“Ийэ кута” (кэпсээн)

Таисия күн ортото долгуйан уһугунна. Сүрэҕин тэбиитэ биир кэм ньиргийэн олорор. “Оҕом!” – дии санаабытынан оронугар олоро биэрдэ. Сүр тиэтэлинэн орон баһыгар ыйанан турар халаатын ылан кэттэ уонна таапачыкатын сыгынньах атаҕар аанньынаат, палаататтан тахсан, уһун көрүдүөр устун кыһыл оҕолор бэбээрэ ытыыр сирдэригэр сүүрэн тиийдэ.Кыһыл оҕолор сытар хосторун өстүөкүлэ нөҥүө көрөн турда. Ийэ сүрэҕэ уонча оҕоттон […]

“Ыччат кэскилэ – тапталлаах поэт айымньытыгар” – Поэт Петр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылын көрсө.

Бүгүн о.э. ыам ыйын 15 күнүгэр Поэт Пётр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан, Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа дьоһуннаах тэрээһин буолла. Ороһу орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ поэт айар үлэтин сырдатар библиотечнай урокка сырыттылар. Ону таһынан, уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ Айсель Навконова уонна Мичийэ Семёнова улуустааҕы оҕо киин библиотеката ыыппыт Пётр Поликарпович өрөгөйдөөх сылын […]

“Дьоруой сардаҥата” улуустааҕы акцияҕа кыттыыны ыллыбыт

Улууспутугар ыам ыйын 7 күнэ былырыын Кыайыы 80 сылын көрсө, улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн, Аҕа дойду сэриитин уонна Анал байыаннай дьайыы толоонугар дьоруойдуу охтубут биир дойдулаахтарбытын ахтан-санаан ааһар дьоһун күммүт буолбута. Бу күн дьоруойдарбыт хорсун быһыыларын үйэтитэр, кэнчээри ыччакка дойдуга тапталы, бэриниилээх буолуу санаатын иитэр аналлаах. Быйыл Россия Дьоруойа Алексей Рафаэлович Петров сырдык кэриэһигэр анаммыт “Дьоруой […]

“Ааҕар дьиэ кэргэн – 2026”

Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа “Ааҕар дьиэ кэргэн – 2026” тэрээһин ситиһиилээхтик ыытылынна! Бүгүҥҥү күн, кулун тутар 17 күнүгэр, Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа, сыл аайы үтүө үгэс буолбут “Ааҕар дьиэ кэргэн – 2026” диэн күрэх-тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Быйылгы тэрээһин Арассыыйа үрдүнэн Сомоҕолоһуу, Саха сиригэр Култуура, оттон биһиги улууспутугар Үөрэҕирии өрөгөйдөөх сылларыгар ананан […]