Саха народнай суруйааччыта Золотарев Н.Г. – Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын көрсө уһуйаан иитиллээччилэрин уонна алын, орто сүһүөх үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар кэтэхтэн ыытыллыбыт улуустааҕы кылгас уус-уран театральнай туруоруу күрэҕэ түмүктэннэ!

“Opoһу нэһилиэгэ” МТ, Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотеката уонна “Иэйиэхсит” оҕо түмсүүтэ көҕүлээһиннэринэн тэриллибит улуустааҕы уус-уран театральнай туруоруу күрэҕэ сэтинньи 17 күнүгэр түмүктэннэ.

Күрэххэ үс бөлөххө уопсайа 12 үлэ кыттыыны ылла. Түөрт киһиттэн турар дьүүллүүр сүбэ кыттыылаахтар сценическай культураларын, айымньы ис хөһоонугар сөп түбэһэр реквизиттэрин, туруоруу тыаһын-ууһун, таҥастарын-саптарын уонна айымньы ис хоһоонун арыйыы критерийдэринэн сыаналаатылар. Дьүүллүүр сүбэ састааба: Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинин директора Иванова Анна Артуровна, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот айымньытын киинин народнай тыйаатырын режисеера Сайыына Константиновна Васильева, “Ороһу нэһилиэгэ” МТ баһылыгын солбуйааччы Ильина Анастасия Капитоновна уонна Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Иванова Жанна Семеновна.

“Үлэлэр үксэ даҕаны бары үрдүк таһымнаахтык туруоруллубуттар, салайааччылар да, оҕолор да бары иэйиилэрин ууран туран кыттыбыт буоланнар сыаналыырга олус уустук буолла”, – диэн бэлиэтиир дьүүллүүр сүбэ састааба.

Ол курдук уустук үлэ кэннэ уһуйаан иитиллээччилэрин икки ардыларыгар 1миэстэни Николай Якутскай тылбааһыгар  «Ма-Лян уонна аптаах кисточка» айымньытын турорубут Үөһээ Бүлүү «Ньургуһун» 1-гы №-дээх уһуйаан ылла, салайааччылар Шарина А. А., Николаева В.И.

2 миэстэ “Ойуур оскуолата» остуоруйа, сал. Степанова А.В, Максимова С.П., Дүллүкүтээҕи уһуйаан «Пчелка» бэлэмнэнии бөлөҕө:

Уһуйаан оҕолоругар үһүс бочуоттаах миэстэни ылла “Ой дуораана”остуоруйа, Үөһээ Бүлүүтээҕи  3-с нүөмэрдээх “Үрүйэчээн”оҕо сайдар киинин уһуйаана, сал. Прокопьева Т., Дмитриева Д.Р., Петрова А.А.

“Күрэх арыйыыта” анал ааты “Ойуур оскуолата” остуоруйа ылла, сал. Иванова Н.М., Михайлова Н.Н. Ороһутааҕы школа-сад.

Алын кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыгар 1 миэстэни “Ойуур оскуолата” остуоруйаннан, Ороһу орто оскуолатын 4-с уонна 2-с кылааһын үөрэнээччилэрэ ыллылар, сал. Данилова Л.В. уонна Егорова А.Д.

Иккис миэстэ “Мөккүөр” остуоруйа, сал. Жендринская А.И., Балаҕаннаах орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ.

Үһүс миэстэ Николай Якутскай “Маҥнайгы сааланыы” айымньытыттан инсценировка, сал. Васильева М.Г., Сергеева К. В., Оҥхой нэһилиэгин С.П.Федотов аатынан сүрүн оскуола “Кэскиллэр”театр студия буолла. 

“Кэскиллээх артыыстар” анал ааты ыллылар “Ойуур оскуолата” остуоруйаннан, Тамалакаан орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, сал. Гаврильева Ф.И. 

Оскуола орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр бөлөххө маҥнайгы миэстэни ыллылар “Куорсуннаах сурук” айымньыннан Ороһу орто оскуолатын С.Т. Руфов аатынан 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ, сал. Осипова С.А., Васильева С.Н.

Иккис миэстэ “Алмааһы көрдөөччүлэр” сэһэнтэн быһа тардыы, сал. Михайлова Н.Н., Ороһу орто оскуолата.

Үһүс миэстэ  “Ойуур оскуолата” остуоруйа, Далыр орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, сал. Семенова Н.П.

Уонна “Чаҕылхай оруол” анал ааты ыллылар “Маҥнайгы сааланыы” сэһэнинэн Боотулуу орто оскуолата 6 кылаас, сал. Неустроева В.А.

Туох баар бары кыттааччыларга Добун уонна туоһу сурук туттарылынна, бөлөх аайы: 1 м. – 1200 солк, 2 м. – 1000 солк, 3 м. – 800 солк. (спонсордар: “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕүн салайааччыта Михайлова Н.Н, Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинэ, Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотека коллектива) уонна анал ааттар “Ороһу нэһилиэгэ МТ” туруорбут бирииһинэн бэлиэтэннилэр.

Жанна Иванова

Уйбаан Ороһуунускай аатынан

Ороһутааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ