“Аллы-Дуллу” олоҥхоттон быһа тардан бэчээттэнэр
Тимофеев Федор Тимофеевич – Биэчэрэ “Аллы-Дуллу” олоҥхотуттан быһа тардан В.Чиряев 1936 сыллаахха “Кыһыл ыллык” (билиҥҥинэн “Чолбон”) сурунаал бастакы нүөмэригэр латыын алпаабытынан бэчээккэ таһаарбыта.
“Аҕата оччотооҕуннан балачча үөрэхтээх, бар дьонун олоҕор кыһанар, олоҥхоһуттары – остуоруйаһыттары истиинэн чахчы үлүһүйэр киһи эбит. Ол аҕатыгар мустар олоҥхоһуттары кыракый Валерий наһаа сэргээн истэр, сөҕөр-махтайар эбит. Бэл хойут, улааттар сааһырдар, биллэр поэт буоллар даҕаны, миэхэ Тимофеев – Биэчэрэ олоҥхо бухатыырын сирин- дойдутун хоһуйаары:
…Таллаан куоҕас
Таҥары хахааран түспүтүн курдук
Тараас таас
Хайалардаах эбит!” – диэбитин дьиктиргээн, куоҕаһы кытта хайаны холбуура уустугуттан саллан, хаста да санатан ырыта сатыыра. Мээнэ оҕо итини “хаппыгар хатана” охсубата буолуо…” (Петр Тобуроуоков “Сахаада” хаһыакка таһаарбыт ыстатыйатыттан).
Тимофеев Федор Тимофеевич – Биэчэрэ Бигиэс аҕатын ууһуттан төрүттээх Хонтууска – Тимофей Ороһуга олорбут. Кини сэттэ оҕолоох үһү. Саамай улахан уола Тимофеев Федор (Биэчэрэ) үрдүк уҥуохтаах, уурбут-туппут курдук эттээх-сииннээх, сытыы, күүстээх киһи эбит. Киһи быһыытынан сымнаҕас, туохха да уолуһуйбат үтүө майгылаах, киһи кэрэмэһэ буолар. Биэчэр аатырбыт олоҥхоһут, оһуохайдьыт уонна остуоруйаһыт эбит. Нэһилиэк үөрүүлээх күннэригэр оскуолаҕа ыҥыран олоҥхолотоллор, остуоруйалатар эбиттэр.
Ороһу нэһилиэгэ, хомуйан оҥордо Н.Н. Михайлова.