Гольдеров Василий Федотович (Ороһу Уола) — саха поэта, суруйааччыта 90 сыллаах өрөгөйүн көрсө “Өйтөн сүрэхтэн сүппэтэх эбиккит” – диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай-музыкальнай дьүһүйүү күрэҕин түмүгэ

Поэт,прозаик Василий Гольдеров -Ороһу Уола айымньыларынан, төрөөбүтэ 90  сылыгар анаммыт  “Өйтөн-сүрэхтэн сүппэтэх эбиккит”- республиканскай күрэххэ кыттыыны ылбыккытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Барҕа баай саха тылын баһылааҥ!

Ийэ тылбыт илгэтин ,

Айыы тылбыт алгыһын

Өйгүтүгэр-сүрэххитигэр иҥэриҥ!

Саха  уус уран литературатын

 Сэргээн-таптаан ааҕыҥ!

Саха омук

Сээркээн сэһэнин,Устуоруйатын чинчийиҥ!

Устар ууну сомоҕолуур

Улуу олоҥхотун умсугуйуҥ!

Сайдар  сарсыҥҥылаах,

Сайдам айылгылаах,

Айар  аартыктаах дьоһун -мааны

Дьон буола улаатан тахсыҥ!

 Сахабыт  Сирин сайдыытын саргылаһыҥ!

Үүммүт үйэбит үтүөтүн,кэрэтин үксэтин!

Саргылаана Гольдерова – Саргы Куо

Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар:

1 миэстэ – Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччилэрэ, салайааччы Данилова Л.В. – приз 3000 солк.

2 миэстэ – Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү орто оскуолатын алын кылаас үөрэнээччилэрэ, салайааччы Софронова М.И. – приз 2000 солк.

3 миэстэ – Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан орто оскуолатын 4 кл. үөрэнээччилэрэ, салайааччы Гаврильева Федора Исаевна. – 1000 солк.

Орто сүһүөх кылаас оҕолоругар:

1 миэстэ – Үөһээ Бүлүү улууһун, Дүллүкү орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ, салайааччы Афанасьева А.И. – приз 3000 солк.

2 миэстэ – Таатта улууһун, Ытык Күөл сэлиэнньэтин “Кустук” оҕо образцовай театральнай коллектива, салайааччы Татьяна Иванова. – приз 2000 солк.

3 миэстэ – Үөһээ Бүлүү улууһун, Ороһу орто оскуолатын “Кустук” уолан бөлөҕө, салайааччылар Кондакова Л.П., Осипова С.А. – приз 1000 солк.

Туоһу сурук – Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Иванова Нарыйа, Терентьева Чэмэлиинэ, Попова Эвелина – приз 1000 солк.

Улахан кылаас оҕолоругар:

Анал бириис – Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан орто оскуолатын 10-11 кылааһын уолаттара – приз 1000 солк.

Улахан дьоҥҥо:

1 миэстэ – Борисова Вера Афанасьевна, Амма улууһа, Мээндиги нэһилиэгэ. – приз 4000 солк.

2 миэстэ – Иванов Д.Е. – Артыыс Миитэрэй аатынан Ороһутааҕы народнай театр, Үөһээ Бүлүү улууһун, Ороһу нэһилиэгэ. – приз 3000 солк.

2 миэстэ – Терентьева Галина Васильевна, Үөһээ Бүлүү улууһун, Тамалкаан нэһилиэгэ. – 3000 солк.

3 миэстэ – Бубякина Прасковья Романовна, Амма улууһа, Эмис нэһилиэгэ. 1000 солк.