“Үөһээ Бүлүүм үүнэ-сайда, туругура тур”- улууспут тэриллибит күнүгэр аналлаах, нэһилиэктэрин историятыттан викторина:

Ороһу нэһилиэгэ: Петр Николаевич Тобуроков кими хоһуйан суруйбутай? Оччо-бачча аатырбатар, Сүрэҕинэн поэт этэ, Түгэн буллар, быыс буоллар, Суруйан иһиэхтээҕэ. Өр сылларга редактор, Идэтийбит журналист, Хайаатар да сурунар Киниискэлээх буолуохтааҕа. Онтон, муҥар, биир эмэ илиис Синиэлигэр хаалыахтааҕа. Булчут этэ. Сынньалаҥҥа Ол туһунан саныахтааҕа,                                          Күһүҥҥү муус буһукка Сылдьыбытын ахтыахтааҕа. Доҕоттоор, дьэ, ким эмэ Билэргит дуо кинини, политрук, […]

Поэт, суруйааччы, биир дойдулаахпыт Василий Гольдеров – Ороһу Уола айымньыларын онлайн-форматка бу сигэлэри баттаан киирэн ааҕаргытыгар ыҥырабыт:

https://e.nlrs.ru/online2/18821 https://e.nlrs.ru/online2/32949 https://e.nlrs.ru/online2/32950 https://e.nlrs.ru/online2/32938 https://e.nlrs.ru/online2/32934 https://e.nlrs.ru/online2/32947 https://e.nlrs.ru/online2/32948 https://e.nlrs.ru/online2/32935 https://e.nlrs.ru/online2/47502 https://e.nlrs.ru/online2/14281

Гольдеров Василий Федотович (Ороһу Уола) — саха поэта, суруйааччыта 90 сыллаах өрөгөйүн көрсө “Өйтөн сүрэхтэн сүппэтэх эбиккит” – диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай-музыкальнай дьүһүйүү күрэҕин балаһыанньата

Күрэх тэрийээччилэрэ: В.Ф. Гольдеров оҕолоро, сиэннэрэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим Ороһутааҕы Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотеката, “Иэйиэхсит” оҕо общественнай түмсүүтэ. Күрэх сыала-соруга: В.Ф. Гольдеров айымньыларын киэҥ араҥаҕа тарҕатыы; Эдэр көлүөнэҕэ саха уран тылын кэрэтин уһуйуу; Айымньыны саҥа хараҕынан, аныгытытан көрүү; Күрэх ирдэбиллэрэ: В.Ф. Гольдеров ханнык баҕарар айымньытын литературнай-музыкальнай дьүһүйүү халыыбынан тиэрдии; Күрэххэ киирэр үлэ […]