Геннадий Бечеряков дьоро түһүлгэтэ
Сахалыы ырыаны таптаан, сэҥээрэн истэр хас биирдии Сахабыт Сирин олохтооҕо “Түннүгүм кырыалаах ньууругар, эйигин уруһуйдуубун”, “Дьол уонна сор” уонна уостан түспэт, Гаврил Николаев аар саарга аатырпыт “Туйаарыма Куотун” хайаатар да билэр буолуохтаах. Онтон бу ырыалар автордара Үөһээ Бүлүү улууһун оччугуйкаан Ороһутуттан төрүттээҕин билэллэрэ буолуо дуо? Кулун тутар 29 кунүгэр Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинигэр РФ […]
Библиотекаҕа оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ
Күүтүүлээх сааскы сынньалаҥ күннэрин дьүөрэлии Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа “Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ” бэрт тэтимнээхтик ааста. Ол курдук, кулун тутар 26 күнүгэр Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө «Мин саллаат сиэнэбин» байыаннай-патриотическай квест оонньуу буолан ааста. 5,6,7,8 кылаас үөрэнээччилэриттэн турар икки хамаанда араас тургутуктары аастылар. Бастакы түһүмэххэ нэһилиэк историятыттан ыйытыктар, иккискэ кроссворд, үһүскэ кыайыыны уһансыбыт биир […]
“Ороһу нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт “Кыайыы Знамятын” көрүстүбүт.
Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Сахабыт сиригэр Кыайыы Знамята эстафетатын Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев 2024 сыл, ахсынньы ый 28 күнүгэр сахалартан бастакыннан “Сэбиэскэй союз дьоруойа” албан ааты сүкпүт Федор Кузмич Попов төрөөбүт дойдутун Мэҥэ- Хаҥалас улууһун дьонугар сэргэтигэр туттарыытыттан саҕаламмыта. Онтон ыла, Кыайыы Знамята 15 улууһу кэрийэн, бүгүн биһиги тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүт улууһугар, Ороһу […]
“Ороһуга Ийэ тыл дьоро киэһэтэ”
Олунньу ый 13 күнэ Ийэ тыл уонна сурук-бичик, Үөһээ Бүлүү улууһа тэриллибитэ 90 сылын уонна поэт, кыраайы үөрэтээччи, норуот эмчитэ Иванов И.Е. – Уйбаан Ороһуунускай төрөөбүтэ 80 сылын көрсө “Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм” тэрилтэлэр икки ардыларыгар уус-уран ааҕыы күрэҕэ уонна Т.О.К. булугас өйдөөхтөр күрэстэрэ бэрт көхтөөхтүк буолан ааста. Ону таһынан Саха НКИХ Т.О.К. ыытааччыта […]
“Күбэйэ” түмсүү кэнсиэрэ (архив 90-с с.с.)
(function() { VK.Widgets.Post(“vk_post_-219980439_122”, -219980439, 122, ‘prmHC1EH7N2-K_1tcWWnhiw_6M9b’); }());
“Алаас ахтылҕана” ахтыы киэһэтэ иккис чааһа (архив 90-с с.с.)
(function() { VK.Widgets.Post(“vk_post_-219980439_121”, -219980439, 121, ‘2f9UyZ7jdOCHVylhUSxXJ7_-rxwv’); }());
Ороһуга ахтыы киэһэтэ 1 ч. (архив 90-с с.с.)
«Ороһу эбэбэр» ырыа килиибэ сүрэхтэннэ
«Ороһу эбэтэ» диэтэхтэринэ харахпар халаан уутунан тобус толору туолбут күөл кытыытыгар оҕо-аймах оонньоон көччүйэ сылдьар түптэ сытынан тунаарбыт уу-нуурал ыам ыйын киэһэтэ харахпар көстөр. Бука диэн миэхэ эрэ буолбатаҕа буолуо Ороһу буорун сыгынньах атаҕынан үктээн оҕо сааһа ааспыт дьоҥҥо барытыгар буолуо. Поэт, журналист, кыраайы үөрэтээччи Иван Еремеевич Иванов – Уйбаан Ороһуунускай Ороһутун сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин хоһуйбут […]
«Эбээ үөрэҕэ» кинигэ тула өссө төгүл
Ахсынньы 12 күнүгэр , Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киин ,Уйбаан-Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотека көҕүлээһининэн Күбэйэ түмсүү ” Эбээ үөрэҕэ”, өбүгэлэрбит өлбөт -сүппэт үтүө үгэстэрин, аар айылҕа кистэлэҥнэрин билиһиннэрэр,иитэр үөрэтэр бырайыак чэрчитинэн олус интириэһинэй ,туһалаах тэрээһин буолан аастаБүгүҥҥү сэргэх тэрээһиммитигэр «КҮБЭЙЭ» түмсүү тэрийээччитэ Власьева Ксения Самсоновна Ороһу орто оскуолатын улахан кылаас үөрэнээччилэригэр Ороһубут дириҥ историятын […]
Ороһуга “Холкуос галереята”
Ахсынньы 6 күнүгэр Ороһу нэһилиэгэр дириҥ суолталаах биир бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Бу күн “Холкуос галереята” бар дьоҥҥо сүрэхтэннэ. “Туох дьикти ааттаах галереятын Ороһулар арыйдылар?”, – диэн ыйыппыттарыгар: “Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ учууталларын кытары кылаат булбуттар”, – диэтим. “Ол туох кылаатын булбуттарый?”, – диэн ыйытыкка субу курдук сэһэргиибит. “Ороһу оскуолатын иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Татьяна […]