“Үлэ киһини киэргэтэр”

2023 сыл Саха сиригэр үлэ сылынан биллэриллибитэ. Бу туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анал этиитигэр ахсынньы 19 күнүгэр иһитиннэрбитэ. Онон бүттүүн Сахабыт Сирин үрдүнэн туох баар бары тэрилтэлэр, общественнай түмсүүлэр Үлэһит киһини өрө тутар, чиэстиир тэрээһиннэри күннэтэ ыыта тураллар. Сити курдук хабааннаах “Үлэ киһини киэргэтэр” тэрээһин Үөһээ Бүлүү улууһун Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекатыгар алтынньы 10 күнүгэр буолан ааста.

Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотека уонна “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө “Ис сүрэхтэн” диэн ааттаах Ороһу нэһилиэгин “Саҥа Кустук”, “Илин-Эбэ”, “Атах”, “Нукутта” түөлбэлэр оҕолоругар, улахан дьонугар анаан ыйга биирдэ түмсэн ааһарга былаан ылынан үлэлээн эрэбит. Бу сырыыга нэһилиэкпит туруу үлэһит дьонун ыҥыран, Ороһу орто оскуолатын бэһис кылааһын үөрэнээччилэрин уонна “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕүн оҕолорун кытары көрсүһүү ыыттыбыт.

Бу көрсүһүүгэ чахчы да эдэр саастарын үлэҕэ анаабыт, Ороһу нэһилиэгин киэн туттар Далбар Хотуттара кыттыыны ыллылар.

“Нукутта” түөлбэттэн Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх оҕо ийэтэ, эдэр эрдэҕиттэн тыа хаһаайыстыбатын ветеринариятын салаатыгар үлэлээбит Галина Капитоновна Котоконова ыалдьыттаата. Кини кэлэр көлүөнэҕэ бэйэҕэ эрэллээх, үлэһит киһиэхэ өрүү уйгу-быйаҥ, ситиһии күүтэрин эттэ.
Салгыы “Илин-Эбэ” түөлбэттэн Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үөрэҕирии систиэмэтин ветерана, бочуоттаах сынньалаҥыгар олорон Гольдеровтар түмэллэрин иилээн-саҕалаан үлэлэтээччи Гольдерова Ульяна Федоровна оҕолорого кыра эрдэххититтэн дьоҥҥутугар туһа киһитэ буолуҥ, үөрэххитигэр кыһаллыҥ диэн алгыс тылын эттэ.
“Кустук” түөлбэттэн ыалдьыт Ороһу нэһилиэгин бодьуоттаах олохтооҕо, үөрэҕирии систиэмэтин ветерана, элбэх оҕо амарах ийэтэ, эбээтэ Малахаева Евдокия Николаевна. Кини Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Дорофеевтар дьиэ кэргэннэригэр улааппыта. Кэлин үлэһит буолан Ороһу нэһилиэгэр кийиит буолан олохсуйан иккис дойду оҥостон олорор. Евдокия Николаевна оҕолорго инникитин үөрэххэ, үлэҕэ дьулуурдаах буолуҥ диэн сүбэлээтэ.
Салгыы оҕолор биир дойдулаахтарбыт Петр Тобуроков, Уйбаан Ороһуунускай, Евдокия Руфова уонна Клавдия Мексярова үлэҕэ анаммыт хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Ыалдьыттарбытын итии чэйинэн, сылаас алаадьынан күндүлээтибит уонна дьоҕус лотерея оонньоттубут.

Субу курдук “Үлэ киһини киэргэтэр” кыракый тэрээһиммит сэргэхтик ааста.

Уйбаан Ороһуунускай аатынан

Ороһутааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ

Жанна Иванова