А.С. Пушкин төрөөбүт күнүн көрсө ыытыллыбыт тылбаас күрэҕин түмүгэ.

Бэс ыйын 6 күнүгэр Улуу поэт Александр Пушкин күн сирин көрбүт, ону тэҥэ Улуу нуучча тылын күнүн көрсө тылбаас күрэҕэ ыытылынна. Кыттааччылар биир күн иһигэр бэриллибит хоһоону тылбаастаан ыыттылар, күрэххэ уопсайа 5 үлэ киирбититтэн эһиэхэ икки табыллыбыт үлэлэри билиһиннэрэбит, бу үлэлэр бирииһинэн бэлиэтэнэллэр.

Александр Пушкин:

Птичка божия не знает
Ни заботы, ни труда;
Хлопотливо не свивает
Долговечного гнезда;
В долгу ночь на ветке дремлет;
Солнце красное взойдет:
Птичка гласу бога внемлет,
Встрепенется и поет.
За весной, красой природы,
Лето знойное пройдет —
И туман и непогоды
Осень поздняя несет:
Людям скучно, людям горе;
Птичка в дальные страны,
В теплый край, за сине море
Улетает до весны.

Наталья Саввинова, Ороһу нэһилиэгэ:

Таҥара чыычааҕа барахсан,

Таарыйбат кинини эрэй да үлэ да

Ол иһин санаатыгар да оҕустарбат

Үйэлээх уйаны туттар туһунан

Түүнүн утуйар мас лабаатыгар

Кэтэһиилээх күн ойон таҕыста да,

Эмискэ сахсына түһээт,

Таҥараттан иэйии киирэн

Сааскы айылҕа кэрэтин туһунан

Эриэккис ырыатын-тойугун саҕалыыр

Күүтүүлээх сайын түргэнник ааста

Күһүн обургу туманнаах, тымныы

Салгынынан Сир Иэнин кууста

Дьон санааргыыр, дьон айманар.

Онтон чыычаах сылаас дойдуларга,

Ыраах-ыраах күөх муоралар диэки

Көтө турда кэлэр сааска диэри.

Тамара Саввинова, Үөдүгэй нэһилиэгэ:

Билбэт айыы чыычааҕа
Кыһалҕаны, түбүгү;
Сыралаһан эрэйдэнэн
Уйаланар соругу.
Лабаатыгар нухарыйа
Уһун түүнү аһардыа;
Кылбайар күн тахсан кэлиэ:
Айыы ыйбыт суолун истиэ,
Дьигиһиҥнээт ыллаан барыа.
Сандал сааскы кэм кэннэ
Куйаас сайын кэлэн ааһыа –
Күдэриги, ардаҕы
Күһүн тутан аҕалыа:
Дьон чуҥкуйуо, дьон сонньуйуо;
Арай чыычаах ыраах көтүө,
Сылаас сири, күөх байҕалы
Аны сааска диэри буулуо.