Ороһуга «Оллоонноон олорон остуоруйалаһыах» улуустааҕы театральнай фестиваль иккис төгүлүн ыытылынна

Ахсынньы 15 күнүгэр Ороһуга Үөһээ Бүлүү нэһиэктэрин оҕолоро алыптаах остуоруйа киэһэтин бэлэхтээтилэр… Кыыдам кыһын кэлиитэ, кырыа хаар тымныы тыынын биллэрэр кэмигэр, үрүҥ күммүт кылгаан, түүммүт уһаан, саха барахсан киэһэтин ахсын тигиниччи оттуллубут оһоҕун таһыгар оллоонноон олорон олоҥхолуур, остуоруйалыыр дьоро киэһэлэрэ үксүүр… Бу өбүгэбит мындыр үгэһин үйэтитэр санааттан, Ороһутааҕы «Иэйиэхсит» оҕо студиятын салайааччыта, Михайлова Нина Никитична […]