“Үөһээ Бүлүүм үүнэ-сайда, туругура тур”- улууспут тэриллибит күнүгэр аналлаах, нэһилиэктэрин историятыттан викторина:

Ороһу нэһилиэгэ:

Петр Николаевич Тобуроков кими хоһуйан суруйбутай?

Оччо-бачча аатырбатар,

Сүрэҕинэн поэт этэ,

Түгэн буллар, быыс буоллар,

Суруйан иһиэхтээҕэ.

Өр сылларга редактор,

Идэтийбит журналист,

Хайаатар да сурунар

Киниискэлээх буолуохтааҕа.

Онтон, муҥар, биир эмэ илиис

Синиэлигэр хаалыахтааҕа.

Булчут этэ. Сынньалаҥҥа

Ол туһунан саныахтааҕа,                                         

Күһүҥҥү муус буһукка

Сылдьыбытын ахтыахтааҕа.

Доҕоттоор, дьэ, ким эмэ

Билэргит дуо кинини, политрук, боец бэрдэ,

Саха туйгун киһитин?