатыылаан турдаҕына уута суох кэриэтэ хаалара…

Участковай балыыһа Ороһуга тутуллуохтааҕын уу суох диэн Тамалакааҥҥа олохтуурга диэн оройуон салаата рекомендациялаабыта.  Арыылааҕы хордорого инициатор, сахалыы мындыр өйдөөх Алексей Васильевич Мексяров сабынан нивелирдаабыта уонна хоруллуохтаах Муоһааныттан бастакы кырдала 170 метр усталааҕы дириҥэ 7 метр хаһыллыахтааҕын, иккис кырдал 50 метр усталааҕы 2-3 метр дириҥник хаһыллыахтааҕын чуолкайдаабыта. Ол кэмҥэ колхоз председателинэн олорбут норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү, Уус-Алдан улуустарын бочуоттаах гражданина Егоров Василий Поликарпович  “Араас сиртэн көмө көрдүү сатаабыппыт да утатына кыаллыбатаҕа .Онон хоруу боппуруоһа олоххо киирэрэ уустугурбута. Онтон 1958 с. икки нэһилиэк холбоһуктаах улахан мунньах буолбута. Көрүллэр боппуруос : Ороһу бөһүөлэгин иһэр уунан хааччыйыы, эбэтэр ол кыаллыбат буоллаҕына Ороһуну көһөрүү, Арыылаах уутун Муоһааныга түһэрии.” – оччолорго сытыы боппуруос турбута.

Бу үлэҕэ от тиэйээччилэри, фермалар тас үлэһиттэрин барыларын ылыллыахтааҕа. Оту атынан, оҕуһунан тиэйэллэрэ, холкуоска тыраахтар суоҕа. Фермалар 2-3 көстөөх сиринэн 12 сиргэ тайаан тураллара. Мунньах кэнниттэн партийнай тэрилтэни, олохтоох сэбиэти кытта сүбэлэһэн тэрилтэлэринэн, фермаларынан, биирдии ыалынан кэрийэн элбэх өйдөтүү үлэтин ыыппыттара.

Нэһилиэк хас биирдии эр киһитигэр (ыарыһахтары, имбэлииттэри ааҕан туран) иккилии-үстүү миэтэрэ устаалах хоруу былаана тиэрдиллибитэ. Салайааччынан Алексей Васильевич Мексяров анаммыта. Көмөлөһөөччүлэринэн буор үлэтигэр улахан идэлээх Егор Егорович Васильев, биригэдьиир Увар Васильевич Тимофеев, Петр Семенович  Насыров анаммыттара. Бэйэтэ кыайан көрөр хараҕа суох киһи атын киһини эттэһэн үлэлэтэрэ көҥүллэммитэ. ЗИС-5 массынаннан суоппар Александр Спиридонович Арбыкин, завхоз И.В. Татаринов буоланнар Ньурбаттан хойгуо атыылаһан аҕалбыттара. Хорууга үрдүттэн икки уус, иккикэн биирдии атахтарын сэриигэ ылларбыт Яков Спиридонович  Прокопьев уонна Сидор Николаевич Николаев сэби-сэбиргэли оҥорбуттара. Хоруу үлэтэ 25.03.1958 сыллаахха саҕаламмыта уонна ый аҥарын кэриҥинэн, 08.04 бүппүтэ. Ити күн госбантан 27 тыһыынча солкуобайы ылан, ИЖ-49 мотоциклынан таһааран түҥэппиттэрэ, ууну кэмнээн ыытан көрбүттэрэ  көхтөөхтүк баран хорууга үлэлээбит дьон үөрбүттэрэ, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ. 170 метр усталаах кырдал устатын тухары 7 метр дириҥнээх гына хаһыллбыта. 2 метр аллараа өттө муус буолан, көйөн баран баһан кэбиспиттэрэ. Тамалакаантан да Ороһуттан да иккилии, үстүү киһи нуорматын толорбуттара. Кинилэртэн баар дьоннортон Владимир Максимович  Павлов, Егор Пудович Васильевтыын харса суох үлэлээн биирдии бэйэлэрэ үстүү киһи нуорматын хаспыттара.

Быракаан сааскы халаанын уута хорууну тоҕо солоон, киһи хаһан да хаспатыҕын курдук оҥорон, “Ороһу-Орто Күөл – Дьарҕалаах” былыргы хорууларынан аластары нүөлсүтэ-нүөлсүтэ, Күргэлээх үрэҕинэн Бүлүү эбэ хотуҥҥа киирэн ааспыта. Арыылаах 200-чэ гектардаах ходуһата ууттан босхолонон, ол сылтан ыла быйаҥы биэрбитинэн барбыта. Бу чахчы үлэҕэ туруммут Ороһу Тамалакаан нэһилиэктэрин дьонун геройдуу үлэлэрэ этэ. Ити кэнниттэн Ороһу-Нэгэдьээк системата Степан Николаевич Платонов салататынан бырайыактанан, тутуута анал тэрилтэннэн ыытыллан, урукку Исидор Барахов аатынан сопхуос территорията нүөсүтэр системаннан хабыллыбыта.

Саас аайы Эбэбит барахсан халан уутунан туолан турар кэрэ-бэлиэ түгэннэрин нэһилиэк олохтоохторо хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэллэр. Ороһу Эбэ кытылыгар үгүс оҕо оонньоон, ойор күннээх оҕо сааһа ааспыт ытык-мааны сирбит буолар. Бу күрэх кэлэр көлүөнэ ыччакка айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны олохтуур, кэрэни кэрэхсиир үтүө санааны үөскэтэр сыаллаах тэриллэн ыытылынна.