Константинова Мария Игнатьевна (1928 с.т.) — саха биллиилээх ырыа айааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
1928 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1957 сыллаахха Дьокуускайдааҕы муусука училищетыгар түөрүйэ-композиция кылааһыгар Грант Григоряҥҥа үөрэммитэ. Ол сылдьан бастакы “Өрүүнэлиир ыанньыксыт” ырыатын айбыта. Үөһээ Бүлүүгэ култуура салаатын сэбиэдиссэйинэн, кулууп сэбиэдиссэйинэн, Бүлүү куоратыгар оҕо муусукаҕа оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ.
Ырыаларын хомуурунньуга “Кылы-кылы кылыбырай, көмүс тимэх баяным” 2000 сыллаахха тахсыбыта.
Эһиги болҕомтоҕутугар, Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан модельнай киин библиотека ааҕааччыны кытта үлэҕэ специалиһа, СӨ култууратын туйгуна Дария Николаевна Павлова, Мария Игнатьевна 90 сааһын көрсө устубут уус-уран документальнай киинэтин таһаарабыт.