Үөһээ Бүлүү Ороһутугар оҕо сынньалаҥын сэргэхтик тэрийдилэр

Оҕолор күһүҥҥү кэтэһиилээх сынньалаҥнара саҕаланаатын кытта, Ороһу нэһилиэгин Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай бибилэтиэкэтигэр (сэбиэдиссэй Иванова Ж.С.) араас тэрээһин ыытылынна. Ол курдук, Харбалаах  оскуолатын  уонна «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕүн оҕолоро, саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай 115 сылын чэрчитинэн тахсыбыт «Олох оскуолата» кинигэтинэн,  тэттик сериал киинэ салгыытын уһуллулар. Ону таһынан, нэдиэлэ күнүнэн аттаран киинэлэр көһүннүлэр, остуол оонньуулара оонньоннулар. […]

Ороһу нэһилиэгэр ППМИ хамсааһына

“Ороһу нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата ППМИ хамсааһыныгар 2018 сылтан кыттыыны ылар. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн санааннан салайтаран Ороһуга Александр Кузнецов аатынан спортзал ремоннанна, Кыайыы площада үлэҕэ киирдэ, 2020 с. Советская, Центральная, 2021 с. Нукутта, Захарова, Харлампьева уулуссалар суоллара оҥоһулунна, водопровод киллэрээһинэ маҥнайгы этаба ыытылынна, иккис этабын дьаһалта бэйэтин күүһүнэн оҥортордо. Эһиил, 2024 сылга водопровод […]

VI Всероссийский онлайн-зачет по финансовой грамотности

С 1 по 21 ноября 2023 года пройдет шестой ежегодный Всероссийский онлайн-зачет по финансовой грамотности, который организует Банк России совместно с Агентством стратегических инициатив. Любой желающий, начиная со школьников младших классов, сможет принять участие в зачете и проверить, насколько хорошо он ориентируется в финансовых вопросах и получить индивидуальные рекомендации по сложным темам. В зачете есть два […]

Ороһуга народнай поэт, фронтовик П.Н. Тобуруокап аатын сүгэр мини-парка арылынна.

Быйыл, Ороһу нэһилиэгэ МТ “1000 дворов” Уһук Илиҥҥи регион Федеральнай программатыгар ситиһиилээхтик киирсэн, Кыайыы болуоссата уонна оҕо оонньуур былаһаакката хаттаан өрүмүөннэннэ, саҥа оборудованиенан хааччылынна. Былырыын, П.Н. Тобуроков төрөөбүтэ 105 сылын көрсө Ороһу орто оскуолатын коллектива Республикатааҕы уустар күрэхтэрин иилээн-саҕалаан ыыппытта. Ол түмүгүнэн, Кыайыы болуоссатын ыкса турар “Выпускниктар сквердэрин”, народнай поэт айымньытын дьоруойдара киэргэппиттэрэ. Ороһу орто […]

Академик К.С. Чиряев аатынан Ороһутааҕы этнопедагогика киинигэр “Эдэр ийэ кыһата” үлэтин саҕалаата.

Балысханнык сайда турар аныгы үйэҕэ үгүс эдэр төрөппүккэ оҕо иитиитигэр үгүс кыһалҕалаах ыйытыктар үөскүүллэр. Ол үөскээбит кыһалҕалары туоратар сыалтан, этнопедагогика киинин директора Раиса Алексеевна Васильева: “Тобулун булар наадатыгар өбүгэлэрбит ньымаларын эргитэн көрүөххэ уонна онон сиэттэрэн иннибит диэки хардыылыахха”-, диэн хоруйдуур. Академик, этнопедагог Чиряев К.С. ааспыт үйэ 80-с.с. саҕалаан педагогическай кылаастары күүскэ үлэлэппитэ. Ороһу орто оскуолатын […]

“Олох оскуолата” тэттик сериал иккис чааһа уһуллан саҕаланна.

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕыттан төрүттээх, Саха Народнай суруйааччыта Золотарев Н.Г. – Николай Якутскай сэтинньи 22 күнүгэр 115 сааһын туолар. Оҕо сааспытыгар Николай Якутскай “Ойуур оскуолата”, “Биирдии остуоруйа”, “Сэрэхтээх Сэмэликээн”, “Олох оскуолата” уо.д.а. кинигэлэрин уларсыһа сылдьан ааҕарбыт, ис хоһоонун кэпсэтэрбит, санаа атастаһарбыт. Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотека, “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө бу сааскыттан Николай Якутскай “Олох оскуолата” кинигэтинэн […]

“Чэбдик салгыҥҥа дьаарбайдыбыт”

Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотека уонна “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө 2023-2024 үөрэх дьылыгар оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо ыйга биирдэ тэрээһин ыытар былаан ылынан үлэбитин саҕалаатыбыт. Үлэбит сыала-соруга: түөлбэҕэ олорор, олорон ааспыт үтүө дьоммутун чиэстээһин, ахтан ааһыы. Оҕолору олохтоохторунан киэн туттуу тыыныгар иитии. Түөлбэ олоҕун кытта биир ситиминэн олоруу, сайдыы. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Ороһу түөлбэтин оҕолоро […]

“Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” – Ороһу нэһилиэгэр күһүҥҥү быйаҥ дьоро киэһэтэ.

Самаан сайын устата хас биирдии Далбар Хотун тэлгэһэтигэр оҕуруот аһын арааһын олордон чугас дьонун маанылыыр, сибэкки сиэдэрэйинэн симээн дьон хараҕын манньытар. Ол курдук, Сир Ийэ Хотун кута – Орто Дойдуга кэрэ аҥаар нөҥүө бэйэтин силигилиир күүһүн биэрэн кэлэр кэнэҕэски ыччакка кэскили түстүүр. Балаҕан ыйын 23 күнүгэр, Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинигэр, “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” […]

А.С. Пушкин төрөөбүт күнүн көрсө ыытыллыбыт тылбаас күрэҕин түмүгэ.

Бэс ыйын 6 күнүгэр Улуу поэт Александр Пушкин күн сирин көрбүт, ону тэҥэ Улуу нуучча тылын күнүн көрсө тылбаас күрэҕэ ыытылынна. Кыттааччылар биир күн иһигэр бэриллибит хоһоону тылбаастаан ыыттылар, күрэххэ уопсайа 5 үлэ киирбититтэн эһиэхэ икки табыллыбыт үлэлэри билиһиннэрэбит, бу үлэлэр бирииһинэн бэлиэтэнэллэр. Александр Пушкин: Птичка божия не знаетНи заботы, ни труда;Хлопотливо не свиваетДолговечного гнезда;В […]

Тылбаас күрэҕэ

Күндү ааҕааччылар! Бүгүн бэс ыйын 6 күнүгэр – Улуу нуучча тылын күнэ, ону тэҥэ Улуу поэт Александр Сергеевич Пушкин күн сирин көрбүт күнэ! Онон ситимнээн тылбаас күрэҕин биллэрэбит. Болдьоҕо 07.06.23 күнүс 12 ч. диэри бэриллибит хоһоону сахалыы тылбаастаан бу нүөмэргэ ыытаҕыт: 89143010538, күрэх түмүгүнэн 1,2,3 миэстэлэр уонна анал ааттар олохтоноллор, күрэх сааһыттан тутулуга суох. Птичка […]