Муус устар 23 күнүгэр библиотекабытыгар кыраайы үөрэтээччи Васильева Сардаана Николаевна уонна Ороһу орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Арчылаана Васильева “Биир уураах уонна Ороһу дьонун дьылҕата” диэн, олус дириҥ ис хоһоонноох чиничийиилэрин түмүгүн бар дьоҥҥо иһитиннэрдилэр.

Саха сиригэр биллэр судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл Гаврил Иосифович Чиряев Үөһээ Бүлүүбүтүгэр райком бастакы сэкиритээринэн 1951-1958 сылларга улэлээбитэ. Бу кэмҥэ өрө тахсылаахтык үлэ барбытын түмүгэр элбэх киһи наҕараадаламмыт. “Чап уустара” түмэл хараанньыта Любовь Алексеевна Васильева Национальнай архыыпка Гаврил Иосифовичка сыһыаннаах матырыйааллары көрдүү сылдьан Yөһээ Бүлүүтээҕи партия райкомун бюротун 1957 с. от ыйын 26 кунунээҕи 22 Nº боротокуолун уурааҕын булбут. Ол булуллубут докумуону Ороһу историятыгар туох суолталааҕын Сардаана Николаевна үөрэнээччитин кытары араас источниктары хасыһан буллулар.
Бу үрдүкү наҕаарадаларынан чахчы да Ороһубут киэн туттар дьоно бэлиэтэммиттэр: Варфоломеева Агафья Никифровна, Магдисов Семен Васильевич, Иванов Тарас Иванович, Васильев Капитон Николаевич, Гольдман Абрам Сипиридонович уонна Крылатов Семен Николаевич. Чинчийии түмүгүнэн Гаврил Иосифович салайан олорбут кэмигэр Ороһубут нэһилиэгэр күүстээх-үлэ хамнас барыбыта чуолкайдаммыт. Бу чинчийии Ороһубут нэһилиэгин 125-сыллаах өрөгөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэргэ сүдү суолталаах буолар. Эдэр чиничийээччигэ уонна кини уһуйааччытыгар инниктин да үгүс ситиһиилэри, саҥа арыйыылары баҕарабыт!
Жанна Иванова