Ороһуга Сардаана Трофимова ыалдьыттаата
Улууспут дьаһалтатын уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим көҕүлээһиннэринэн хас вторник аайы улууспутугар “Доруобуйа күнүнэн” биллэрилиннэ. Балаҕан ыйын 10 күнүттэн саҕалаан хас биирдии коллектив, нэһилиэктэр бука бары чэбдигириигэ аналлаах тэрээһиннэри ыыталлара күүтүллэр. Биһиги Ороһубут нэһилиэгэр улуус ыҥырыытын өйөөн оскуолабыт директора Никонов Прокопий Устинович уонна директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Кысылбаикова Татьяна Гаврильевна көҕүлээһиннэринэн киэн туттар биир […]
Улууспутугар “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” бырайыак
Киһи уларыйа турар айылгылаах, бэйэтин этэ-сиинэ чиргэл, өй-санаата чөл туруктаах буолуон баҕарар буоллаҕына, болҕомтотун олоҕун тутулугар уонна ис туругар ууруох тустаах. Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим көҕүлээһининэн балаҕан ыйын 10 күнүттэн хас биирдии нэһилиэккэ, тэрилтэлэргэ доруобуйа күнэ тиһигин быспакка ыытыллара күүтүллэр. Киһи доруобуйатын туруга кини олоҕор сабыдыаллыыр араас төрүөттэн турар. […]
Кинигэ презентацията.
Ыам ыйын 11күнүгэр Ороһутааҕы культура дьиэтигэр Саха сирин Автономията тэриллибитигэр анаан ” Сүүс сылга – сүүс санаа” диэн Жанна Иванова уонна Нина Михайлова кинигэ – альбомнарын сүрэхтэниитэ буолла. Олохтоохтор кинигэ тула бэйэлэрин тус санааларын үллэһиннилэр, махталларын тиэртилэр. Кинигэҕэ оҕолортон саҕалаан, кырдьаҕаһыгар тиийэ, бэйэлэрин сүрэхтэригэр төрөөбүт Ороһуларыгар тапталларын, киэн туттууларын суруйан үйэлэргэ хаалларбыттар. Бу кинигэ уратыта […]
Кыайыы күнүн уруйдуубут.
Пасха нэдиэлэтэ
Православнай итэҕэллээхтэр ыам ыйын 5 күнүгэр пасха бырааһынньыгын бэлиэтииллэр. Онтон бу күнтэн саҕалаан” православная седмица” диэн ыам ыйын 12 күнүгэр дылы биирдии күннэринэн тус – туспа суолталаахтарын киһи барыта билбэт. Бүгүн ” Иэйиэхсит” түмсүү оҕолоругар салайааччы Михайлова Н.Н. көҕүлээһиһининэн бу нэдиэлэҕэ анаан бэсиэдэ ыытылынна. Оҕолор пасха сымыытын кырааскалаатылар уонна бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.
“Кыайыы түннүгэ” акция
Бүгүн, Ороһутааҕы Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотекаҕа бүтүн Россиятааҕы “Кыайыы түннүктэрэ ” акцияҕа кыттыһан Ороһу орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн библиотека түннүктэрин бэйэлэрэ оҥорбут открыткаларынан уонна эйэ холууптарынан киэргэттилэр. Библиотека истиэнэтигэр ону тэҥэ, улуу сирдьиппит И.В.Сталин уонна Улуу Кыайыы маршала Г.К.Жуков мэтириэттэрэ ыйаннылар. Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит истиэнэбитигэр “Күбэйэ” эбээлэрэ кэлэн эйэни түстүүр ырыаны күргүөмүнэн өрө […]
Кыайыы күнүн көрсө.
Библионочь – 2024
Ороһутааҕы Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотека(Котоконова Е.К.,Михайлова Н.Н,Саввинова М.А.),Чиряев К.С.аатынан норуот педагогикатын музейа ( Павлова Т.П.),оскуола библиотеката ( Константинова Д.С.),”Атах” түөлбэ ( Васильева С.В.),”Саҥа Кустук”,”Илин Эбэ”, кыттыһан муус устар 20 чыыһылатыгар Россия үрдүнэн 13-с төгүлүн ыытыллар библионочь ыыттыбыт. Тэрээһин үөрүүлээх чааһын суруналыыс,тылбаасчыт Николаев Владимир Тимофеевич “Дьулуруйар Ньургун Боотур” нууччалыы тылбаастанан тахсарыгар,нууччалыы барылын( подстрочник),ону кэккэ “Хара […]
Айыыһыт ыйыгар аналлаах тэрээһин
Бүгүн, муус устар 16 күнүгэр, Ороһутааҕы Уйбаан Ороһуунускай аатынан, Ороһутааҕы модельнай библиотекаҕа “Иэйиэхсит” о5о бөлөҕүн иитиллээччилэригэр айыыһыт ыйыгар аналлаах тэрээһин ыытылынна. Айыыһыт саха киһитин олоҕор суолтатын быһааран, өйдөтөн кэпсээтэ Михайлова Н.Н . Оҕолор түөлбэннэн олорон төрөөбүт дойдуларын төһө билэллэригэр куоталастылар. Айыыһыппыт ыйа үтүөнү эрэ түстээтин.