Тыл, сурук- бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин.
“Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ ( Н.В.Котоконова) уонна Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотека ( Саввинова М.А.) көҕүлээһиннэринэн Саха тылын күннэрин чэрчитинэн Ороһу нэһилиэгэр тэрээһин буолла. Түөлбэҕэ санааларын сурукка тиһэр айар дьоҕурдаах дьон тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыттара дьоһуннаах.” Саҥа Кустук” түөлбэттэн Евдокия Николаевна Малахаева сиэнэ Айсена Малахаева суруйбут остуоруйатын ис хоһоонун арыйан көрдөрдүлэр” Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө ,ону тэҥэ Евдокия […]
“Умнуллубат оҕо сааһым…”
Күндү ааҕааччыларбыт! Эһиги болҕомтоҕутугар, Россияҕа дьиэ кэргэн, Сахабыт Республикатыгар оҕо саас сыллара биллэриллибитин чэрчитинэн, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх оҕолоох ыал Күн Күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ Галина Капитоновна Котоконова бэйэтин оҕо сааһын чаҕылхай кэмнэрин сэһэргиир автобиографическай кэпсээннэрин хомуурунньугун эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
Аа5ыы күрэҕэ
Бэҕэһээ, олунньу 2 күнүгэр Ороһутааһы модельнай библиотекаҕа, Ороһу орто оскуолатыгар өр сылларга нуучча тылын уонна литературатын учууталынан айымньылаахтык үлэлээбит Павлова А.А. аатынан юбиляр суруйааччылар Борис Астафьев, Иван Крылов айымньыларын дорҕоонноохтук ааҕыыга оскуола оҕолоругар күрэх буолла. Кыттыбыт оҕолор суруйааччылар айымньыларын олус кыһаллан, иэйэн туран аахтылар. Ветеран учуутал Павлова А.А. күрэххэ призовой фонданы харчыннан туруорда. Бу тэрээһини […]
Тамалакаантан ыалдьыттар.
Тохсунньу 27 күнүгэр Ороһутааҕы Уйбаан Ороһуунускай аатынан библиотекаҕа Иэйиэхсит оҕо бөлөҕөр Тамалакаантан оҕолор кэлэн ыалдьыттаан, билсэн бардылар. Оҕолорго сахалыы итэҕэл туһунан бэсиэдэ, араас таабырыннар, оонньуулар ыытылыннылар. Кэлэр да өттүгэр маннык тэрээһиннэри ыаллыы сытар нэһилиэкпититтэн оҕолору ыҥыран ыытары Михайлова Нина Никитичнаны кытта былааннаатыбыт. Оҕолор үөрэн – көтөн, астынан тарҕастылар.
Иванов Василий Ксенофонтович – Кустуктуров хоһооннорун хомуурунньуга
“Журналист, поэт, буойун”
Ороһу эбэ күөл быйаҥ уутун ыймахтаан, киэҥ нэлэмэн алаастарыгар көччүйэн үгүс элбэх республикаҕа да, тас да дойдуларга биллэр-көстөр, үүнэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буола үүммүт дьоммут-сэргэбит аҕыйаҕа суох. Кинилэртэн биирдэстэрэ фронтовик, журналист, уран тыллаах поэт Василий Ксенофонтович Иванов – Кустуктуров буолар. Кини хомойуох иһин олус эдэр сааһыгар сэрии толоонугар тиийэн суорума суолламмыта. Василий Ксенофонтович дьылҕатын, […]
“Олох оскуолата” тэттик киинэ биһирэмэ
Биир дойдулаахпыт Норуоттар Доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, бөдөҥ общественнай диэйэтэл, саха норуодунай суруйааччыта Н.Г.Золотарев-Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан олус элбэх тэрээһиннэр буоллулар. Олортон биир истиҥнэрэ – “Олох оскуолата” айымньытынан тэттик киинэ. Бу киинэ сэрийээл курдук ньыманан уһуллууну Ороһутааҕы норуодунай тыйаатыр, модельнай библиотека уонна “Иэйиэхсит” оҕо түмсүүтэ оҥорбут. Тэттик киинэлэр иккис […]
Саха народнай суруйааччыта Золотарев Н.Г. – Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын көрсө уһуйаан иитиллээччилэрин уонна алын, орто сүһүөх үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар кэтэхтэн ыытыллыбыт улуустааҕы кылгас уус-уран театральнай туруоруу күрэҕэ түмүктэннэ!
“Opoһу нэһилиэгэ” МТ, Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотеката уонна “Иэйиэхсит” оҕо түмсүүтэ көҕүлээһиннэринэн тэриллибит улуустааҕы уус-уран театральнай туруоруу күрэҕэ сэтинньи 17 күнүгэр түмүктэннэ. Күрэххэ үс бөлөххө уопсайа 12 үлэ кыттыыны ылла. Түөрт киһиттэн турар дьүүллүүр сүбэ кыттыылаахтар сценическай культураларын, айымньы ис хөһоонугар сөп […]
Саха народнай суруйааччыта Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын көрсө Ороһу орто оскуолатын С.Т. Руфов аатынан 6-с кылааһа “Куорсуннаах сурук” кинигэтигэр олоҕуран киинэ уһуллулар.
Николай Якутскай “Куорсуннаах сурук” кинигэтигэр 1922 сыллаах гражданскай сэриигэ Үөһээ Бүлүү хайдах кыттыбыта кэпсэнэр. Кинигэ “Муос Хараабай хорсуна” тиһэх главатыгар Павлов Федор – Болтуо, Иван Харбаев – Муос Хараабай, Үөһээ Бүлүү Үөдүгэйин дьонун, 1931 с. Лунин уонна Беляев экспедициялара көрсөн уруһуйдаабыттара ойууланар. Беляев Болтуону уруһуйдаабыта Сталин укаһынан 1915 с. тэриллибит аан дойдутааҕы бысстапкаҕа турбута. Онтон […]
Үөһээ Бүлүү Ороһутугар оҕо сынньалаҥын сэргэхтик тэрийдилэр
Оҕолор күһүҥҥү кэтэһиилээх сынньалаҥнара саҕаланаатын кытта, Ороһу нэһилиэгин Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай бибилэтиэкэтигэр (сэбиэдиссэй Иванова Ж.С.) араас тэрээһин ыытылынна. Ол курдук, Харбалаах оскуолатын уонна «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕүн оҕолоро, саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай 115 сылын чэрчитинэн тахсыбыт «Олох оскуолата» кинигэтинэн, тэттик сериал киинэ салгыытын уһуллулар. Ону таһынан, нэдиэлэ күнүнэн аттаран киинэлэр көһүннүлэр, остуол оонньуулара оонньоннулар. […]