Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотека уонна “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө 2023-2024 үөрэх дьылыгар оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо ыйга биирдэ тэрээһин ыытар былаан ылынан үлэбитин саҕалаатыбыт. Үлэбит сыала-соруга: түөлбэҕэ олорор, олорон ааспыт үтүө дьоммутун чиэстээһин, ахтан ааһыы. Оҕолору олохтоохторунан киэн туттуу тыыныгар иитии. Түөлбэ олоҕун кытта биир ситиминэн олоруу, сайдыы.

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Ороһу түөлбэтин оҕолоро мустаммыт сибиэһэй салгыҥҥа оонньоотубут. Учууталбыт Нина Никитична араас көрдөөх оонньуулары оонньотто.

Библиотекарь Жанна Семеновна оҕуруот аһыгар викторина ыытта уонна күһүн туһунан хоһоону дорҕоонноохтук ааҕарга күрэхтэстибит. Түмүгэр чэйдии-чэйдии бэйэбит хоһоон айан холоннубут.



Икки бириистээх миэстэни Лаптева Марина уонна Кириллина Авелия ыллылар.

Дьаарбайан төннөн иһэн “Илин” уулуссаны көрдүбүт. Учууталбыт Нина Никитична бу түөлбэҕэ олорон ааспыт дьоннор тустарынан кэпсээтэ. Нэһилиэкпитигэр бара турар саҥа тутуулары көрөн кэрэхсээтибит.


Күһүҥҥү айылҕаҕа сылдьан дуоһуйа оонньоон, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
Васильева Ванесса 5 кылаас,
“Тымтык” эдкор/пост