Ороһуга үгэс буолбут “Дапсы дьыктаана”

Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксөөйөп – Дапсы — биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата, «Биһирэм тыл» араадьыйа биэриитин ааптара. Саха тыла ыраас, туруктаах буоларыгар элбэх сыратын биэрбит киэн туттар биир дойдулаахпыт. Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека көҕүлээһининэн 2022 сылтан сэтинньи 6 күнэ, Мэхээлэ Бөтүрүөбүс күн сирин көрбүт күнэ, улуус үрдүнэн “Биһирэм тыл күнүнэн” биллэриллибитэ. Бу […]

“Аалай уоттаах сулуһум…”

Ырыаҕа ылланарыныы “аалай уоттаах” хомсомуол сулуһа бүттүүн дойдубут ыччатын сирдьит сулуһа буолбута. Аҕа дойду уоттаах сэриитин кэннэ дойдуну ыччат дьон тигинэччи үлэлээн-хамнаан чөлүгэр түһэрбиттэрэ, үөрэххэ-үлэҕэ үгүс сайдыыны аҕалбыттара. Оччотооҕу эдэр саас кэрэ кэмнэрин ахтан-санаан ааһаары “Күбэйэ” Ороһутааҕы эбээлэр түмсүүлэрэ (сал. Котоконова Н.В.) Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа ахтыы киэһэтин уонна факеллаах хаамыыны тэрийдилэр. Таһырдьа төһө […]

Ороһуга Сардаана Трофимова ыалдьыттаата

Улууспут дьаһалтатын уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим көҕүлээһиннэринэн хас вторник аайы улууспутугар “Доруобуйа күнүнэн” биллэрилиннэ. Балаҕан ыйын 10 күнүттэн саҕалаан хас биирдии коллектив, нэһилиэктэр бука бары чэбдигириигэ аналлаах тэрээһиннэри ыыталлара күүтүллэр. Биһиги Ороһубут нэһилиэгэр улуус ыҥырыытын өйөөн оскуолабыт директора Никонов Прокопий Устинович уонна директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Кысылбаикова Татьяна Гаврильевна көҕүлээһиннэринэн киэн туттар биир […]

“Умнуллубат оҕо сааһым…”

Күндү ааҕааччыларбыт! Эһиги болҕомтоҕутугар, Россияҕа дьиэ кэргэн, Сахабыт Республикатыгар оҕо саас сыллара биллэриллибитин чэрчитинэн, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх оҕолоох ыал Күн Күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ Галина Капитоновна Котоконова бэйэтин оҕо сааһын чаҕылхай кэмнэрин сэһэргиир автобиографическай кэпсээннэрин хомуурунньугун эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.

“Журналист, поэт, буойун”

Ороһу эбэ күөл быйаҥ уутун ыймахтаан, киэҥ нэлэмэн алаастарыгар көччүйэн үгүс элбэх республикаҕа да, тас да дойдуларга биллэр-көстөр, үүнэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буола үүммүт дьоммут-сэргэбит аҕыйаҕа суох. Кинилэртэн биирдэстэрэ фронтовик, журналист, уран тыллаах поэт Василий Ксенофонтович Иванов – Кустуктуров буолар. Кини хомойуох иһин олус эдэр сааһыгар сэрии толоонугар тиийэн суорума суолламмыта. Василий Ксенофонтович дьылҕатын, […]

Үөһээ Бүлүү Ороһутугар оҕо сынньалаҥын сэргэхтик тэрийдилэр

Оҕолор күһүҥҥү кэтэһиилээх сынньалаҥнара саҕаланаатын кытта, Ороһу нэһилиэгин Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай бибилэтиэкэтигэр (сэбиэдиссэй Иванова Ж.С.) араас тэрээһин ыытылынна. Ол курдук, Харбалаах  оскуолатын  уонна «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕүн оҕолоро, саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай 115 сылын чэрчитинэн тахсыбыт «Олох оскуолата» кинигэтинэн,  тэттик сериал киинэ салгыытын уһуллулар. Ону таһынан, нэдиэлэ күнүнэн аттаран киинэлэр көһүннүлэр, остуол оонньуулара оонньоннулар. […]

Ороһу нэһилиэгэр ППМИ хамсааһына

“Ороһу нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата ППМИ хамсааһыныгар 2018 сылтан кыттыыны ылар. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн санааннан салайтаран Ороһуга Александр Кузнецов аатынан спортзал ремоннанна, Кыайыы площада үлэҕэ киирдэ, 2020 с. Советская, Центральная, 2021 с. Нукутта, Захарова, Харлампьева уулуссалар суоллара оҥоһулунна, водопровод киллэрээһинэ маҥнайгы этаба ыытылынна, иккис этабын дьаһалта бэйэтин күүһүнэн оҥортордо. Эһиил, 2024 сылга водопровод […]

Ороһуга народнай поэт, фронтовик П.Н. Тобуруокап аатын сүгэр мини-парка арылынна.

Быйыл, Ороһу нэһилиэгэ МТ “1000 дворов” Уһук Илиҥҥи регион Федеральнай программатыгар ситиһиилээхтик киирсэн, Кыайыы болуоссата уонна оҕо оонньуур былаһаакката хаттаан өрүмүөннэннэ, саҥа оборудованиенан хааччылынна. Былырыын, П.Н. Тобуроков төрөөбүтэ 105 сылын көрсө Ороһу орто оскуолатын коллектива Республикатааҕы уустар күрэхтэрин иилээн-саҕалаан ыыппытта. Ол түмүгүнэн, Кыайыы болуоссатын ыкса турар “Выпускниктар сквердэрин”, народнай поэт айымньытын дьоруойдара киэргэппиттэрэ. Ороһу орто […]

Академик К.С. Чиряев аатынан Ороһутааҕы этнопедагогика киинигэр “Эдэр ийэ кыһата” үлэтин саҕалаата.

Балысханнык сайда турар аныгы үйэҕэ үгүс эдэр төрөппүккэ оҕо иитиитигэр үгүс кыһалҕалаах ыйытыктар үөскүүллэр. Ол үөскээбит кыһалҕалары туоратар сыалтан, этнопедагогика киинин директора Раиса Алексеевна Васильева: “Тобулун булар наадатыгар өбүгэлэрбит ньымаларын эргитэн көрүөххэ уонна онон сиэттэрэн иннибит диэки хардыылыахха”-, диэн хоруйдуур. Академик, этнопедагог Чиряев К.С. ааспыт үйэ 80-с.с. саҕалаан педагогическай кылаастары күүскэ үлэлэппитэ. Ороһу орто оскуолатын […]