Кинигэ презентацията.

Ыам ыйын 11күнүгэр Ороһутааҕы культура дьиэтигэр Саха сирин Автономията тэриллибитигэр анаан ” Сүүс сылга – сүүс санаа” диэн Жанна Иванова уонна Нина Михайлова кинигэ – альбомнарын сүрэхтэниитэ буолла. Олохтоохтор кинигэ тула бэйэлэрин тус санааларын үллэһиннилэр, махталларын тиэртилэр.
Кинигэҕэ оҕолортон саҕалаан, кырдьаҕаһыгар тиийэ, бэйэлэрин сүрэхтэригэр төрөөбүт Ороһуларыгар тапталларын, киэн туттууларын суруйан үйэлэргэ хаалларбыттар.

Бу кинигэ уратыта диэн, ааспыт кэми кэрэһэлиир , саһарбыт хаартыскалар сылларынан наарданан, биир дойдулаахтарбыт хайдах үлэлээн – хамсаан,
кэрэни кэрэхсээн кэлбиттэрэ – оччотооҕу кэм чаҕылхай туоһулара буолаллара саарбаҕа суох.