“Боруҥуйга” сэһэн тэттик киинэтэ сүрэхтэннэ

Ороһу орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Габышева Галина Юрьевна) уонна Д.Е. Иванов – Артыыс Миитэрэй аатынан народнай театр режиссера Сайыына Васильева Георгий Романович Кардашевскай урукку олоҕу сэһэргиир “Боруҥуйга” сэһэнигэр олоҕуран тэттик киинэ уһуллулар.

Ороһу орто оскуолатын кылаастара нэһилиэкпит киэн туттар дьонун аатын сүгэллэр. Холобура былырыын, бэһис кылаас оҕолоро үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха народнай суруйааччытын Семен Руфов аатын сүкпүттэрэ. Алтыс кылаас Петр Тобуроков, ахсыс Уйбаан Ороһуунускай, тохсус художник Иванов Владимир Давыдович, онус Константин Спиридонович Чиряев уонна уон биирис кылаас Владимир Никандрович Волков аатын чиэстээхтик сүгэллэр. Оҕолор араас тэрээһиннэргэ кылаастарын аатын сүгэр дьону инники күөҥҥэ туталлар, чинчийии оҥорон араас НПК-ларга кытталлар, кыраайы үөрэтиигэ бэйэлэрин сэмэй кылааттарын өрүү киллэрэ тураллар.

Биир дойдулаахпыт Георгий Романович Кардашевскай саха биир чулуу интэлигиэнэ, педагог, учуонай, суруйааччы, ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнин быһыытынан үгүс үлэни оҥорон, суруйан хаалларбыт киһи буолар. Кини аатын Ороһу орто оскуолатын сэттис кылааһын үөрэнээччилэрэ сүгэллэр.

Сэттис кылаас оҕолоро Георгий Романович Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 40 сылыгар биллэриллибит өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ биһирэм бириэмийэни ылбыт “Боруҥуйга” сэһэнигэр олоҕуран тэттик киинэ устарга санаммыттара. Сэһэн Бүлүү түбэтигэр 1890-1895 сыллар диэки кэми хабар. Оччотооҕу саха ыарахан баттыгастаах олоҕо, эрэйдээх-буруйдаах, күүстээх, ыраас эдэр дьон тапталлара ойууланар.

Оҕолор киинэни кылаас салайааччылара Галина Юрьевналыын уонна режиссер Сайыына Васильеваны кытта хаста эмит төхтүрүйэн туран үс араас сиринэн уһуллулар – олохтоох библиотека дьиэтигэр, саха балаҕаныгар уонна Эбэ күөл кытыытыгар. Киинэҕэ уһуллар олус умсугутуулаах эрээри судургута суоҕун оҕолор бэлиэтээтилэр.

Киинэ устуутун түгэннэриттэн:

Тэттик киинэни ыам ыйын 4 күнүгэр оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр кыттыылаах сүрэхтээтилэр, онтон ыам ыйын 5 күнүттэн киинэ киэҥ эйгэҕэ таҕыста.

Бу маны таһынан баай оруолун толорбут Сайаан Павлов ийэтэ Ушатова Алена Ивановна: “Наһаа үчүгэй, уолбун көрөн баран аҕата олорор дуу дии санаатым. Сайаан аҕата эмиэ народнай театр артыыһа, онон удьуор утумнаан эрэр”, – диэн бэлиэтээтэ. Александр эбээтэ Прокопьева Александра Спиридоновна: “Кылаас оҕото бары хабыллыбыта олус үчүгэй. Төрөппүттэр ону сөбүлүү көрдүбүт”, – диэтэ.

“Боруҥуйга” киинэни көрөн баран: аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Г.Р.Кардашевскай аатын үйэтитиигэ киэҥ кэскиллээх үлэ бара турарыгар убаастабыллаах 7 кылаас салайааччытыгар Галина Юрьевнаҕа, режиссер Сайыына Константиновнаҕа, үлэһит үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ улаханнык махтанабыт. Ороһу нэһилиэгиттэн былыр былыргаттан талааннаах дьоннор төрөөн-үөскээн тахса туралларыгар эрэлбит биһиги сүрэхпитигэр куруук баар. Нэһилиэккит аатын өрө тутан сайда, чэчирии туруҥ диэн алгыыбыт.”, – диэн Георгий Романович кыргыттара, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэнэ куйаар ситимин нөҥүө тиэртилэр.

Төрөппүттэр, оҕолор, учууталлар эдэр режиссер Сайыына Васильеваҕа махталларын биллэрэн сибэкки дьөрбөтө туттардылар. Кэскиллээх режиссер былырыын Кыайыы күнүн көрсө Наталья Михалева – Сайа “Уйгур” сэһэнигэр олоҕуран уһуллубут уус-уран киинэни устан сүрэхтээбитэ.

Сэттис кылаас оҕолоро бу эрэ үлэнэн муҥурдаммакка, Кыайыы күнүн көрсө Петр Тобуроков “Биэс сурук” поэматын народнай театр артыыстарын кытары уус-уран дьүһүйүү устан таһаардылар.

Уйбаан Ороһуунускай аатынан олохтоох библиотека библиотекаря Жанна Иванова

“Боруҥуйга” киинэни бу сигэни баттаан киирэн көрүҥ:

“Биэс сурук” уус-уран дьүһүйүү: