Киһи уларыйа турар айылгылаах, бэйэтин этэ-сиинэ чиргэл, өй-санаата чөл туруктаах буолуон баҕарар буоллаҕына, болҕомтотун олоҕун тутулугар уонна ис туругар ууруох тустаах.
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим көҕүлээһининэн балаҕан ыйын 10 күнүттэн хас биирдии нэһилиэккэ, тэрилтэлэргэ доруобуйа күнэ тиһигин быспакка ыытыллара күүтүллэр.
Киһи доруобуйатын туруга кини олоҕор сабыдыаллыыр араас төрүөттэн турар. Ол курдук, удьуор ситимиттэн, мэдиссиинэттэн, экологияттан уонна биллэн турар, киһи бэйэтин доруобуйатыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыытыттан тутулуктаах.
Инникитин тэрээһиннэр көхтөөхтүк баралларын туһугар бу сигэни баттаан биһиги кылгас социальнай ыйытыкпытыгар хоруй биэрэгитигэр ыҥырабыт: