Ыам ыйын 3 күнүгэр Ороһу нэһилиэгин оскуолатын, К.С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинин уонна Уйбаан Ороһуунускай аатынан нэһилиэк библиотекаларын холбоһуга, кэлэр көлүөнэҕэ ааҕыыга интэриэһи тардар, дьиэ кэргэни ситимниир сыалтан, үгэскэ кубулуйбут “Ааҕар дьиэ кэргэн 2023” булугас өй күрэхтэһиитин ыыттылар.
Күрэхтэһиигэ алын кылаас оҕолоро уонна кинилэр төрөппүттэрэ кыттыыны ыллылар. Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ Вероника Быккасова ийэтинээн Евдокиялыын, иккис кылаас аатыттан Тамерлан уонна Шахноза Егоровтар, үһүс кылаастан Альберт уонна Анна Ивановтар, төрдүс кылаас төрөппүтэ Сардаана Петровна уола Эркинниин алта түһүмэхтэн турар араас тургутуулары аастылар.







Ити курдук күрэх туох баар бары кыттыылаахтара илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар. Күрэх ыытылларыгар туох баар бары күүс-көмө буолбут, кыттыыны ылыбыт дьиэ кэргэттэрбитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит!