Уйбаан Ороһуунускай бибилэтиэкэтигэр “Библионочь 2023” тэрээһин

Бүттүүн Россия үрдүнээҕи библиотека күнүн ыам ыйын 27 күнүгэр Россия маҥнайгы президенэ Борис Ельцин көҕүлээһининэн 1995 сылтан бэлиэтиибит. Бу бэлиэ күн дойдубутугар наука, үөрэҕирии уонна култуура сайдыытын кэрэһэлиир. Сылын аайы библиотека күнүн көрсө 12-с төгүлүн дойдубут үрдүнэн “Библионочь” акция ыытыллар. Акция сыала соруга: библиотека аҥардас кинигэ эрэ уларсарга аналлаах буолбатаҕын, эбиитин бу дьону түмэр, саҥа […]

“Боруҥуйга” сэһэн тэттик киинэтэ сүрэхтэннэ

Ороһу орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Габышева Галина Юрьевна) уонна Д.Е. Иванов – Артыыс Миитэрэй аатынан народнай театр режиссера Сайыына Васильева Георгий Романович Кардашевскай урукку олоҕу сэһэргиир “Боруҥуйга” сэһэнигэр олоҕуран тэттик киинэ уһуллулар. Ороһу орто оскуолатын кылаастара нэһилиэкпит киэн туттар дьонун аатын сүгэллэр. Холобура былырыын, бэһис кылаас оҕолоро үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха народнай суруйааччытын […]

Уйбаан Ороһуунускай “Улуу Кыайыыны уһансыбыттара” электроннай кинигэ

Бу кинигэҕэ ааптар Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарын Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарын туһунан сырдатар. Сиһилии поэт-фронтовик А.Софронов, партизан С.И. Сюльскай, наука үлэһитэ Ф.С. Донской уо.д.а. тустарынан ыстатыйалар, ахтыылар.

“Ааҕар дьиэ кэргэн 2023”

Ыам ыйын 3 күнүгэр Ороһу нэһилиэгин оскуолатын, К.С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинин уонна Уйбаан Ороһуунускай аатынан нэһилиэк библиотекаларын холбоһуга, кэлэр көлүөнэҕэ ааҕыыга интэриэһи тардар, дьиэ кэргэни ситимниир сыалтан, үгэскэ кубулуйбут “Ааҕар дьиэ кэргэн 2023” булугас өй күрэхтэһиитин ыыттылар. Күрэхтэһиигэ алын кылаас оҕолоро уонна кинилэр төрөппүттэрэ кыттыыны ыллылар. Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ Вероника Быккасова ийэтинээн Евдокиялыын, […]

“Сатабыл” мастер-класс.

Муус устар 26 күнүгэр Россия үрдүнэн “Учуутал уонна уһуйааччы”, Саха Республикатыгар “Үлэ” сылларын уонна Республика күнүн көрсө Ороһу орто оскуолатын оҕолоро араас хайысханан “Сатабыл” мастер кылаастарга дьарыктаннылар. Оҕолор араас түһүлгэннэн ким ас астыырга, уһанарга, уруһуйдуурга, иистэнэргэ, бэйэни тупсарынарга уһуйулуннулар. Онтон Уйбаан Ороһуунускай аатынан библиотекаҕа оҕолор хаартыскаҕа түһэрии умсугутуулаах эйгэтин кытары билистилэр. Мастер-клаһы иилээн-саҕалаан ыытта Ороһу […]

Мария Игнатьевна Константинова төрөөбүтэ 95 сылын көрсө.

Константинова Мария Игнатьевна (1928 с.т.) — саха биллиилээх ырыа айааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. 1928 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1957 сыллаахха Дьокуускайдааҕы муусука училищетыгар түөрүйэ-композиция кылааһыгар Грант Григоряҥҥа үөрэммитэ. Ол сылдьан бастакы “Өрүүнэлиир ыанньыксыт” ырыатын айбыта. Үөһээ Бүлүүгэ култуура салаатын сэбиэдиссэйинэн, кулууп сэбиэдиссэйинэн, Бүлүү куоратыгар оҕо муусукаҕа оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ. Ырыаларын хомуурунньуга “Кылы-кылы кылыбырай, көмүс […]

“Ороһуга куйуур күрэҕэ”

Ороһу нэһилиэгэр Кырыа кыһыны атаарар бэлиэ күн буолан ааста. Эбиэт иннигэр сыал ытыыта, ханаат тардыһыыта, салаасканан сосуһуу, куулу кэтэн баран сүүрүү, баҕанаҕа ыттыы курдук көрдөөх күрэхтэр ыытылыннылар.Эбиэт кэнниттэн былыр былыргыттан саха эр киһитэ балыктыыр үгэһэ бу күҥҥэ тиийэн кэлбит өбүгэлэрбит дьарыктарын, уол оҕолорго тиэрдэр сыалтан, оскуола кэллэктиибэ (дириэктэр Прокопий Устинович Никонов), култуура киинэ (дириэктэр Мария […]