Ахсынньы 6 күнүгэр Ороһу нэһилиэгэр дириҥ суолталаах биир бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Бу күн “Холкуос галереята” бар дьоҥҥо сүрэхтэннэ. “Туох дьикти ааттаах галереятын Ороһулар арыйдылар?”, – диэн ыйыппыттарыгар: “Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ учууталларын кытары кылаат булбуттар”, – диэтим. “Ол туох кылаатын булбуттарый?”, – диэн ыйытыкка субу курдук сэһэргиибит.
“Ороһу оскуолатын иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Татьяна Гаврильевна Кысылбаикова көҕүлээһининэн хас биирдии кылаас тумус туттар биир дойдулаахтарбыт ааттарын сүгэр үтүө үгэстээхтэр. Осипова Сардана Алексеевна салайбыт И.К. Лазарев аатынан кылаас оҕолоро маяк ыанньыксыт Ульяна Лазарева портретын ким, хаһан уруһуйдаабытын быһааран нэһилиэкпитигэр биир дьикти устуоруйа кэрчигин биллибит.
Биллэр ыанньыксыт Ульяна Семеновна портретын “Хотун Бүлүү” монумент ааптара биир дойдулаахпыт Егор Крылатов уруһуйдаабыт. Онтон салгыы нэһилиэкпит кулуубугар 1960-80 сылларга 20-чэ Ороһубут үлэ маяктарын мэтириэттэрэ турбуттар. Олортон 5-6 эрэ киһи ааттара биллибитэ. Дьонтон ыйыталаһан галерея дьылҕатын ситэри арыйбыппыт. Дьокуускайтан партийнай делегация кэлэн: “Бу тоҕо политбюро чилиэннэрин хаартыскаларыттан улахан мэтириэттэр туралларый? Сатабыла суох көстүү! Суох гыныҥ!” – диэн ыллаттаран кэбиспиттэр. Итинтэн ыла хартыыналар ыһыллыбыттар: сорохторо кулууп сарайыгар сыппыттар, сорохторун дьон харыһыйан дьиэлэригэр илдьибиттэр. Биир хартыына кичэллээхтик Үөһээ Бүлүүтээҕи музейга туттарыллыбыт (бостуук Лаврентий Малахаевы Михаил Лукин уруһуйдаабытын быйыл Кэнтиктэр колхознай галереяларын быыстапкалыылларыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи түмэл пуондатыттан тахсыбыт биллибэт хартыыналартан көһүннэ). Онон, кыраайы үөрэтээччи Михаил Капитонович Котоконов: “Соҕотох Егор Крылатов уруһуйдара буолбакка, Дьокуускайтан улахан худуоһунньук ыҥырыллан кэлэн уруһуйдаабыта”, – диирэ оруннаах буолла.
Ороһу кулуубугар бу портреттартан ураты В.А.Кандинскай Саһыл Сыһыытааҕы кыргыһыыны уруһуйдаабыта турбута биллибитэ. Ол эбэтэр иккистээн уруһуйдаммыт хартыына билигин Амматааҕы Гражданскай сэриигэ аналлаах түмэлгэ турар.
Бу барыта 1959 с. Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн колхознай галереялары тэрийии туһунан тахсыбыт укааска олоҕуран Саха сирин худуоһунньуктарын сойууһун салайааччыта Михаил Васильевич Лукин көҕүлээн 1961-1965 сылларга И.В. Сталин (Сунтаар Тойбохойугар), С.С.Яковлев-Эрилик Эристиин (Чурапчы Хоптоҕотугар), И.Я.Строд (Амма Абаҕатыгар), И.Н.Барахов (Үөһээ Бүлүү Намыгар), К.К.Байкалов (Мэҥэ-Хаҥалас Бүтэйдээҕэр) ааттарынан колхозтарга галереялар тэриллибиттэр.
Михаил Лукин уонна Егор Крылатов оҥорбут сүдү галереяларын тилиннэрэр сорук турбута. Биир дойдулаахпыт Саха сирин уонна Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Новгородова (Гольдерова) Кристинаны көрдөһөн сыл кэриҥэ уруһуйдаата. Саҥаттан тыыннаммыт галереяны Барахаап сопхуос түмэр ыһыаҕар быыстапкалаатыбыт. Онон Кристина Афанасьевна сөбүлэһэн эбии галереяны хаҥатар үлэ барар.
Мантан сиэттэрэн Ороһу, Кэнтик, Нам оскуолаларын оҕолорунаан биир сыал-сорук оҥостон бу Михаил Лукин тэрийбит ураты сүүрээнин сөргүтэр туһуттан саҥа галереяны илдьэ бу 1961-1965 сылларга оҥоһуллубут колхоз галереяларын (бары 60 сыллаах үбүлүөйдэрэ) кэрийэр айаҥҥа турунуохпутун баҕарабыт.”

“Бырайыак сүрэхтэниитин түстээбит, Ороһубут биир чаҕылхай, ис сүрэҕиттэн сырдык сүүрээни түстүүргэ бэриниилээх киһибит, Ороһу орто оскуолатын учуутала “Ороһу колхоһун галереятын” оҥотторбут Сардаана Николаевна Васильева буолар.
Бу бэлиэ күн бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын, сэмэй бэлэхтэрин кэлэн үллэстэн аастылар Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлин салайааччыта Изабелла Петровна Саввинова, Чап уустарын түмэлин дириэктэрэ Анна Васильевна Алексеева-Ойурова уонна кини үлэһитэ Любовь Алексеевна Васильева, Үөһээ Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмсүү салайааччыта, Саха сирин кэнгириэһин Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын салайааччыта Бурхалей Степанович Макаров. Ороһутааҕы орто оскуола учууталлара Сардаана Алексеевна Осипова, Люция Петровна Кондакова.



Галереяны арыйар үрдүк чиэскэ тигистэ Ороһу орто оскуолатыгар өр сылларга учууталлаабыт, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ, “Күбэйэ” түмсүү тэрийээччитэ Ксения Самсоновна Власьева. Оччотооҕу дьону илэ хараҕынан көрбүт, алтыспыт киһи быһыытынан портреттар олус табыллыбыттарын, чахчы илэ көрөн олороллор курдук диэн бэлиэтээтэ.
Өрүү, хайа баҕар саҕалааһыҥҥа, тэрээһиннэргэ өйөбүл буолар, Ороһубут нэһилиэгин Аҕа баһылыгар Анатолий Васильевич Антоновка барҕа махтал. Хартыыналар Москваттан кэлэр проезтарын олохтоох дьаһалта бырайыагы өйөөн төлөөбүтэ олус диэн хайҕаллаах. Ылбаҕай ырыанан киэргэппит Үөһээ Бүлүү Олоҥхо дьиэтин үлэһитигэр Николай Борисовка кини атаһыгар эдэр кэскиллээх ырыаһыкка Үөһээ Бүлүү норуот айымньытын киинин үлэһитигэр Айан Саввиновка, тэрийээччилэргэ, Ороһу сынньалаҥ киинин сүрүн үлэһиттэригэр, өрүү биир курдук үлэлээн тэрийсибиккитигэр, Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр, “Тулуйхан” лааҕырын иитиллээччилэригэр көхтөөх кыттыы ылбыккытыгар, дьоро киэһэбитин киэргэппитигэр барҕа махтал!”, – диэн сынньалаҥ киинин директора Анна Иванова тэрээһин туһунан сэһэргиир.






Бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинин эркинин 35 үлэ дьоруойун портрета киэргэтэр. Эдэр худуоһунньук Кристина Новгородова суруйбут портреттара, оччотооҕу күүрээннээх үлэ үөһүгэр сылдьыбыт үтүө дьоммут сырдык мөссүөнүн, олоххо дьулуурдаах хараҕын уотун чопчу, бэккэ табан биэрбит диэн бэлиэтиибит. Портретнай живопись диэн ускуустуба биир уустук көрүҥэ буолар. Ыллыҥ даҕаны киһи мөссүөнүн түһэрэн ылбаккын, портрет нөҥүө киһи майгыта-сигилитэ, бэл ханнык кэмҥэ олорон ааспыта көстүөхтээх.
Үлэ-хамнас күүрээннээх күннэригэр олохтоммут, үлэ киһитин чахчы өрө тутар аналлаах “Холкуос галереята” историята биллибитэ, сөргүтүллүбүтэ биһиги нэһилиэкпитигэр улахан кылаат буолар. Иннкитин кэлэр көлүөнэ эдэр дьон бу маннык күүстээх үлэһит дьонноох этибит диэн көрөн холобур оҥостоллоругар дьоһуннаах бырайыак. Онон бу күннэргэ аймах билэ дьоҥҥутун, оҕолоргутун илдьэ кэлэн хайаан да галереяны кэлэн көрөн барыҥ диэн ыҥырабыт. Галереяны ахсынньы 20 күнүгэр диэри, сарсыарда 10.00 ч. киэһэ 17.00 ч. диэри кэлэн көрүөххүтүн, билсиэххитин сөп.
Сардаана Васильева
Анна Иванова
Жанна Иванова
Екатерина Котоконова хаартыскаҕа түһэриилэрэ