Академик К.С. Чиряев аатынан Ороһутааҕы этнопедагогика киинигэр “Эдэр ийэ кыһата” үлэтин саҕалаата.

Балысханнык сайда турар аныгы үйэҕэ үгүс эдэр төрөппүккэ оҕо иитиитигэр үгүс кыһалҕалаах ыйытыктар үөскүүллэр. Ол үөскээбит кыһалҕалары туоратар сыалтан, этнопедагогика киинин директора Раиса Алексеевна Васильева: “Тобулун булар наадатыгар өбүгэлэрбит ньымаларын эргитэн көрүөххэ уонна онон сиэттэрэн иннибит диэки хардыылыахха”-, диэн хоруйдуур.

Академик, этнопедагог Чиряев К.С. ааспыт үйэ 80-с.с. саҕалаан педагогическай кылаастары күүскэ үлэлэппитэ. Ороһу орто оскуолатын пед. кылааһын үөрэнээччилэрэ этнопедагогика диэн предмети үөрэтэллэрэ, алын кылааска баһаатай быһыытынан үлэлииллэрэ. Оҕолор пед. кылааска ылбыт билиилэрэ аҥардас учуутал эрэ идэтин баһылыырга буолбакка – инники олохторугар, төрөппүт оруолун ылалларыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитэ. Чахчы да пед. кылаастан республикабытыгар киэҥник биллэр, убаастанар учууталлар үүнэн тахсыбыттара, ону тэҥэ элбэх оҕо ийэлэрэ, номнуо эбээлээрэ даҕаны диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо.

Пед. кылааска ылбыт билиибитин-көрүүбүтүҥ хаҥатар, саҥа көлүөнэ ийэлэргэ, эдэр кийииттэргэ тиэрдэр сыалтан-соруктан К.С. Чиряев аатынан этнопедагогика киинэ уонна Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотека ыра санаа ымыыта оҥосто сылдьыбыт “Эдэр ийэ кыһата” бырайыакыпытын быйылгаттан саҕалыырга сананныбыт.

Бастакы кэпсэтиибит “Өбүгэлэрбит оҕону хайдах харыстыыр этилэрий. Ымыы, харысхал өйдөбүлэ”, – диэн тиэмэҕэ ааста. Раиса Алексеевна урукку үгэстэри сырдатта, аныгы кэмҥэ оҕолорбутун тас дьайыыттан харыстаабат буоллубут диэн бэлиэтээтэ.

Салгыы Жанна Семеновна Иванова саха оһуора-мандара туох суолталааҕын кэпсээтэ. Иистэнньэҥ Калиста Егоровна Васильева саха оһуорун таҥаска туттуллар үгэһин сырдатан кэпсэтиини дириҥ ис хоһоонноото.

Саха оһуора бэйэтигэр туспа күүһү-кыаҕы иҥэринэ сылдьар эбит буоллаҕына – дьиэ кэргэн ийэтэ, эбээтэ бэйэтин эт илиитинэн, таптаан туран түһэрбит оһуора ханнык баҕарар моһолтон туоратар, ыалдьыбыты атаҕар туорурар сүрдээх буолара саарбахтаммат.

Бу маннык сэргэх кэпсэтии кэннэ Ороһубут нэһилиэгин эдэр ийэлэрэ аны ыйга биирдэ хайаан даҕаны көрсөн өссө да элбэх сонун тиэмэлэргэ санаа атастаһыаххайыҥ диэн тарҕастыбыт.

Жанна Иванова

Уйбаан Ороһуунускай аатынан

Ороһутааҕы библиотека

сэбиэдиссэйэ