“Журналист, поэт, буойун”


Warning: Invalid argument supplied for foreach() in /var/www/u0965142/data/www/vvlibr.ru/wp-content/plugins/book-shelf/includes/main.php on line 185

Ороһу эбэ күөл быйаҥ уутун ыймахтаан, киэҥ нэлэмэн алаастарыгар көччүйэн үгүс элбэх республикаҕа да, тас да дойдуларга биллэр-көстөр, үүнэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буола үүммүт дьоммут-сэргэбит аҕыйаҕа суох. Кинилэртэн биирдэстэрэ фронтовик, журналист, уран тыллаах поэт Василий Ксенофонтович Иванов – Кустуктуров буолар. Кини хомойуох иһин олус эдэр сааһыгар сэрии толоонугар тиийэн суорума суолламмыта.

Василий Ксенофонтович дьылҕатын, айар үлэтин ымпыгын-чымпыгын Ороһу орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, кыраайы үөрэтээччи Васильева Сардаана Николаевна үгүс элбэх архыып матырыйаалын чинчийэн, дьон ахтыытыгар олоҕуран оҥорон таһаарбыт брошюратын Василий Ксенофонтович төрөөбүтэ 115 сылын көрсө эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.