Николай Якутскай “Куорсуннаах сурук” кинигэтигэр 1922 сыллаах гражданскай сэриигэ Үөһээ Бүлүү хайдах кыттыбыта кэпсэнэр. Кинигэ “Муос Хараабай хорсуна” тиһэх главатыгар Павлов Федор – Болтуо, Иван Харбаев – Муос Хараабай, Үөһээ Бүлүү Үөдүгэйин дьонун, 1931 с. Лунин уонна Беляев экспедициялара көрсөн уруһуйдаабыттара ойууланар. Беляев Болтуону уруһуйдаабыта Сталин укаһынан 1915 с. тэриллибит аан дойдутааҕы бысстапкаҕа турбута. Онтон Муос Хараабай мэтириэтэ “Огонек” сурунаал “Мы советские люди” балаһатын киэргэппитэ. Иван Строд суруйбут “В якутской тайге” кинигэтигэр эмиэ бу биир дойдулаахтарбыт сырдатыллаллар. Бу история “аанын сэгэтии” кыраайы үөрэтээччи, Ороһу орто оскуолатын нуучча тылын учууталын Сардаана Николаевна Васильева биир интэриэһинэй, умсугутуулаах бырайыага буолар.

Үөһээ Бүлүү кыраайы үөрэтээччилэрин түмсүүтэ Үөһээ Бүлүүтээҕи кыһыл дружина суолунан Бүлүүгэ, Ньурбаҕа экскурсияҕа сылдьыбыттара, онно дружина бэлиэтэ баар эбит буоллаҕына – биир бэлиэни Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр, Кыһыл Армия хамсааһына 100 сыла туолбутунан, өйдөбүнньүк бэлиэ туруорбуттара.

Саха народнай суруйааччыта Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын көрсө Ороһу орто оскуолатын С.Т. Руфов аатынан 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Осипова Сардаана Алексеевна) “Куорсуннаах сурук”, Иван Строд суруйбут “В якутской тайге” кинигэлэригэр уонна Сардаана Николаевна чинчийиитигэр олоҕуран тэттик киинэ уһуллулар.




Сэтинньи 18 күнүгэр алтыс кылаас үөрэнээччилэрэ салайааччыларын уонна төрөппүттэрин кытта Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотека эркинигэр “Куорсуннаах сурук” киинэлэрин сүрэхтээтилэр уонна библиотека ыытар уһуйаан иитиллээччилэрин, оскуола алын уонна орто сүһүөх үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар кэтэхтэн ыытыллар уус-уран театральнай туруоруу күрэҕэр кытыннылар.














Жанна Иванова
Уйбаан Ороһуунускай
аатынан Ороһутааҕы
библиотека сэбиэдиссэйэ