“Оҕону кыра эрдэҕиттэн ааҕыыга уһуйуу” төрөппүт төгүрүк остуола
Муус устар 9 күнүгэр Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа “Оҕону кыра эрдэҕиттэн ааҕыыга уһуйуу” диэн төрөппүттэргэ аналлаах төгүрүк остуол буолан ааста. Төгүрүк остуолга оҕону иитиигэ бэйэлэрин көрүүлэрин уонна уопуттарын атастастылар: Иванова Надежда Михайловна үрдүк стажтаах уһуйаан иитээччитэ, педагог-психолог оҕону отой кыра сааһыттан тас эйгэни билэ-көрө улаатарыгар, тыла сайдарыгар анаан араас лотолары, остуол оонньуутун туһаныахтаахпыт туһунан […]
“Спорт – Ороһу нэһилиэгэр”
Араас кэмнэргэ спортивнай күрэхтэһиилэргэ инники күөҥҥэ сылдьыбыт биир дойдулаахтарбыт тустарынан
“Ороһу күүстээхтэрэ”
Мин бу билиҥҥи дьоҥҥо уонна ыччакка кылгас-кылгастык ахтыы суруйан билиһиннэрэбин. Бу суруйар күүстээх дьоммуттан икки-үс киһини илэ бодолорун көрбөтөҕүм, онтон атын күүстээх дьоннору үксүлэрин көрөр-билэр этим. Ороһу былыр былыргаттан күүстээх дьоннор үөскээн ааспыт сирдэринэн буолар. Куукула Мэхээлэ. Ол Куукула Мэхээлэ диэн күүстээх киһи үөскээн ааспыт. Кини оччотооҕу нүкэн үйэҕэ төрөөбүт буолан элбэхтик күүһүн биллэрбэтэх. Ол […]
Тыыл, үлэ ветераннара Васильева А.С. 2 ч., Саньяхова М.В., Тимофеева М.В. уонна Власьева У.Н. ахтыылара
Тыыл ветерана Васильева Анастасия Семеновна ахтыытын 1 чааһа
Тимофеев Федор Тимофеевич – Биэчэрэ “Аллы-Дуллу” олоҥхотуттан быһа тардыы
“Аллы-Дуллу” олоҥхоттон быһа тардан бэчээттэнэр Тимофеев Федор Тимофеевич – Биэчэрэ “Аллы-Дуллу” олоҥхотуттан быһа тардан В.Чиряев 1936 сыллаахха “Кыһыл ыллык” (билиҥҥинэн “Чолбон”) сурунаал бастакы нүөмэригэр латыын алпаабытынан бэчээккэ таһаарбыта. “Аҕата оччотооҕуннан балачча үөрэхтээх, бар дьонун олоҕор кыһанар, олоҥхоһуттары – остуоруйаһыттары истиинэн чахчы үлүһүйэр киһи эбит. Ол аҕатыгар мустар олоҥхоһуттары кыракый Валерий наһаа сэргээн истэр, сөҕөр-махтайар эбит. […]
Тимофеев Федор Тимофеевич – Биэчэрэ “Аллы-Дуллу” олоҥхотуттан быһа тардан Валерий Чиряев сурукка киллэрбититтэн
“Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ” “Ороһулар кэпсииллэр” рубрикаҕа Быккасовтар дьиэ кэргэннэрэ
Гольдеров Василий Федотович (Ороһу Уола) — саха поэта, суруйааччыта 90 сыллаах өрөгөйүн көрсө “Өйтөн сүрэхтэн сүппэтэх эбиккит” – диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай-музыкальнай дьүһүйүү күрэҕин түмүгэ
Поэт,прозаик Василий Гольдеров -Ороһу Уола айымньыларынан, төрөөбүтэ 90 сылыгар анаммыт “Өйтөн-сүрэхтэн сүппэтэх эбиккит”- республиканскай күрэххэ кыттыыны ылбыккытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Барҕа баай саха тылын баһылааҥ! Ийэ тылбыт илгэтин , Айыы тылбыт алгыһын Өйгүтүгэр-сүрэххитигэр иҥэриҥ! Саха уус уран литературатын Сэргээн-таптаан ааҕыҥ! Саха омук Сээркээн сэһэнин,Устуоруйатын чинчийиҥ! Устар ууну сомоҕолуур Улуу олоҥхотун умсугуйуҥ! Сайдар сарсыҥҥылаах, Сайдам айылгылаах, […]